Егор Атласов мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйүөнэ буолла

Share

Уус Алдан улууһуттан спортсмен Егор Атласов  аан бастакытын успуорт карьератыгар мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйүөнүн аатын ылла.

Кини Монголияттан уонна Кыргызстантан күрэстэһээччилэри кытта күүстээх көрсүһүүлэргэ кииристэ. Саха сирин спортсмена Егор Атласов  90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Арассыыйа чиэһин көмүскээтэ.  Дойду чөмпүйүөнэ уонна өрспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтин боруонса призера Бишкекка күүстээх конкуренцияны көрүстэ.

Бастакы хапсыһыыга спортсмен Кыргызстан бэрэстэбиитэлин кыайбыта. Кинини кытта иккис эргииргэ Монголия спортсмена Унурбат Цецгее көрүстэ. Утарсааччыта тириэньэр Айсен Атастыров бэлэмнээбит спортсмена. Кини эмиэ Атласов тус тириэньэрэ буолар. Бу сырыыга Атастыров спортсмен утарсааччытын бэлэмнээбит буолан таҕыста. Күүстээх мас тардыһааччылар икки ардыларыгар интэриэһинэй киирсии, мөккүөрдээх түгэн таҕыста. Ол да буоллар  бэрт эрэйинэн кыайыы 2:1 ахсаанынан Атласовка тигистэ.

Финалга эмиэ тэҥ киирсии буолла. Кинини кытта Кыргызстан сүүмэрдэммит хамаандатын лидерэ Чыныбек уулу Русланбек утары таҕыста. Бастакы маһы Кыргызстан хамаандатын бэрэстэбиитэлэ ылбыта, кэлин иккитэ Атласов кыайбыта. Кини бастакытын аан дойду чөмпүйүөнэ буолла.

«Үс хапсыһыы барыта миэхэ уустук этэ. Барыта табыллынна, олус үчүгэй. Финалга киирсиилэр хойутаан буолуохтара дии санаабытым. Мин оннук эрдэ тахсарга бэлэмэ суох этим, ол иһин бастакы маһы биэрбитим. Ол гынан баран кыайдым. Манчаары оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттыахтаахпын», — диэн Атласов кэпсиир.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

23 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

42 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago