Эһэ элбээтэ дииллэрин туһунан

Эһэ элбээтэ дииллэрин туһунан

25.07.2024, 11:36
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Кэккэ сылларга дьон сэргэ истиитигэр-көрүүтүгэр тыатааҕы элбээбитин туһунан биллэриилэри араас ситиминэн барытынан  тарҕатар буоллулар.

Оннооҕор “Саха” НКИХ сонуннарыгар кытта сотору-сотору тахсар. Ол барыта дьон-сэргэ айманыытын күөттүүр курдук быһыыга-майгыга тиэрдэр эбит.

Элбэх сылларга үлэм, идэм быһыытынан тыатааҕы  ахсаанын сүрүннүүр (өрүгүлүөпкэлиир) үлэни моой-арҕас сүгэн кэллим. Онон бу хайысхаҕа син додо курдук уопуттаах, билиилээх курдук сананан, төһө баҕарар куолулуур бырааптаахпын диэххэ сөп.

Мин көрдөхпүнэ-иһиттэхпинэ эһэ дьоҥҥо, сүөһүгэ суоһуурун үгүстэр, дьэ, бу охуоттар бултуур көҥүлү биэрбэттэриттэн дииллэр. Элбэх киһи эһэлээн, бөрөлөөн “абырыахтааҕын” көҥүл биэрбэккэ уонна ыстараап улаханыттан тутуллан сылдьар курдук барытынан суруйалар, хабдьырыналлар. Онно сөп түбэһэн, туох да сыһыана суох да буоллаллар, ырыаһыттар эҥин охуоттары үөрэтэр, такайар, хомуруйар биидийэлэрэ ситимнэринэн тарҕаммыттара бааллар этэ.

Чэ, итинник буоллун. Кыһалҕа баар. Төрдүн түөрдэххэ мин тус санаам маннык.

Эһэ, кырдьык, ахсаана элбиир курдук.

Тоҕо? Урукку курдук бултаммат буолан турар. Ол аата промысловай бултааһын атын ньыманан ыытыллар буолла. Сэбиэскэй саҕанааҕы курдук кадровай, штатнай булчуттар суохтар. Сатыы, атынан сылдьан, ытынан ирдэтэн киистээһин аҕыйаата. Онон хааман бултуу сылдьан эһэ арҕаҕын таба үктээн булан  бултааһын билигин тохтообут курдук буолла. Оччолорго арҕахха бултааһын эһэ ахсаанын сөптөөх таһымҥа тутар этэ. Ити биирэ.

Аны туран, ыраах тыаларга сыллата элбэх баһаардар уонна бырамыысыланнаска киирсэр ньиэп, гаас тэрилтэлэрэ түҥкэтэх тайҕаҕа өтөн киириилэрэ кырдьаҕаһы чугас дьонноох сирдэргэ үтүрүйдэ. Эһэ саас арҕахтан тахсан баран ас көрдөөн, хааман дьон хараҕар көстүмтүө буолар. Ол кэмҥэ бу араас ситимнэр үйэлэригэр  дьон көрүүтүгэр эһэ сиэрэ суох элбээбит курдук оҥордо. Дьиҥинэн, сир аһа алаҥхарыыта, сүүлэ бүтүүтэ эһэни баҕарбытыҥ да иһин көрбөккүн.

Уонна чахчыта да бултуурга сөптөөх көҥүл бэриллэр ээ. Холобур, Мииринэй оройуонугар сылга быһа холоон аҥардас уопсай бултуур сиргэ балтараа сүүс кэриҥэ бу адьырҕа кыылы бултуур  көҥүлү биэрэбит. Ону таһынан бултуур сирдээх булду 14 туһанааччы баар. Кинилэр кубуоталарын эмиэ эбэн кэбиһиҥ. Манна даҕатан эттэххэ, омуннаатахха, тыһыынча кэриҥэ киһи балаҕан ыйыттан муус устарга диэри бөрөнү бултуур көҥүлү ылан баран, үс кыс устата саанан “далбаатанарын” эмиэ эбиҥ. Дьэ, көрөргүт курдук, итиччэлээх элбэх киһи эһэлээн-бөрөлөөн түрбүүтээн турдаҕына,  дьиҥинэн, туох адьырҕа кыыла ордуой диэх курдукпут. Арааһа, кыһалҕа суох буолбут буолуо этэ. Ону баара көҥүл ылан баран бултаан сиҥнэрэн, дьаргыллаан эрэллэрин көрө иликпин. Бука, статустарыгра таһаарбыт хаартыскалара баҕас аан дойдуга тарҕаныа этэ. Холобур, манна икки сыл устата субуруччу арай 86  саастаах Петраков В. И. диэн киһи көҥүл ылан эһэни бултаата. Уонна истэр былаһын тухары суох. Кураанах, ыраас кумааҕыны төннөрөллөр. Аны  эһэни бултуур көҥүл  икки болдьоххо бэриллэр. Ол аата күһүн ылан баран саҥа дьылга диэри кыамматаххына, аныгыскы саас муус устартан саҕалаан анды көҥүлэ бүтүөр диэри  эһэлээн “өрөһөлөнүөххэ” сөп. Ону таһынан дьоҥҥо  суоһаабыты уонна сүөһүнү тардыбыт эһэлэри дьаһайар быһаарыныылары эмиэ суһаллык ылына олоробут. Онон экологиялар, охуоттар бобон –хаайан, эһэ дьоҥҥо уонна сүөһүгэ, сылгыга суоһаата диэн өйдөбүлү араас ситиминэн соҥнуур дьон этиилэрэ хойгур дойҕох.

Көрөргүт да курдук, көҥүл ыллым да,  эһэни уонна бөрөнү бүтэрэбит диэн тутах өйдөбүл. Хайдах буолуохха?

Мин санаабар, маннык. Бэйэбит да билэрбит курдук, киһи эрэ барыта эһэлээн-бөрөлөөн барбат эбит. Хас биирдии киһи араас идэлээх, үлэлээх, тус айдарыылаах. Киһи эрэ барыта тимир ууһа буолбатын курдук буоллаҕа.  Бу күннэргэ Булт департаменын унньуктаах, сөптөөх туруорсуутунан ахсаанын сүрүннээһин болдьоҕун ый  устата курдук уһатыы  бу куннэргэ олоххо киирдэ. Онон Булт департаменын үлэһиттэригэр махтанабыт.

Ол кэнниттэн билигин сахалыы боччумнаахтык, улахан түрүлүөнэ суох суоһаабыт адьырҕалары сөптөөҕүнэн көрөн, олохтоох дьаһалта улахан булка сыһыаннаах, дьоһуннаах дьону сүүмэрдээн,  улуустааҕы айылҕаны кэтээн көрүүгэ иниспиэксийэлэрин кытта ыкса аа-дьуо  үлэлиирин курдук үлэлии олоруохтаах. Дьиҥинэн, улахан кыһалҕа буолбатах. Оччолоох кыһалҕа тыаҕа баар. Барыта үлэ хаамыытынан уонна сөптөөх сокуон хараҕынан лоп-бааччы барыахтаах бара да турар.

Чэ, мин санаам бу курдук.

Дьөгүөр Һэрэмээт.

Садын сирэ.

Хаартыска: СИА

+1
10
+1
5
+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: