Саҥа дьыл бырааһынньыгар оҕо да, улахан да киһи туох эрэ дьиктини, ураты бэлэҕи кэтэһэр буолбат дуо? Биир оннук бэлэҕинэн Эһээ Дьыл Ымыыта буолар.
Биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл сыллата бу күүтүүлээх кэрэ бырааһынньыгы көрсө ураты бэлэҕинэн бар дьоҥҥо үөрүүнү, эрэли күүһүрдэр үтүө үгэстээх.
Ымыы биир уратылаах. Ол баҕа санааны Саҥа дьыл кэмигэр эрэ буолбакка, саха Саҥа сылыгар диэри, ол аата, ыам ыйын 22 күнүгэр диэри баҕа санааны Ымыыга суруйуохха сөп.
Эһээ Дьыл Ымыыта аан бастаан 2000 сыллаахха тахсыбыта. Манна остуоруйаҕа курдук 3 саамай баҕарар баҕаҕын суруйаҕын.
– Сүүрбэттэн тахса сыл кэтээн көрүү түмүгүнэн, Ымыыга суруллубут баҕа санааттан иккитэ хайаан да туолар эбит. Оттон үһүс баҕа 50-70% туолара дакаастаммыт, – диэн Эһээ Дьыл ыйытыыга хоруйдуур.
Дьэ ол курдук, оҕолор туйгуннук, үчүгэй сыанаҕа үөрэнэллэр, сыал-сорук туруорунар буолаллар, оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар. Ыччаттар баҕалаах үөрэхтэригэр киирэллэр, улахан хамнастаах сөбүлүүр үлэлэрин булаллар. Таптыыр киһиҥ эйиэхэ тапталын билинэр, сулумах сылдьааччылар ыал буолаллар, оҕолонуон баҕалаахтар оҕолоноллор, дьиэ, даача баар буолар, латарыайаҕа сүүйэллэр о.д.а. барыта остуоруйаҕа курдук туолан иһэр диэн бэлиэтиир.
Ити ыйытыыбар Эһээ Дьыл маннык этэр:
– Итиннэ таайыллыбат ураты дьикти да баар. Итини билим олус үчүгэйдик быһаарар. Киһи тугу баҕарарын суруйбута өйүгэр-санаатыгар сылдьар. Оттон саныы сылдьар өйүҥ-санааҥ ону бирикээс курдук ылынан, мэһэйдэртэн иҥнибэккэ, баҕа санаа туолуор диэри киһини иннин диэки дьулуруччу илдьэн иһэр эбит.
Эһээ Дьыл 2002 сыллаахха СӨ бастакы бэрэсидьиэнигэр М.Е. Николаевка Ымыы бэлэхтээбит. Сотору кэминэн кини Эһээ Дьылы көрсөн баран:
– Кэскиллээх дьыаланан дьарыктанар эбиккин. Ити Ымыы киһи олоҕор сыал-сорук туруорунарга үөрэтэр эбит. Баҕа санаа диэн киһи сыала. Билигин биһиги дьоммут быһа холоон 80%-на сыала суох олороллор. Оннук дьон олохторугар тугу эмэ ситиһэллэригэр уустугу көрсөллөр. Онон дьэ кытаат, ити Ымыыгын дьоҥҥо тарҕат. Сыаллаах-соруктаах дьон буолалларыгар көмөлөс! Мин эйигин өйүөм, – диэбитэ. Ол тылын толорон 2 сыл Ымыыны үбүлээн Москваҕа бэчээттэтэн таһаарбыта. Оттон мин киниэхэ махталым бэлиэтигэр, Ымыым сирэйигэр икки сыл Михаил Ефимович мэтириэтин олордубутум, – диэн этэр.
Эһээ Дьыл 2024 сыллааҕы Ымыыта Дьокуускайга “Айар” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…