Эһээ Ленин бүтэһик сиэнэ, Ойуунускай айбыт имиджэ уонна ҺӨҔҮҤ
Сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр:
— Эһээ Ленин мэтириэтин илдьэ сылдьар тулаайах хаалбыт уол туһунан Айанньыт «Эр бэрдэ бүдүрүйбэт» сэһэнигэр;
— норуот суруйааччыта Сайа Пушкинтан саҕалаан саха ньургуһунун туһунан «Кырдьык – дьиҥэ, түөскэр илэ мөхсөр дүҥүр…» хоһооннорун тиһигэ;
— поэт Хабырыыс Ондороос эбэтин хатыы ытыһын, ымыылаах бэлэх уонна Тыва туһунан «Саһархай күнчээн кыракый дьөрбөтө…» хоһооннорун тиһигэ;
— Сэриилэрин сылларын оҕотун, булчут эр киһи умсулҕанын, сахалыы дорҕооннор мүччүргэннээх сырыыларын, тураах отонун кистэлэҥин уонна Ойуунускай саҥа олох имиджин үөскэппитин туһунан Эдэр суруйааччылар ХХIV өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын бастыҥ кыттыылаахтара – Варя Егорова-Чэмэлиинэ (проза), Станислав Степанов-Хотоҕос (поэзия, Анжелина Ильина (драма), Мария Винокурова-Мааны Маарыйа (оҕо литературата), Мария Захарова (кириитикэ) айымньыларыгар;
— Реас Кулаковскай архыыбыттан саҥа көстүбүт Алампа Соппуруонап, Суорун Омоллоон уонна Сэмэн Данилов туһунан ханна да бэчээттэнэ илик ахтыылар;
— Утум Захаров быйыл саас Охотскай пордугар суола-ииһэ суох сиринэн хайдах айаннаан тиийбитин туһунан бэлиэтээһиннэрэ;
— Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан удьуор аҕабыыттар уонна ойууһуттар тустарынан сиэнин кытта сэһэргэһии;
— «Чолбон» сурунаал хайдах Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарбытай?;
— «Оҕоҕун кытта аах» рубрикаҕа норуот суруйааччыта Софрон Данилов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сыһыаннаах эсселэрэ.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.
«Чолбон» сурунаал
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: