Салгыы
Егор Малышев: «Бүттүүн түмсэн – Кыайыыга!»

Егор Малышев: «Бүттүүн түмсэн – Кыайыыга!»

Ааптар:
25.11.2022, 11:00
Бөлөххө киир:

«Аллараа Халыма оройуонун олохтоохторо дойду кыһалҕалаах кэмигэр Саха сирин кытта бүттүүн түмүллэн, бары бииргэ маннык көмөлөһө турдахпытына, кыайыы биһиэнэ буолуо», — диир Аллара Халыма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Егорович Малышев. Егор Егорович оройуоҥҥа бу өттүгэр ыытыллар үлэлэр тустарынан бу курдук кэпсээтэ:

— Аллараа Халыма оройуонугар оройуон баһылыга В.М.Сентяков 335 нүөмэрдээх дьаһалынан быстах хомуурунан ыҥырыллан барбыт дьоммут дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорор сыаллаах улуустааҕы суһал ыстаап алтынньы 10 күнүгэр тэриллибитэ. Маны таһынан Андрюшкиноҕа, Колымскайга, Походскайга олохтоох дьаһалталар истэринэн эмиэ суһал ыстааптар тэриллэн үлэлии олороллор. Мобилизацияҕа хабыллан барбыт дьоммутугар көмөнү тэрийиигэ үп-харчы хомуйар анал счеттар арыллыбыттара. Онно уопсайа 800 тыһыынча солк. үп-харчы нэһилиэнньэттэн хомуллан ыытыллыбыта. Бу үпкэ араас таҥас-сап, эмп-томп ылыллан, буойуттарбытыгар тиксэриллибитэ. Маны таһынан олохтоох урбаанньыттар утуйар мөһөөччүктэри, байыаннай формалары, сухой паектары мобилизацияҕа барааччыларга хомуйан, быһаччы биэрбиттэрэ. Ордук тоһоҕолоон ИП Войная О.В., ИП Негреба Т.В. уонна да атыттары бэлиэтиэххэ сөп. Байыаннай эпэрээссиэйэҕэ кыттыыны ыла сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэрин өйөөһүнҥэ оройуон бүддьүөтүттэн хас биирдиилэригэр 35 тыһыынча солк. биир кэмнээх көмө оҥоһуллубута.

Оройуон дьаһалтатын иһинэн билигин биир кэлим көмө оҥорорго анаан счет аһыллан үлэлии турар. Онно киирбит көмө харчы суһал ыстаап быһаарыытынан тыырыллыаҕа. Байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар буойуттарбыт дьиэ кэргэттэрин кыһалҕалара тутатына суһаллык быһаарыллан иһэллэр. Оройуон ийэлэрэ буойуттарга анаан сылаас ис таҥас, наскы, үтүлүк, бэргэһэ баайан, тигэн, хомуйан байыастарга чаастарыгар ыыттылар. Маны таһынан ДНӨ, ЛНӨ олохтоохторугар көмөҕө анаан мал-сал хомуллуута ыытылла турар. Аллараа Халыма оройуонун олохтоохторо дойду кыһалҕалаах кэмигэр Саха сирин кытта бүттүүн түмүллэн, бары бииргэ маннык көмөлөһө турдахпытына, кыайыы биһиэнэ буолуо!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: