80-с сыллар бүтүүлэригэр Сэбиэскэй Сойуус отуора хамсаан, ыһыллыы тыала улам-улам күүһүрэн испитэ. Былааска Борис Ельцин, оччолорго Михаил Горбачеву аһаҕастык кириитикэлиир Москватааҕы кэмитиэт бастакы сэкирэтээрэ, тахсан, өрөгөйдөөн эрэр кэмэ этэ. 90-с сыллардаахха Сойуустан өрөспүүбүлүкэлэр биир-биир тахсыталаан барбыттара. Ол иһигэр РСФСР эмиэ суверенитетын ылыммыта. Арассыыйа эрэгийиэннэрэ эмиэ туспа суверенитеттаммыттара. Саха сирэ суверенитетын балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1990 сыллаахха ылыммыта. Бу туһунан 12-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата, юрист Егор Ларионов кэпсиир.
– Егор Михайлович, эн ити кэмҥэ Нам райкомун бастакы сэкирэтээринэн, норуот дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, кэлин Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитиҥ. Дойду үрдүнэн буолбут уларыйыы-тэлэрийии барыта эн хараҕын далыгар ааспыта. Арассыыйа эрэгийиэннэригэр уларыйыы тыына хайдах биллэн барбытай?
– Ити кэмҥэ Сойуус таһымыгар декмократияны сайыннарыахтаахпыт, көҥүл буолуохтаахпыт диэн өйдөбүл киирэн барбыта, Европа дойдуларын, Америка систиэмэлэрэ биһиэхэ барсаллар, онон сайдан барыахтаахпыт диэн ону соҥнооһун саҕаламмыта. Саҥа үөскээн эрэр демократическай күүстэр коммунистическэй баартыйа дьону барытын биир муостанан хаамтарар, көҥүл саҥарары бобор, үөһээттэн күүстээх хонтуруолу ыытар диэн мөрөйдөөн барбыттара. Билигин санаатахха, ити кэмҥэ идеология боппуруоһа биһиэхэ Сойуус үрдүнэн мөлтөөбүт кэмэ эбит. Тастан киирэр күүстэргэ баартыйа туох да эппиэти биэрбэт этэ. 80-с сыллар ортолоругар Михаил Горбачев былааска кэлбитэ. Дьэ уларытыыны киллэрэр киһи кэллэ диэн бары да кинини ытыспыт үрдүгэр түһэрэн ылбыппыт. Кини кэлээтин кытта “көҥүл саҥарыы”, “демократия”, “уларыта тутуу” диэн өйдөбүллэр киирбиттэрэ. Ол эрээри ити өйдөбүллэри тэнитэн быһаарыы суоҕа, дьон бэйэтэ хайдах өйдүүрүнэн ылыммыта. Былаас олохпутун таһыччы уларытыахтаахпыт эрэ диэнинэн муҥурданара, ол хайдах, туох уларыйыы киириэхтээҕэ ситэ үөрэтиллибэккэ эрэ салгыҥҥа ыйанан хаалбыта. Онон туһанан демократическай күүстэр Владимир Ленины, Иосиф Сталины кириитикэлээн, Сэбиэскэй былаас төрдүттэн сыыһатын этэн-тыынан барбыттара, бу былааһы суох гыныахха, уларыйыыны-тэлэрийиини түргэнник киллэрэ охсуохха, социализмтан аккаастаныахха диэн этэн-тыынан барбыттара. Онон 80-с сыллар бүтүүлэригэр Сэбиэскэй Сойууска балаһыанньа кытааппыта, дьон муста түстэ да миитиннэри тэрийэрэ. Ордук киин куораттарга балаһыанньа уустугуран, дьыала төбөтө саллайан тахсыбыта.
Оттон биһиэхэ хайдах этэй? Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ити араллааҥҥа соччо бэриммэккэ олорбута. Оччолорго салалтабыт да күүстээҕэ. Баартыйаттан саҕалаан бырабыыталыстыбаҕа тиийэ норуоттан тахсыбыт, норуот кыһалҕатын бурҕалдьы гынан сүгэн тахсыбыт дьон этилэр.
– Михаил Ефимович Арассыыйа бастакы бэрэсидьиэнин Борис Ельцины кытары доҕордоһуута биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэҕи биэрбитэ. Свердловскайга юридическай институкка үөрэнэ сылдьан Борис Ельцин туһунан элбэҕи ааҕар, билэр этим диэн эппиттээххин. Оччолорго кини тутуу эйгэтигэр үлэлии сылдьар кэмэ этэ дии.
– Мин Свердловскайдааҕы юридическай институкка үөрэнэ сырыттахпына, ити 60-с сылларга, кини Свердловскайдааҕы тутуу кэмбинээтин дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьар кэмэ этэ. Онтон биһиги үөрэхпитин бүтэриибит саҕана кини баартыйа Свердловскайдааҕы обкомугар сэкирэтээринэн үлэлии сылдьар кэмэ этэ. Оччолортон да сүрдээх эрчимнээх, үлэтин хаамыыта тэтимнээх киһи этэ. Биһиги институппутугар кэлэ сылдьан уопсай дьиэбит кыһалҕатын туруорбуттарыгар “юристар хайаатар да уопсай дьиэлээх буолуохтаахтар” диэн этэн, икки сылынан устудьуоннарга уопсай дьиэни дьэндэтэн кэбиспиттэрэ.
Кэлин кини Свердловскайга обком бастакы сэкирэтээринэн үлэлии сырыттаҕына, Михаил Горбачев генеральнай сэкирэтээринэн анаммытын кэннэ, Москваҕа ыҥыран ылбыттара. Киин кэмитиэккэ тутуу салаатын салайбыта, Москватааҕы кэмитиэт бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Ити үлэлиир кэмигэр киин куорат олоҕун төрдүттэн уларыппытынан барар. Уруккутун курдук норуоту кытары сирэй көрсөн, оптуобуһунан, трамвайынан сылдьарын саҕалыыр. Киин кэмитиэт пленумнарыгар политбюро үлэтин-хамнаһын аһаҕастык кириитикэлээн барар. Биллэн турар, итини салалта хайдах да кулгааҕын таһынан истэн кэбиспэтэ чахчы, кинини үлэтиттэн устан кэбиһэллэр.
Михаил Горбачевтуун айдаарса сылдьар кэмигэр демократическай күүстэр кинини ытыс үрдүгэр түһэрэн, лидер оҥостоллор. Борис Николаевич 80-с сыллар бүтүүлэригэр ССРС дьокутаата буолар.
– Борис Николаевич 1990 сыллаахха автономнай уобаластарга, национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ туһаайан суверенитеты төһө кыайаргытынан ылыҥ диэн этиитин кэнниттэн Арассыыйа иһигэр субъектар эмиэ туспа “суверенитет параадын” оҥорбуттара. Борис Ельцин ити ыйытыытын суолтата тугуй?
– Борис Ельцин ити этиитин мээнэ эппэтэҕэ. Оччолорго Арассыыйа чөл туруктаах хаалыан, ону ааһан Борис Николаевич субъектар эрэллэрин, итэҕэллэрин хайаатар да ылыан наада этэ. Оччотугар эрэ кини салгыы Горбачеву кытары киирсэр кыахтааҕа. Ити сыл Эстония, Литва, Латвия, Грузия, Молдавия, Армения Сойуустан тахсаллар. Борис Ельцин ити этиитин кэнниттэн биһиэхэ биир сорук турбута: суһаллык суверенитет туһунан декларацияны ылына охсуоххайыҥ диэн. Декларацияны ылыныыга Арассыыйа иһигэр киирэн туспа субъект быһыытынан дуу эбэтэр Сэбиэскэй Сойуустан тахсан барбыт өрөспүүбүлүкэлэр оннуларыгар сойуустаах өрөспүүбүлүкэ буолабыт дуу диэн кэпсэтии барбыта. Сойуустаах өрөспүүбүлүкэ быһыытынан Татарстан бастакынан киирэрэ чуолкай этэ. Ону таһынан биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна Башкирия, Коми бааллара. Сахалыы эттэххэ, Сойуус уонна Арассыыйа тойотторо Сэбиэскэй Сойууһу ыспытынан барбыттара.
Декларацияҕа туох этиллибитэй? Бастатан туран, национальнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан биһиги судаарыстыба буолуохтаахпыт. Иккиһинэн, экономика боппуруоһугар, сирбит баайын, айылҕабытын бэйэбит дьаһайыахтаахпыт, киин былааһы кытары дуогабарынан үлэлэһиэхтээхпит диэн этии көтөҕүллүбүтэ. Үсүһүнэн, социальнай эйгэ, үөрэх, доруобуйа харыстабыла буоллун барыта, нэһилиэнньэҕэ босхо буолуохтааҕа. Төрдүһүнэн, демократическай уопсастыбаны сайыннарыахтаахпыт. Холобур, хас биирдии быыбар, өрөспүүбүлүкэ да, муниципальнай да быыбардар, көҥүллүк барыахтаахтар, норуот баһылыгын бэйэтэ талан ылыахтаах. Саха сиригэр нуучча, саха тыллара судаарыстыбаннай тыл буолуохтаахтар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыллара-өстөрө, култууралара харыстаныахтаах сокуонунан харыстаныахтаах. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр олохтоох былаас ханнык көрүҥүн тэрийэрбитин бэйэбит быһаарыахтаахпыт, онно каадыр бэлиитикэтин бэйэбит оҥоруохтаахпыт диэн.
Дьэ, итинник сыаллаах-соруктаах 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа иһинэн бэйэтэ туспа суверенитеттаах субъект быһыытынан “О государственном суверенитете Якутской–Саха Советской Социалистической Республики” диэн декларацияны ылыммыппыт. Бу политическай докумуон буолар. Манна олоҕуран биһиги Төрүт Сокуоммутун (Конституциябытын) ылыныахтаах этибит. Кэлин бу докумуоҥҥа олоҕуран “О государственном статусе Якутской-Саха Советской Социалистической Республики” диэн сокуону ылыммыппыт. Ол аата Декларацияны политическай эйгэттэн сокуон күүһүгэр киллэрэн биэрбиппит. Бу докумуону ылыныыбыт кэнниттэн Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин көҥүлэ суох үөһэттэн ким да дьаһайар кыаҕа суох буолбута. Сирбит баайа барыта Саха сирин норуотугар анаммыта.
1991 сыллаахха Саха сирин Бастакы бэрэсидьиэнинэн Михаил Николаев быыбарданан талыллыбыта. Ити кыһыныгар Якутскай-Саха Сэбиэскэй Социалистическэй Өрөспүүбүлүкэттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбуппут. Ити барыта бу докумуон – балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыныллыбыт Декларация – өҥөтө этэ. Эһиилигэр 1992 сыллаахха Москваны кытары Федеративнай дуогабар баттаспыппыт уонна муус устарга Төрүт Сокуоммутун, сүрүн өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннарбытын ылыммыппыт. Саамай улахан сокуоннар экономика, бырамыысыланнас эйгэтигэр ылыллыбыттара. Сир баайын хостооһуҥҥа, айылҕа харыстабылыгар барытыгар. Үрдүкү Сэбиэт ыһыллыар диэри Декларацияҕа олоҕуран барыта 300-чэкэ сокуону ылыммыта. Манна даҕатан эттэххэ, Декларация ылыммыппыт өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар, олохпутугар-дьаһахпытыгар тута биллэн барбыта. Холобур, үс сыл буолан баран 1993 сылга, эрдэ оччотооҕу харчынан 800 мөлүйүөн солкуобай эрэ бэйэбит киллэринэр бүддьүөттээх олорон, миллиардынан ааҕыллар бүддьүөттэммиппит. Итинтэн 7 млрд солкуобайын Арассыыйаҕа нолуок быһыытынан ыытар этибит. Оннооҕор 20 млрд солкуобайга диэри Арассыыйа бүддьүөтүгэр иэс биэрэр кыахтана сылдьыбыппыт.
Онон түмүктээн эттэххэ, ити 90-с сыллардаахха ылыныллыбыт улахан докумуоннар өрөспүүбүлүкэ инники дьылҕатын оҥорбуттара. Бу сүҥкэннээхэй докумуону оҥорууга уонна ылыныыга 12-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт народнай дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ салалтата, дьоно-сэргэтэ бары кыттыбыттара. Мин итини дьон-норуот уонна былаас бииргэ үлэлэһиитин, биир өйүнэн-санаанан салайтарыытын үтүө холобурун быһыытынан сыаналыыбын.
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…