Егор Борисов: «Саха сирэ бэрэсидьиэн болҕомтотун күөнүгэр баар»

Share

Бэрэсидьиэн В.В. Путин солотугар киириитин сиэригэр-туомугар сылдьан баран, сенатор Егор Борисов санаатын үллэһиннэ:

— Мин бу үһүс инаугурацияҕа сырыттым. Сырыы аайы дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит инникитигэр эрэлим күүһүрэн иһэр. Үйэ чиэппэрин кэриҥэ кэмҥэ Арассыыйа тутуспут суола да ону туоһулуур. Бэрэсидьиэн биллэрбит 21-с үйэҕэ дойду сайдыытын торумун күөнүгэр сылдьар Уһук Илин уокурук өссө балысханнык сайдыаҕа. Тоҕо диэтэр, дойду экэниэмикэин сайдыыта илин диэки хайыһан турар. Итиннэ Саха сирэ барҕа баайдаах эрээри, ситэ туһанылла илик буолан, ураты миэстэлээх. Тырааныспар, энэргиэтикэ, социальнай инфраструктура сайдыытыгар ити көстүөҕэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын үлэтинэн, федеральнай бырагыраамаларга кыттыы улахан, өссө улаатан иһиэҕэ. Онон сайдыы балысханнык барар диэн эрэллээхпин.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Владимир Владимирович Саха сирин, кини олохтоохторун боппуруостарыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһар. Тус бэйэм итинник саныыбын. Ситиһиилэрбитин да, кыһалҕаларбытын да билэ-көрө олорор. Саха норуота үлэһитин, талааннааҕын бэлиэтээн, үс киһиэхэ Үлэ Дьоруойун бэлиэлэрин туттарбыта. Биһиги буойуннарбыт хорсун быһыыларынан киэн туттарын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ, сэттэ киһи Арассыыйа Дьоруойа буолла. Саха сирин олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга өйөбүллэрин, көмөлөрүн билэр, ытыктыыр. Онон В.В. Путин саҥа болдьоҕор үктэнэригэр биһиги киэн туттуохтаахпыт, — диэн кини эттэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөпүөн түөкүттэрэ уоскуйбаттар

Кэнники сылларга түөкүттэр дьону албынныыр ньымалара кэҥээн, эмсэҕэлээччи элбээн иһэр диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ааспыт…

12 минут ago
  • Бэрээдэк

Абый олохтооҕо мас кэрдэн сууттанна

Абый улууһун олохтооҕо сокуоннайа суохтук мас кэрдэн сууттанна. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ сууттарын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Быһылаан…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа IT-ситиһиилэр: ”Группа Астра” “Цифровой алмаз» пуорумҥа айан таһаарыыларын билиһиннэрдэ

“Группа Астра”​ бэйэтин бырайыактарын Дьокуускайга “Цифровой Алмаз” федеральнай пуорумҥа билиһиннэрдэ. Хампаанньа дойдуга оҥоһуллар бырагырааманан хааччыйыы…

38 минут ago
  • Сонуннар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: итирик уруулга олоруу тохтообот

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

3 часа ago