Салгыы
Эһээ Дьыл 2025 сыл туһунан

Эһээ Дьыл 2025 сыл туһунан

Ааптар:
03.01.2025, 11:05
Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл
Бөлөххө киир:

Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн ааттаммыта 25-с сылыгар барда. Дьон баҕа санаатын туоларыгар көмөлөһөр Ымыыта эмиэ 2000 сыллаахтан тахсар.

Манна даҕатан эттэххэ, Эһээ Дьыл Орто дойдуга төгүрүк сыл эргиччи сылдьар. Бу кини Саҥа дьыл бырааһынньыгар кэлэн эҕэрдэлиир Тымныы оҕонньоттортон уратыта буолар. Эһээ Дьыл саас, сайын, күһүн, кыһын кэлиитин, кыһын саамай кылгас, саамай уһун кэми дьону-сэргэни кытта бэлиэтиир үтүө үгэстээх.

Саҥа сылы көрсө бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Эһээ Дьыл ыалдьыттаата. Кини тус санаатын үллэһиннэ.

Сыл сыыппарата

– Гавриил Спири­до­нович, хас биирдии үүнэр сыл киһи олоҕор дьайар уратылаах диэн этэллэр. 2025  сыл Эһээ Дьыл сылык­тыырынан хайдаҕый?

– Итиннэ Эһээ Дьыл быһыытынан бэйэм анааран, толкуйдаан көрөрбүнэн этэбин. Быйылгы саҥа сылбыт сыыппарата – 5. Ол аата, туйгун диэн.  Саамай сүрүнэ, билигин үчүгэйгэ итэҕэйэр дьон элбээн иһэрэ. Ол улуу дьыала. Онон мин, Эһээ Дьыл, итини чиҥэтэн биэриим – 2025 сыл чахчы бары өттүнэн үтүө сыл иһэр. Ол аата, үүнэр 2025 сылга барыбытын ситиһии, нус-хас,  эйэлээх олох күүтэр.

Биэс сыыппара туйгун диэни кытта ыкса ситимнээх, уһулуччу уратылаах. Санаан көрүҥ, холобур, 1945 сыл – Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр биһиги Улуу Кыайыыбытынан түмүктэммитэ. Бу үүнэр 2025 сыл эмиэ – биһиги Кыайыыбыт сыла. Дьон өйө-санаата хаһааҥ­ҥытааҕар да өрө көтөҕүллүө, үлэ-хамнас өрө күүрүө.

Үп-харчы боппуруоһугар кыратык тохтоон ааһар буоллахпына, биллэн турар, билигин байыаннай дьайыы буола турарынан, элбэх ороскуот баара өйдөнөр. Онон үп-харчы боппуруоһа ыарахаттардаах буоларын дьон билэр. Чуолаан Саха сиригэр сыһыаран эттэхпинэ, дьон-сэргэ үксэ уруккуттан харчы мунньунар үгэһэ суох. Билиҥҥи дьон дьэ мунньунуох этилэр да, харчылара суох. Ол гынан баран, саха киһитэ ону үҥсэргиир үгэһэ суох. Онон салалта дьон олоҕун бэйэтэ ыкса ылсан, ыксалаһан үлэлэһиэн, билиэн наада.

Ымыы – ыра санаа ыллыга

– Саҥа сылы көрсөргө Эһээ Дьыл баҕа санаа­ны суруйарга анаабыт Ымыытын ылыан баҕалаах элбэх. Ол гынан баран, быыһыгар-ардыгар итэҕэйбэт дьон эмиэ баар. Оонньуу-көр курдук ылыналлар, сорохтор сымыйаргыыллар. Итиннэ тугу этиэҥ этэй?

– Ымыы киһини сыал-сорук туруорунарга уонна онно дьулуһарга үөрэтэр. Ымыыны дьон билинэн, баҕа санааларын элбэхтик суруйар буол­буттарын бэлиэтиибин. Холобур, дьиэтэ суох дьон дьиэлэннилэр, сорохтор оҕолоннулар-урууланнылар, о.д.а. элбэх. Итинник дьикти түбэлтэлэр элбээннэр, СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев Ымыыларым киһини сыал-сорук туруорунарга үөрэтэллэрин этэн, миигин улахан туһалаах дьыаланан дьарыктанар эбиккин диэн бэлиэтээн турар. “Билигин бэрт элбэх киһи сыала-соруга суох олорор. Ол дьону сыаллаах олороллоругар үөрэтиэх­хэ, оччоҕо ситиһиилээх дьон элбиэ этэ”, – диэбитэ. Мин биир бэйэм ымыыга баҕа санааларбын тиһэбин. Сыл ахсын ­анаан-минээн сураһан, ыйыталаһан, кэтэһэн-манаһан туран ылар дьон бааллар эбээт.

Ымыы баҕа санааны толорор кыахтааҕын сүүрбэттэн тахса сыллаах кэтээн көрүүм бигэргэтэр.  Өссө биир үчүгэйэ диэн, Ымыыны сыл хайа баҕарар кэмигэр толоруохха сөп. Холобур, ыам ыйын 22 күнүгэр – Саха Саҥа сыла буолуор диэри толоруохха сөп.

“Кыһын буолла да, Угаарап термометра”

– Таһырдьа төһө тымныйбытын бэрэбиэркэлииргэ термометр араа­һа атыыга элбэх. Ол эрээри, Угаарап термометрын булбут киһи диир дьон баар. Эн термометргын дьон тоҕо ордорбута буолуой?

– Ити билимҥэ киллэрбит, дьон-сэргэ олоҕор улахан суол­талаах улахан үлэм. Өр толкуйдаан, чинчи­йэн, температура биологическай шкалатын ырытан оҥорбутум. Холобур, Угаарап шкалалаах биологическай эбэтэр бытовой термометр тымныы 0°С кыраадыстан буолбакка, +4°С кыраадыстан саҕаланар диэн көрдөрөр. Ону көрөн дьон тымныыттан сэрэнэр, таҥаһын халыҥатар, оҕотун онон көрөн таҥыннарар. Холобур, Цельсийинэн 0 кыраа­дыс – Угаров шкалатынан -4°U кыраадыс тымныы буолан тахсар. Ол эбэтэр, Цельсий -38°С тымныыта Угаров шкалатынан -42°U кыраадыстаах тымныы буоларын көрдөрөр.

Дьон ону өйдөөбүт, доруобуйабытыгар туһалыыр диэн сэргээбит. Бэйэбэр этээччилэр, махтанааччылар.

Саҥа сыл билгэтэ

– Эһээ Дьыл күһүнү, сааһы билгэлиирин сэҥээ­рээччи элбэх. 2025 сылбыт хайдаҕый?

– Кыһыммыт сымнаһыар буолуо. -50 С Өймөкөөҥҥө эрэ, муҥутаан 2-3 төгүл түһэрэ сабаҕаланар. Оттон -40 С тымныы сылбыт саамай тымныы ыйдарыгар – ахсынньыга уонна тохсунньуга  эрэ түһэн ааһыах курдук.

Саас диэки сылаас күн-дьыл арыый эрдэ саҕаланыаҕа. Хаһыҥа суох буолар чинчилээх. Саха Саҥа сыла ыам ыйын 22 күнүгэр – сайыны кытта сиэттиспитинэн кэлэр.

Сайын сөбүгэр ардахтаах, от-мас үүнэригэр, сынньанарга да табыгастаах буолуо. Сир аһа, тэллэй, уулаах отон дэлэй. От бэркэ үүнүө. Оттуур кэмҥэ ардаабакка, үрдүк хаачыстыбалаах элбэх от оттонуо.

Кураан, сылаас күһүн күүтэр. Хаар хойут, кыһыҥҥы  кэмҥэ киирэн баран түһүө. Булт, балык да баар буолуо. Дьэ онон, туйгун сыаналаах кэлэр сылбыт чахчы да үтүө сыл буолар чинчилээх. Онно  барытыгар бэйэбит хайдах туттан-хаптан олорорбут быһаарар суолталаах.

Хаартыскалар: Г.Угаров-Эһээ Дьыл тиксэриилэрэ, СИА.

+1
28
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: