Егор Сивцев: «Хантараагынан сулууспалааччыларынан киэн туттуохтаахпыт»
Чурапчыга байыаннай сулууспаҕа сылдьар буойуттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл былааннаахтык ыытылла турар. Ол туhунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев кэпсээтэ.
«Хантараах баттыыр киһи өйүнэн-санаатынан сиппит, эт-хаан өттүнэн дэгиттэр буолуохтааҕа өйдөнөр. Кини патриот буолуохтаах. Ити барар уолаттарынан биһиги киэн туттуохтаахпыт. Мээнэ киһи барбат, ити тургутан көрүү буолар. Билигин барыан баҕалаахтарга усулуобуйа бөҕө оҥоһуллан турар. Ол эбэтэр, харчы төлөбүрэ да баар, хантараах болдьоҕо даҕаны үс ыйтан саҕаланар, көрүллэр чэпчэтиилэр бары төлөнөллөр. Доброволецтар диэн хантараах түһэрсибэттэр, атын көрүҥнээх дуогабар буолар. Оттон хантараах баттаатаххына, эн байыаннай сулууспалаах буолаҕын. Доброволец син биир аармыйаны кытта дуогабар түһэрсэр, ол эрээри сулууспалыыр көрүҥэ атын буолар», — диэн Арассыыйа дьоруойа, Чечняҕа бастакы хампаанньа кыттыылааҕа, “Хорсунун иһин” мэтээллээх Александр Колесов саха тэлэбиидэнньэтигэр “Талбан” биэриигэ эспиэр быһыытынан кыттан, хантараагынан сулууспа ис дьиҥин сиһилии быһааран биэрбитэ.
Кини тоһоҕолоон бэлиэтииринэн, баҕа өттүнэн барыыга (60 сааска диэри) аармыйаҕа сулууспалаабатахтары ылбаттар, онтон хантарааҕынан сулууспаҕа аармыйаҕа сулууспалаабатах, доруобай киһи (50 сааһыгар диэри) хапсыан сөп.
Хантараагынан сулууспаҕа Чурапчы улууһуттан барааччылар тустарынан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцевтэн ыйыттыбыт.
— Биһиги улууспутугар байыаннай сулууспаҕа сылдьар буойуттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл былааннаахтык ыытылла турар. Хантараагынан барааччы боппуруоһугар эттэххэ, улуустан үс киһи хантараах түһэрсэн, билигин байыаннай чаастарыгар тиийдилэр. Биһиги өттүбүтүттэн баҕа өттүлэринэн хантараах баттаһар дьоҥҥо туох докумуон наадатын быһааран, сырдатан биэрии ыытыллар. Ол курдук, кинилэр ханна тиийэн туох докумуону толороллорун, биэрэллэрин быһаарыыттан саҕалаан, мэдиссиинэ чинчийиитин, көрүүтүн ааһалларыгар тиийэ арыалааһын оҥоһуллар. Ону таһынан байыаннай сулууспаҕа барарга баҕатын биллэрбит гражданнарга Дьокуускайга «Абырал” санаторийга тиийэр айан суолунан, тиэхиньикэнэн хааччыйыы баар, бастакы өйөбүл харчы бэриллэр.
Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар дьоҥҥо судаарыстыбаттан өйөбүл бырагыраамалар баалларын туһунан улуустааҕы “Саҥа олох» хаһыат нэһилиэнньэҕэ тиэрдибитэ, нэһилиэктэринэн бу туһунан брошюралар тарҕатыллыбыттара. Байыаннай сулууспа, байыаннай эпэрээссийэ туһунан араас боппуруостарынан дьокутааттар нэһилиэнньэ ортотугар сырдатар үлэҕэ кытталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: