Салгыы
Егор Григорьев: «Олохпут тупсан иһэрэ күнтэн күн биллэр»

Егор Григорьев: «Олохпут тупсан иһэрэ күнтэн күн биллэр»

31.05.2023, 10:00
Е.А.Григорьев тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 29 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин кытары көрсөн өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын, инники кэскилин туһунан кэпсэппитэ. Ол туһунан санаатын Бүлүү улууһун кииннэммит балыыһатын кылаабынай бырааһа, улуустааҕы  сэбиэт дьокутаата Егор Григорьев үллэстэр:

— Ил Дархан Айсен Николаев көмөтүн бүлүүлэр үчүгэйдик биллибит.  Доруобуйа харыстабылыгар үлэлиир киһи быһыытынан, кэнники  сылларга элбэх балыыһа тутуллубутун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Айсен Сергеевич көҕүлээбит модернизация бырагыраамата олоххо киирэн биһиги Киин балыыһабыт бастакы уочарата тутуллан үлэҕэ киирдэ. Иккис уочараппытын тутан эрэбит. Аныгылыы оборудованиенан хааччыллан тыа сирин олохтоохторо Дьокуускайга бара сатаабакка, миэстэтигэр көрдөрөр буоллулар.

Кэнники сылларга элбэх баараҕай тутуулар бардылар, ол курдук оскуолалар, оҕо саадтара, култуура кииннэрэ, успуорт комплекстара тутулуннулар. Итини таһынан тыа сиригэр иһэр уу кыһалҕата быһаарыллан, уунан хааччыйыы бырагыраамата күүскэ үлэлээн эрэр.

«Тоҕоостоох олорор дьиэ» бырагырааманан, эдэр дьиэ кэргэҥҥэ, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр дьиэ атыылаһыыга да буоллун, кыра бырыһыаннаах кирэдьиит ылыытыгар да буоллун, улахан көмө оҥоһулларын бэйэбитинэн тыа дьоно биллибит. Олохпут тупсан иһэрэ күнтэн күн биллэр.

Бүгүн Айсен Сергеевич Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Владимировиһы кытары көрсөн кэпсэппитин көрөн-истэн олус астынныбыт, киэн тутуннубут. Аны күһүн буолар быыбарга Айсен Николаевы Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ өйүө диэн эрэнэбин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: