Ээйиккэ электроыстаансыйа уонна хочуолунай үлэҕэ киирдилэр

Бүгүн, тохсунньу 14 күнүгэр, Өлөөн эбэҥки национальнай улууһун Ээйик сэлиэнньэтигэр үөрүүлээх тэрээһин буолла. Ол курдук, дизельнэй автоматизированнай электроыстаансыйа уонна «Солнечнай» диэн хочуолунай үлэҕэ киирдилэр.
Электроыстаансыйаны «Сахаэнерго» ААУо тутан үлэҕэ киллэрдэ. Тутуу үлэтэ былырыын саҕаламмыта. Ыстаансыйа 7 дизельнэй генератордаах. Маны тэҥэ, икки трансформаторнай подстанция туруоруллубутун сэргэ уот саҥа ситимэ тардыллара ситиһиллибит. «Солнечнай» диэн саҥа хочуолунай 89 чааһынай дьиэни сэргэ биэс социальнай суолталаах эбийиэги итиинэн хааччыйар.
Саҥа дизельнэй ыстаансыйаны уонна хочуолунайы аһар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ олохтоохтору видео-сибээс көмөтүнэн СӨ Бырабыыталастыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников: «Энэргиэтиктэр уонна хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ дьоһуннаах үлэни үмүрүттүлэр. Бу эбийиэктэр Ээйик олохтоохторо олохторо-дьаһахтара тупсарын туһугар уһуннук сулууспалыахтара диэн эрэнэбин», — диэн эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Өлөөн улууһун баһылыга Лена Иванова эҕэрдэ тылыгар Ээйиккэ икки сүрүн эбийиэк сайын ардах тохтообокко кутар кэмигэр тутуллубутун санатан туран, энэргиэтиктэргэ уонна хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэригэр ис сүрэҕиттэн махталын тиэртэ. Ону тэҥэ, Ил Дархан Айсен Николаев, СӨ Бырабыыталастыбата Өлөөн улууһа сайдарын туһугар сөптөөх өйөбүлү оҥороллорун бэлиэтээн эттэ.
Санатар буоллахха, Ээйиккэ саҥа эбийиэк тутуллубатаҕа 20-чэ сыл буолбут.











Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: