Егор Борисов: «Саха сирэ РФ Бэрэсидьиэнин болҕомтотугар өрүү баар»
— Арассыыйа экэниэмикэтэ бигэ, инники өттүгэр бөҕөхтүк сананар уонна инники диэки кимиилээхтик хардыылыыр кыахтаахпыт, — диэтэ Владимир Путин быһа эпиир кэмигэр.
ВВП 3,5% үрдээтэ, бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы бигэтик үрдүүр, орто хамнас улаатар.
РФ сенатора Егор Борисов: «Саха сирэ Бэрэсидьиэн болҕомтотугар өрүү баар. Арассыыйа сайдыытыгар Уһук Илиҥҥи уокурук уонна Арктика өрүү инники сылдьаллар. Бу — өрөспүүбүлүкэ интэриэһин таарыйарга сүрүн төһүүнэн буолар. Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэрии күүскэ барар. Биһиги дьоммут доруобуйа харыстабылыгар элбэх үлэ оҥоһулларын көрө-билэ сылдьаллар. Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү киэҥ хабааннаахтык ыытыллар.
Владимир Путин Саха сирин олохтоохторун олус сөбүлүүр, култуура эйгэтигэр үлэлиир талааннаах дьону убаастыыр. Кини Саха сирин туһунан этэригэр, хайаан да биһиги ырыаһыттарбытын, үҥкүүһүттэрбитин өрүү саныыр, этэр. Саха сирин олохтоохторо Бэрэсидьиэнинэн киэн туттуохтаахтар, кини Хотугу кыраайы өрүүтүн өйүүр», – диэн Егор Борисов эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: