Кэлиҥҥи кэмҥэ дьиҥ сахалыы куттаах-сүрдээх, тимири уһаарар, маһынан уһанар ыччат үксээтэ. Кинилэр быһах охсоллор, дьүрүскэн дорҕоонноох хомуһу уһааран таһаараллар. Мин бүгүн билиһиннэрэр киһим Таатта улууһун Чымнаайытыттан төрүттээх тимир ууһа Эдуард Тарабукин буолар.
– Эдуард, хантан хааннааххын кыратык билиһиннэрэ түс эрэ…
– Мин оҕо сааһым кэрэ, мааны айылҕалаах Чымнаайы нэһилиэгэр ааспыта. Аҕам Эдуард Герасимович Тарабукин диэн талааннаах баянист этэ. Ийэм Капиталина Никтополионовна диэн. Ийэм өттүнэн мас, муос, тимир уустара бааллар. Аҕам өттүнэн аймахтарбыт үксэ муусука эйгэтигэр сыһыаннаах дьон. Ону сэргэ, ийэм өттүнэн аатырбыт Саха сирин бастакы худуоһунньуга Иван Васильевич Попов хос эһээм буолар. Миэхэ оҕо эрдэхпиттэн төрөппүттэрим: «Иван Попов диэн худуоһунньук төрүттээххин”, – диэн кэпсииллэрэ. Худуоһунньук сыдьаанабын диэн сананарбыттан эбитэ дуу, өбүгэ тардылыга эбитэ дуу, тоҕо эрэ оҕо сааспыттан уруһуйдуурбун наһаа сөбүлүүрүм. Талааннаах өбүгэлэрдээх киһи күүс-уох ылар, бэйэтигэр эрэллээх буолар эбит. Киһи өбүгэлэрин кытта өйүнэн-санаатынан алтыһар дии саныыбын.
– Уһаныы уустук уонна умсугутуулаах эйгэтигэр хаһааҥҥыттан үлэ курдук ылсан саҕалаабыккыный?
– Аан бастаан ювелирынан саҕалаабытым. Дьокуускайдааҕы 16-c СПТУ-га үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран тимири чапчыйан уһааран саҕалыырбар, дьиэ кэргэммин иитиэхтээхпин, харчы оҥоруохтаахпын диэн санааттан бу эйгэҕэ кэлбитим. Киэргэли оҥоруунан дьарыктаммытым. Ол кэннэ саха быһахтарын оҥорорго холоммутум. Хайдах эрэ наһаа умсугуйбатаҕым. Онтон хомуһу оҥорон саҕалыырбар тоҕо эрэ тыаһын наһаа сөбүлээбитим. Улам бу идэбэр умсугуйан туран ылсыбытым, сыыйа ылларбытым. Миигин хомус оҥорорго Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх Роман Готовцев үөрэппитэ. Хомус оҥорор уус бэйэтэ тыаһатан көрөр, син биир килиэп буһарар киһи тиэстэтин амсайарын курдук, онон дорҕооннорбун тыаһатан көрө-көрө оҥоробун. Тональнаһын талабын. Ким эрэ улахан тыастааҕы, ким эрэ наҕыл соҕуһу сөбүлүүр. Билигин дьиэм таһыгар гарааспар кыһа оҥостон уһанабын.
– Хомустаргын кимнээххэ анаан оҥороҕун?
– Мин хомустарбынан виртуоз хомусчуттар да, саҥа саҕалаан эрэр да дьон оонньууллар. Айылҕалаах дьон эмтииллэригэр ылар буоллулар, ону сэргэ көннөрү дьон санааларын сааһылыылларыгар, турукка киирэллэригэр ылаллар. Хомус тыаһа чараас эйгэҕэ үлэлиир, эмтиир, арчылыыр дииллэр. Бэйэм эмиэ кэнники оҥоро да, тыаһата да олорон билэрбинэн, дьолу, олохтон дуоһуйууну, таптал туругун биэрэр эбит.
– Ойуун уус кыһатыттан куттанар, онон уус ойуунтан үрдүк диэн суруйалларын аахпыттааҕым. Манна эн санааҥ.
– Ойуун ууһу кытта норуот, дьон-сэргэ туһугар тэҥҥэ үлэлэһэр буоллаҕа. Ойуун таҥаһын уус оҥорон биэрэр, оттон ойуунуҥ ууска чараас эйгэни көрдөрөн, арыйан биэрэрэ буолуо, онон ойуун уус кыһатыттан куттанар диэни ылыммаппын.
– Эдуард, уһаныы, тимири уһаарыы – эн сүрүн үлэҥ, күннээҕи килиэбиҥ, сөбүлүүр дьарыгыҥ, нууччалыы эттэххэ, хоббиҥ буоллаҕа.
– Сөбүлүүр дьарыгым, сатабылым, итэҕэлим барыта үлэбэр түмүллэр. Маны таһынан, сөбүлүүр дьарык быһыытынан эксклюзивнай чаһылар циферблаттарыгар араас сахалыы ойуулары түһэрэбин. Сахалыы ойуу – харысхал кэриэтэ.
Санаттахха, олунньу 23-24 күннэригэр Дьокуускайга “Куруһаала” атыы-эргиэн дьиэтигэр “Дархан Уус” быыстапка буолан ааста.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…