Ефрейтор Андрей Григорьев Арассыыйа Дьоруойа буолла

Share

«Тута» диэн позывнойдаах Андрей Григорьев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылла.

Андрей Григорьев хорсун быһыытын аан дойду дьоно бары билэр, кинини Арассыыйа саллаатын дьиҥнээх идеала диэн билиннилэр. Соҕотоҕун биир-бииргэ киирсэн өстөөх саллаатын кыайыыта уонна киһи сиэрин-майгытын ыһыктыбакка,  өлөөрү сытар киһи бүтэһик көрдөһүүтүн толоруута улахан ытыктабылы ылла. Киниэхэ анаан элбэх хоһоон, ырыа айылынна. Кини курдук дьон Улуу Арассыыйаны күүстээх уонна бигэ туруктаах оҥороллор.

Санатар буоллахха, хорсун байыас өстөөҕү кытары биир-бииргэ киирсибит видеота тарҕаммытын кэнниттэн, өссө хас да күн устата сылдьан утарылаһааччылары, бронетехникалары суох оҥорбута, боеприпастаах ыскылааты эспитэ биллэр.

Сулууспалыыр кэмигэр «Тута» арахсыспат аргыһа саха быһаҕа буолбутун кэпсиир. Байыаннай дьайыыга саха быһаҕа биир ураты миэстэни ылар. Үгүс саллаат омугуттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох саха быһаҕа ураты тыыннааҕын, харыстыыр аналлааҕын бэлиэтииллэр.

Хорсун-хоодуот байыас хорсун быһыытын туһунан манна ааҕыҥ:

https://sakha-sire.ru/tyynnaah-haalar-tuhugar-tiihinen-da-byhagynan-da/

https://sakha-sire.ru/nurba-horsun-bajyaha-andrej-grigorev-esteeh-yskylaatyn-esterbitin-tuhunan-ajsen-nikolaev-intervyuga-kepseete/

What’s your Reaction?
+1
46
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа үөрэх дьылыгар ураты комплекс үлэҕэ киириэ

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэх комплексын үлэҕэ киллэрэр туһунан СӨ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Барыта фронт, барыта Кыайыы туһугар!

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сиригэр, сут-кураан, хоргуйуу-өлүү сатыылаабыт, ыар олох, ыар кыһалҕа ыга…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

49 кыраадыс тымныыга сүүрдүлэр

Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, "Тымныы полюһа -- Өймөкөөн" диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыҥҥы билгэлэр

Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинэ. Тутуу хаамыыта

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: Ойуун ыар дьылҕатын туһунан киинэ

Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…

7 часов ago