Егор Борисов: «Дугуйдан айанын кэмигэр саһыл истээх сонун этиттэн араарбата»
Кулун тутар 30 күнүгэр Өймөкөөн улууһун сылгыһыта Дугуйдан Винокуров Өймөкөөнтөн Магадан уобалаһын Сэйимчээнигэр атынан айаҥҥа туруммут соругун ситтэ.
Аатырбыт айанньыт икки атынан айаннаан тиийдэ. Экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуров бэйэтин эрэллээх доҕоро Хонор, иккиһэ – ыраах айаҥҥа аан бастаан туруммут Чэпчэкичээн. Өймөкөөн сылгыһыта тоҕо чуолаан Магадан туһаайыытынан айанныырын улуус баһылыга олунньу саҥатыгар суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Иннокентий Сивцев бу курдук быһаарбыта:
— Бастатан туран, быйыл Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын 7 тосхолуттан биирдэстэрэ – саха норуотун духуобунаһын түсчүттэрин аатын үйэтитии. Онон Өймөкөөнү дорҕоонноохтук ааттаппыт саха 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта, Өймөкөөн улууһун Тарын нэһилиэгиттэн төрүттээх Н.О. Кривошапкин уонна Өймөкөөнү иккис дойду оҥостубут саха норуотун улуу бөлүһүөгэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Сэйимчээҥҥэ айаннаабыт суолларынан айан бырайыага «Улуу дьон аартыктарынан» диэн сүрэхтэннэ.
Дугуйдан Винокуров Магадан уобалаһын Сэйимчээнигэр айаҥҥа турунуута быстах толкуй буолбатах. 1920 сыллаахха диэри бу бөһүөлэк сирэ-уота Байаҕантай улууһа буолан, Саха сирин састаабыгар киирсэрэ. Хомойуох иһин, былыр Өймөкөөнү кытта ыкса сибээстээх аныгы көлүөнэ сахалар, эбээннэр уонна эбэҥкилэр билигин бэйэлэрин силистэрин-мутуктарын сүтэрэн олороллор. Ону сөргүтэр инниттэн Өймөкөөн улууһун салалтата Магадан уобалаһын Сэйимчээнин кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ анал Сөбүлэҥ түһэрсибиппибит. Дугуйдан Винокуров экстремальнай айана – бу үлэбит биир көрүҥэ. Быйылгы сыл Өймөкөөн улууһугар Ыаллаһыы уонна бииргэ үлэлээһин сылынан биллэрилиннэ. Онон ыаллыыларбытын кытта үгүс үлэ былааннанар. Бу ыраах айан – Саха сиригэр олорор олохтоох дьон айылҕа тыйыс усулуобуйатыгар тулуурдарын көрдөрүү. Онон биир дойдулаахпытыгар Дугуйдан Винокуровка туруоруммут сыалын этэҥҥэ ситиһэригэр баҕарабыт.
Дугуйдан айанын туһунан бэйэтиттэн ыйыппыппар үгүһү кэпсээбэтэ: «Айаным туһунан тугу да эрдэттэн эппэппин. Таҥаспын, айаммын сиһилии ырытан, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар киинэ оҥорон көрдөрүөм. Онон барытын эрдэ кэпсиир табыллыбат. Арай, биири бэлиэтиэхпин сөп — айаным олус табылынна, туох да уустуктары көрсүбэтим. Аара Магадан уобалаһын дьоно олус үчүгэйдик көрсөн, дойдубар сылдьар курдук сананным.
Айан, биллэн турар, трассаҕа дылы уустук. Халыҥ хаар: арыт — түөскүнэн, ардыгар — быаргынан. Чэпчэкичээн айан устата син эрэйдээн ылла да, кэлин олох үчүгэй буолла. Дьиэтигэр тиийдэҕинэ, бу ат үрдүттэн түһүмүөхтэрин наада. Мин ыраах айаҥҥа саха атын туругун үөрэтэ сылдьар буолан, Чэпчэкичээн курдук аты анаан илдьибитим. Биллэн турар, айаҥҥа үөрэҕэ суох аты кытта уустук айаҥҥа турунуу, нууччалыы эттэххэ, «рискованнай» сырыы буоллаҕа. Ол эрээри атым тулуурун, кыаҕын толору дакаастаата, көрдөрдө. Оттон Хонор — уопуттаах айанньыт. Бу айаҥҥа тоҥор диэни билбэккэ сырыттым. Кылаабынайа, ол буоллаҕа«.
Дугуйдан айанын сүрүннүүр, Өймөкөөн сылгыһытын ыраах айаннарын сүбэһитэ, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ Егор Борисовы кытта бу айан туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүм. Онуоха Егор Егорович бу курдук кэпсээтэ:
— Сэйимчээҥҥэ олохтоох дьаһалта баһылыгын кытта көрүстүбүт. Куһаҕана суох мусуойдаахтар эбит. Ол курдук, Өймөкөөнтөн 1-кы Бороҕон нэһилиэгин 4 ыала Сэйимчээҥҥэ 1850 сыллаахха кэлбиттэрин туһунан биллибит. Кинилэр манна сүөһү ииттэн, оҕолонон-урууланан силис тардан барбыттар. Сэбиэскэй кэм саҕана Сэйимчээн муҥутуурдук сайда сылдьыбыт эбит.
Дугуйданы көрсө Сэйимчээҥҥэ Өймөкөөн улууһуттан улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Раиса Садыкова салайааччылаах анал дэлэгээссийэ кэлэн барда. Араас омук дьоно мустан бэртээхэй дьоро киэһэни тэрийдилэр. Дэлэгээссийэ састаабыгар Дугуйдан ийэтэ Ирина Христофоровна уонна балта Самаана бааллар.
«Саха таҥаһын кэппит дуо?» диэн эн ыйытыыҥ оруннаах. Дугуйдан саха атын тэҥэ, айан таҥаһын эмиэ тургутан көрүөхтээх этэ. Айанын кэмигэр саһыл истээх сонун сөбүлээн, этиттэн араарбатах. Уоннааҕы таҥас сүрүннээн сыарҕалаах ат айаныгар аналлаах эбит. Түнэ этэрбэс иҥэһэҕэ баппат буолан, кэппэтэх. «Аһаҕас халлаан анныгар чубуку «спальник» олох оһуобай эбит», — диир Дугуйдан. Кырыарбат эбит. Оттон BASK пиирмэ утуйар таҥаһа «көтөр түүтүттэн буолан, сииги оборон ылар» диир. Онон куурдар усулуобуйата суох киһиэхэ барсыбат. Ыҥыыр акка куобах истээх сон олус барсар эбит. Киһи — 60 кыраадыс тымныыга буһан өлөөрү гынар үһү. Онон өбүгэ саҕаттан куобах истээх сон, суорҕан булчуттарга сыаналанар төрүөтэ ити эбит».
«Дугуйдан салгыы туох былааннаҕын эттэ дуо?» диэн ыйыппыппар Егор Борисов: «Уолбут мантан инньэ барарын-кэлэрин тохтотор. Аны дойдутугар буолар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, айанын туһунан кэпсиир киинэҕэ үлэлэһиэҕэ уонна мусуой тэрийэр былааннаах. Ол курдук, саха атын туһунан мунньубут матырыйаалын эмиэ сааһылыаҕа«, — диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ Егор Борисов.
Таатта Туора Күөлүн иистэнньэҥэ Изабелла Элякова «бассаапка сылгыһыт кыһыҥҥы таҥаһын тигэрбэр тириинэн, тыһынан көмөлөһөллөрүгэр ыҥырыы таһаарбыппар, бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо эрэ өйөөн, икки куул таба тыһын, куобах тириитин ыыппыттара. Ол ыыппыт түүлээхтэрэ сүрүннээн Дугуйдан таҥаһыгар бардылар. Кэлин киниэхэ түүлээх таҥас тигэн эрэрбин истэн, Өймөкөөн нэһилиэгиттэн кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильева ыт уонна саһыл тириитин ыыппыта. Аны санаатахха, уоллара ыраах айаҥҥа турунарын сэрэйбит курдук, өймөкөөннөр өйөөбүттэрэ – хайдах эрэ үөһэттэн этитии курдук эбит. Мин Дугуйдаҥҥа бэйэтигэр эмиэ эппитим: “Бу таҥаһыҥ тигиллэригэр эн биир дойдулаахтарыҥ өймөкөөннөр олугу уурбуттара”, – диэн эппитин холобурдаатым.
Өймөкөөннөр ыыппыт куобахтарын уонна саһылларын тириилэрэ уолларын айаныгар олуһун да көсмөлөспүт!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: