«Эһэ арыылара» заповедникка үрүҥ эһэ арҕаҕа элбээбит

Share

Саха сиригэр «Эһэ арыылара» заповедникка сыллата ыытыллар үрүҥ эһэлэр ахсааннарын учуотун оҥордулар. Учуонайдар иһитиннэрбиттэринэн, үрүҥ эһэлэр оҕолорун кытта муус устар ыйтан саҕалаан арҕахтарыттан баран эрэллэр эбит. 

Чинчийии кэмигэр исписэлиистэр 26, ол иһигэр 13 өссө да олорор арҕахтарын булбуттар. Маннык элбэх ахсаан учуот үлэтин кэмигэр үһүс төгүлүн эрэ бэлиэтэммит. Икки инники — 2011 уонна 2022 сылларга буола сылдьыбыт.

Ону таһынан учуонайдар 5 үрүҥ эһэ үөрүн уонна 17 соҕотох сылдьар эһэ суолун буллулар. Түөрт оҕолоох уонна биир соҕотох сылдьар үрүҥ эһэлэри көрбүттэр. Чинчийэр оройуоҥҥа барыта 30 тыһы үрүҥ эһэни уонна 41 кинилэр оҕолорун учуоттаабыттар.

Саамай элбэх кыыл Крестовскай арыыга — 10 төбө уонна Четырехстолбовой арыыга — 8 төбө бэлиэтэммит. Онуоха Лысов арыытыгар урут биллибэтэх үс арҕах баар эбит.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өймөкөөн улууһугар 70-ча дьиэ ууга барда

Өймөкөөн улууһугар 120-ттэн тахса тиэргэҥҥэ уу киирэн, 70-ча дьиэ ууга барда. Орто Балаҕан, Куйдуһун, Биэрэк…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Сайсары күөлгэ — оҕолордоох кус

ХИФУ устудьуона Валерия Непомнящая Дьокуускайга Сайсары күөлгэ оҕолордоох куһу бэлиэтии көрөн, видеоҕа устубут. Валерия хаартыскаҕа…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга ойуурга икки оҕолоох эр киһи сүттэ

Бүгүн, от ыйын 16 күнүгэр, сарсыарда СӨ Быыһыыр сулууспатын исписэлиистэрэ Дьокуускайга ойуурга сүппүт эр киһини…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөхүмэ улууһун Чапаево сэлиэнньэтин таһыгар баар ойуур баһаара умуруорулунна

От ыйын 13 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Чапаево сэлиэнньэтин таһыгар бэлиэтэммит ойуур баһаара бохсуллубутун туһунан баһылык…

1 час ago
  • Быһылаан

Эр киһи матасыыкылга киирэн биэрэн суорума суолланна

Дьокуускайга бөлүүн киһи өлүүлээх суол саахала буолбутун туһунан ИДьМ иһитиннэрэр. Владимировка -- Дьокуускай туһаайыытынан Покровскайдыыр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муомаҕа балаһыанньа тыҥааһыннаах

Бу күннэргэ Өймөкөөн уонна Муома улуустарыгар сөҥүү нуорманы таһынан элбэх түһэн, сир-уот ууга барда. Ардах…

2 часа ago