Эһэм Обуой Ньукулай олоҕуттан

Share

     Эһэм Обуой Ньукулай — Егоров Николай Егорович олоҕуттан сэһэргии түһүөхпүн, ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым.

Эһэм туһунан кэпсэтии буолла да кырдьаҕастар «Обуой оҕонньор» диэн ахтааччылар. Эһэм өссө биир аата Уһун Ньукулай, өссө биирэ Тайҕа Ньукулай диэн үһү. Олох былыр Тоҥуулаахха ыраахтааҕы ыйааҕынан хаһаахтары уонна «Аттакылар» (Скопцы) диэннэри көһөрөн аҕалбыттара үһү. Олор ортолоругар поляктары аҕалбыттар. Эһэм ийэтэ олортон, олохсуйан хаалбыт поляктартан төрүттээх, Рудых диэн араспаанньалааҕын билэбит, поляк дьахтарын курдук кэпсээччилэр. Эбэтин баттаспыт абаҕабыт Ньукулай Ньукулаайабыс — Кырдьаҕас: «Оҕуттахпына билбэт тылбынан саҥара-саҥара өрө тардара уонна сонно тута бөрөгүөттүү охсоро», — диир буолара. Оттон эһэм аҕатын Кылай Дьөгүөр диэн киһини «Ойуун буолумаары сөбүлэспэккэ мэккиһэ сытан өлбүт киһи» дииллэр эбит. «Соҕотох оҕобун бэйэбэр үктэл оҥотторуохтара» диирэ үһү. Төрүт өтөхтөрө Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Тоҥуулааҕар Асхарамаҕа эбит. Асхараматтан тахсыыга Чымчаахтыыр, Боргулуур аартыкка, суолтан хаҥас, томторго көмүллэ сытар. Онно хас да эмэҕирбит, муоҕунан бүрүллүбүт киһи уҥуохтара бааллар. Олортон биирдэрэ ыһыллыбыт. Ол биһиги хос эһэбит Дьөгүөр уҥуоҕа үһү. Аҕам оҕо сылдьан, мэнигэр тэптэрэн, эһэтин уҥуоҕун ыһан кэбиспитэ үһү. Соннук сытар.

Оттон эһэм Аппырысыанньа диэн бэйэтиттэн уонча сыл аҕа кыыһы ойох ылан, кэргэннэнэн олохсуйбут сирдэрэ Ампаардаах. Ол эбэм дьаҥсайбыт таныылаах, байахтаах самыылаах, бөдөҥ, хара эмээхсин эбит. Аҕам аах бииргэ төрөөбүттэр үстэр эбит. Улаханнара Балааҕыйа — Буххаан, орто уол Ньукулай — Кырдьаҕас, кыра уол биһи аҕабыт Дайыыл — Хойутаан. Аҕам оҕо сылдьан мэнигэ бэрдэ үһү. Ааһан иһэр дьону саһа сытан, сайын буоллаҕына буорунан, кыһын буоллаҕына тоҥ сылгы сааҕынан тамнаан хаалар үһү. Дьоннор, ийэтин курдук хап-хара уолу Буор уол диэн ааттыыллар эбит. Онто кэлин кубулуйан Буоракап диэн хос аат буолбут. Аҕам ийэбиттэн уон сыл аҕа үһү. Мин үс кыыстаах, өссө мин иннибинэ биир кыыс оҕо туораабыт, уол оҕо кэтэһэр ыалга төрдүс кыыһынан төрөөбүппүн. Эһэм «кыыс» диэни истээт киэр хайыспыт. Ол кэннэ миигин, төрөөбүтэ аҕыйах хоммут, куобах суорҕаҥҥа суулана сытар оҕону өҥөйөн көрөн баран: ”Пахыый, биһиги хааммыт суох!”- диэн баран сиргэ силлээбит үһү. Дьэ онтон ыла мин “атын киһи оҕото” аатыран атарахсытыллар оҕо этим. Ким да ымманыйбат, сыллаабат этэ. Аҕабын «аҕаа» диэхпин да куттанар этим. Оскуолаҕа киирэ иликпинэ, сэттэбэр быһыылаах, ол дьыл фермаҕа буолбакка, Нуучча Сиригэр дьиэбитигэр кыстаан олорор эбиппит. Сааһыары, күнүс эбит. Почта аҕалан биэртэрэ. Оччотооҕуга ыал бары хаһыат, сурунаал бөҕө суруттарар этилэр. Аҕам үлэтиттэн кэлбитигэр мин хостон сүүрэн тахсан: «Аҕаа, хаһыат кэлтэ!» — диэн чаҕаарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла! Куттанным аҕай! Арай аҕам туох да диэбэтэ, кыыһырбыта да биллибэтэ! Ити борбуйбун көтөхпүтүм кэннэ аан-бастаан «аҕаа» диэһиним этэ. Ол эрэн өйбөр аҕыйах сылаас түгэннэр иҥэн хаалбыттар: икким-үһүм эбитэ дуу, хараҕым, торухуома диэн оччотооҕуга сыстыганнаах ыарыы баара, онно ыллараммын, кыһын миигин Тамалакааҥҥа балыыһаҕа аҕам сыарҕалаах атынан илдьибитэ. Ону үдүк-бадык өйдүүбүн: аҕам көтөҕөн иһэр. Уһун баҕайы олбуор көстөр, ону хайыһан көрбүппэр аҕам «Уу-йугуйук, көрөр ээ..» диэн баран сыллаан ылбыта. Кыра эрдэҕинээҕибиттэн өссө биири өйдүүбүн. Мин түөрпүн туолбут эбиппин. Биир күн лүөккэбэй массыына кэлэн ийэбит ханна эрэ барыста. Ол дьэ били кэтэһиилээх уол оҕону Туорааҕы төрүү барбыт эбит. Кыһын этэ. Күнү быһа балтыбын Баалыкканы кытта иккиэйэҕин эрэ дьиэҕэ хаайтаран олоробут. Ийэбитин ахтан бөҕөө, ытаһабыт. Мин: «Ити мин массыына кэлбитин этэн биэрбитим, эппэтэҕим буоллар ийэбит барыа суох этэ», — диибин.

Тоҥуулаахха оскуола суох буолан, тоҥуулаахтар үгүспүт Харбалаахха ыалга, интернакка олорон үөрэнэрбит. Каникулга дьиэбитигэр кэллэхпитинэ ийэбит утары кэлэн сыгынньахтаталаабытынан барара. Валикканы сыллааччылар, миигин ким сыллыа баарай! Бастаан утаа киэһэ утуйаары сытан суорҕан иһигэр «ийэм сыллаабатаҕа» диэн кистээн ытыыр этим. Кэлин улаатан истэҕим ахсын наадыйбат буолтум.
Алтыс оҕонон уол төрөөбүтүгэр эһэм үөрэн, оһох айаҕар олорон, уолу ньилбэгэр сытыаран уотун аһата-аһата алҕаабыта: «Туура тэппит туйаҕым» — диэбитин дьиктиргээбиппин өйдүүбүн. Уолу аҕатын аатынан Данил диэн ааттаабыттара. Эһэм олох күнэ бу уолтан тахсара. Оннооҕор биирдэ, сайын этэ, утуйа сытан уһуктан ытаабытыгар оонньуу сылдьар эдьиийдэрбин ыҥыраары эһэм түннүгү дьөлө охсубутун өйдүүбүн.

Эһэм Обуой сүрдээх уус, булчут эбит. Аны туран туос хаҥас эбит. Кини тутуспут ыскылааттара, дьиэлэрэ билигин да Харбалаахха, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүү куоратыгар тураллар. Бүлүү аатырбыт атыыһыта Расторгуев эһэбэр уон мас орону, уон олох маһы, совалов диэн истиэнэни тилэри, ити билиҥҥи буфет ыскааптары маарынныыр ыскаап сакаастаан оҥорторбута үһү. Улахан уола Ньукулай үөрэхтэнэн учуутал буолбутугар сундуук оҥорбут «көстүүмүн бүк туппакка угуо, имиллиэ суоҕа» диэбитэ үһү. Кэлин ыал буолтун кэннэ кириэһилэ, таҥас угар ыскаап (шифоньер) оҥортообута билигин Ньукулайдаах улахан уолларыгар, убайбар Анатолий Николаевичтаахха бааллар. Эһэм Үөһээ Бүлүүгэ, улахан уолун аахха олорон, интэринээти хас да буолан муосталаабыттар. Оччолорго дириэктэр Спиридонов Дмитрий Спиридонович эдэр киһи, киирэн көрүтэлээн баран, сэбиэдиссэйгэ нууччалыы сирбитин биллэрбит. Онуоха биһиги эһэбит хабыллан турбут: «Дьэ оччоҕо бэйэҥ оҥор, көрүллүө!»- диэн буолбут. Оччотооҕуга нууччалыы билэр ахсааннаах буоллаҕа. Эһэм эдэригэр Бодойбонон, Алданынан, Ааллаах Үүнүнэн бары сылдьыбыт киһи үһү. Ол сылдьан нууччалардыын, араас урдустардыын да алтыһара кэмнээх буолуо дуо. Нууччалыы холкутук балкыһара үһү. Баай Бараахап аймаҕырҕаан, эһэбин эрэнэн, арыытын-этин обуоһунан Алданынан, Өлүөхүмэнэн тиийэ эргинэригэр обуоһу эһэм Обуой салайара, харчыны кини тутара үһү. Муус турда да хомунуу буолар эбит. Оччоҕо-баччаҕа барыы диэни «Чэ, Обуой кэллин, быһаарыаҕа» диэн буолара үһү. Эһэ Харах диэн «ороспуой» диир киһилэрэ, эһэбин кытта бэрт доҕордуулара үһү. Биирдэ лаппа сааһырбыттарын кэннэ, эһэбэр, оҕонньор Үөһээ Бүлүүгэ Ньукулайыгар олордоҕуна, Эһэ Харах күүлэйдии кэлбит. Хоно сытан арааһы бары сэһэргэһэн күлсүү бөҕө үһүлэр. Араас мүччүргэннээх сырыыларын ахтыһаллара үһү. Ону истибит, оччолорго уончалаах уол убайым Анатолий Николаевич: «Биирдэ куотуу буолбут. Эһэм ойуур устун сүүрэн иһэн туохтан эрэ иҥнэн сирэйинэн баран түспүт. Илиитинэн бэт сымнаҕаска тайана түспүт. Иэдээн сыт үһү! Көрбүтэ былыр үйэҕэ сытыйан үөн ыһан эрэр киһи сэмнэҕэр түспүт эбит! «Дьэ ол сыта баара!» диирэ» — диэн эһэтэ кэпсиириттэн быһыта-орута өйдөөн хаалбытын санаан аһарбыттаах. Эһэм эдэригэр бэйэтин лаппа кыанар киһи эбитэ үһү. Айаҥҥа суол тэлээччинэн кини сылдьар эбит. Ол Алдан, Өлүөхүмэ суола хайа сирэйинэн, сүүрүктээх үрэхтэринэн ааһар, бэрт элбэх моһоллордоох, ылбычча киһи тулуйбат да, кыайбат да айаннарын аартыктара буоллаҕа. Оччотооҕу айанньыттар киһи киэнэ мургуннара буолан араас оруспуойдартан, бандьыыттартан мүччү туттаран тыыннаах эргиллэн эрдэхтэрэ. Кыараҕас суолу былдьаһыы, урут түсүһүү суол тэлээччиттэн тутулуктааҕа үһү. Биирдэ эмиэ таһаҕаска сылдьан, муостанан аасыһыыга икки инники утарыта иһэр сыарҕалаахтар тыл тылларыгар киирсибэтэхтэр. Обуойу анараа киһи сутуругунан сирэйгэ охсон эрдэҕинэ аһаран биэрэн баран, хаҥаһынан охсон кууһуннарбыт. Хаҥас охсууну күүппэтэх киһи тиэрэ таһыллан эрдэҕинэ хонноҕун анныгар тэппит. Көрөн турбут дьон баһылыктар быһаарсыылара бүппүтүнэн салгыы айдаарса барбатахтар, сол курдук биһиги дьоммут обуоһа күргэни урут туораабыт. Оттон биирдэ, Бодойботтон иһэн, кыараҕас суолга арыычча хойутааннар суол биэрэн, обуостаахтар бөҕө таба көлөнөн ааспыттар. Бүтэһик наарталаах киһи ааһан истэҕинэ Обуой, суол былдьаппыт абатыгар, өтүүнэн быһа кымньыылаабыт. Онтуката, өлүү болдьохтоох, көхсө бөгдьөгөрдөөх эбит. Оҕустарааччы эргиллэ биэрээт, кыраан субуруппут. Ол онон хаалбыт. Саас суол хаалыыта, уһун-киэҥ айаны айаннаан дойдуларын булбуттар. Арай дьиэтигэр кэлбитэ, кыра уола Хойутаан курдуур буолан, баалаппыт бадахтаах, ириҥэнэн уста сытар үһү. Оччолорго Тоҥуулаах эргин алаас ахсын да кэриэтэ ойуун-отоһут үөскээн олорбут дойдута. Биир ойууну аҕалар. Ол оҕонньор кэлэн мэнэрийэн-мэнэрийэн баран уолу өҕүппүт. Онуоха көрбүттэрэ, чэҥкир уу кыыһа бөҕөнөн уоллара өҕүйбүт. Оҕонньор ону туоска суулуу тутан баран уот тартаран, ботугуруу-ботугуруу уматан кэбиспит. Дьэ онтон ыла уол үтүөрэр аакка барта үһү. Кэлин эһэм, уола ити ыалдьыытын били, айаҥҥа сылдьан дьээбэлэммитим содула буолуо диирэ үһү. Ол бөгдьөгөр көхсүлээх киһи тоҥус ойууна үһү.
Эһэм ити курдук тэлэһийэн хас эмэ сылы быһа сүтэ-сүтэ күөрэйэрэ үһү. Ол да иһин буолуо, оҕолоро сэттэлии сыл арыттаахтар. Дьахтарга да сирдэрбэт үчүгэй дьүһүннээх үһү. Кэпсэлгэ сылдьарынан, Обуой эдэригэр Бодойбоҕо биир эрдээх нуучча дьахтарын сөбүлүү көрбүт. Биирдэ түүн утуйа сытар ыалга быһаҕын туппутунан көтөн түспүт. Хоонньоһон утуйа сытар дьон соһуйан уһуктубуттар. Обуой быһаҕынан дьахтары ыйбытыгар хоонньоһо сытар эрэ дьахтарын туруоран ойоҕоско сутуругунан саайбыт. Инньэ гынан Обуой дьахтарын илдьэ таҕыстаҕа дии.
Эһэм мин өйдүүрбүнэн, маҥхайа сатаан баран ыыс араҕас өҥнөммүт баттахтаах, күөх харахтаах, сэҥийэтигэр сэксэйбит убаҕас бытыктаах, улахан маҕан оҕонньор этэ. Сүрдээх элбэх сэһэннээх, оонньуулаах, олоҥхолуур да, үҥкүү да этэр киһи эбит. Өссө алгысчыт үһү. Тоҥуулаахха кыайыы ыһыаҕын ыспыттар. Онно алҕаабыта, үҥкүү тылын таһаарбыта үһү. Ол ыһыахха биир улахан сүөһүнү туттубуттар. Биирдии үчэһэ эт, биирдии хомуос кыыймыт арыы, быыппах түҥэппиттэр. Үөһээ Бүлүүгэ оруйуон киинигэр эмиэ Кыайыы ыһыаҕар үҥкүү эппитин туһунан өрдөөҕүтэ араадьыйанан биэриигэ ким эрэ ахтыытыгар кэпсээн аһарбыт үһү.
Арай биирдэ, соҕуруу үөрэнэ сылдьан, иккис кууруһу бүтэрбит сайыммар, Үөһээ Бүлүү пордуттан тахсан абаҕам аахха чаайдаан баран сатыы Харбалаах диэкки анньынан кэбистим. Оруйуон кииниттэн Харбалаах оччолорго 45 биэрэстэ, оттон тиийиэхтээх сирим Тоҥуулаах Харбалаахтан икки көстөн ордук тэйиччи этилэр. Сатыы хаамардыы атаҕым таҥаһын тэринэн кэлэрим. Оччолорго автобус эҥин диэн суох. Үксүн сатыылаан, хантан эрэ ханыаха эрэ диэри массыынаҕа, тыраахтырга олорсон атах тардыстан биир күн иһигэр Харбалаахха тиийэҕин. Өссө биирдэ табыллан Иркутскайтан Тоҥуулаахха биир күн иһигэр тиийбиттээхпин. Арай Үөһээ Бүлүүттэн лаппа тэйбитим кэннэ биир лүөккэбэй массыына ситтэ. Хата миэстэлээхтэр эбит, олортулар. Арай массыынаҕа олорон иһээччилэргэ Петр Николаевич Тобуруокап баар эбит. Мин 5-с кылааска Нам орто оскуолатыгар үөрэнэрбэр Петр Николаевич саха тылын үөрэтэрэ, онон киниэхэ үөрэммитим. Сэһэн-сэппэн ырааппыт. Өйдөөбүтүм, мин эһэм Обуой Ньукулай туһунан кэпсии иһэр эбит. Онно Петр Николаевич эһэм тыыннаах ойохтоох эрээри иккис ойоҕун сүгүннэрэн аҕалбытын туһунан кэпсээн күлсүү бөҕөлөр. Ол мин элбэхтэ истибит сэһэним этэ. «Ити мин эһэм туһунан» диэм этэ буоллаҕа!. Оҕо буолан буолуо, тугу да саҥарбатаҕым. Дьэ ол маннык. Биирдэ эмиэ, Обуой тэлэһийэ сылдьан баран, дойдутугар саҥа ойохтоох тиийэн кэлбит. Инньэ Өлүөхүмэттэн ду, Бүлүү тыатыттан ду илдьэ кэлтэ үһү. «Эмээхсиним ыарыһах этэ. Өлбүт буолуохтаах», — диэн ойох ылбыт. Кэлбиттэрэ ойоҕо Аппырысыанньа тыыннаах эбит. Бэйэтэ тэтиэнэх эрээри, хараҕынан мөлтөөбүт. Кэлбит дьон ханна барыахтарай, уҥа диэкки оронноммуттар. Бэргэһэлээх эмээхсинэ хаҥас диэкки бэйэтин оннугар сытара үһү. Үс оҕолоохторуттан улаханнара Балаагыйа, орто уол Ньукулай ону-маны өйдүүр саастарыгар сылдьар дьон эбит. Арай мин аҕам мэник-тэнэх, уончалаах уол үһү. Биирдэ Аппырысыанньа хотонугар тахсаары гыммытыгар эдэр ойох: «Хараҕа-көһө мөлтөх киһи эн дьиэ иһин бэрий, хотону мин көрүөм», -диэбит. Дьэ онуоха эмээхсин хабыллан турбат дуо: «Аны баайбын былдьаары кынныҥ дуо! Киэр буолуҥ!» — диэн үүртэлээн кэбиспит. Обуой ыал кэпсэтэн көһүү буолбут. Эһэм тахсаары туран оҕолоругар: «Хайаҕыт барсар?» -диэбит. Икки улахан муннуларынан-айахтарынан тыымматахтар. Арай кыра уол «мин барсабын!» диэн барсыбыт. Киэһэ хонугар төптөрү сүүрэн кэлбит «Аҕам көлөһүнүттэн сиэһэбин доҕор!» диэннээх үһү. Ити курдук хонугар ийэтин аахха, күнүһүн аҕатын аахха сылдьыбыт. Саас буолбут. Арай тиэргэҥҥэ аҕалара балык бөҕө кутан кэбиспит буолар эбит. Сороҕор тиргэ куһун быраҕан ааспыт буолар эбит. Аны ийэлэрэ окко барарыгар «Били киһи иэдэйдэҕэ», — дии-дии остуолга суорат ытыйан, быыппах кутан хаалларар идэлэммит. Күһүнүгэр, сыарҕа хаара түһүүтэ, «сатаан олоруо суохпут» диэн Обуой эдэр ойоҕун дойдутугар көһөрөн илпитэ үһү. Тобуруокаптаах: «Неустроев «Тиэтэйбитин» арааһа, Обуойтан суруйбут быһыылаах», — дэһэллэр этэ.

Эһэм Обуой туһунан номох буолбут араас сэһэн элбэх. Эһэм эдэр сылдьан чугас аймаҕар, Күөкэтэр Миитэрэй диэн улахан ойуун киһиэхэ кутуруксутунан сылдьыбыттаах эбит. Кэлин Күөкэтэр өлөр охтуутугар сытан Обуойу ыҥыттарбыт. Күөкэтэрдээх Моччой алааһыгар олороллоро үһү. Обуой саатын сүгэн Асхараматтан Ампаардааҕынан Күөкэтэрдээххэ барар. Арай суолун ортолоон эрдэҕинэ биир хара улар суолга хаама сылдьар үһү. Саатын эһэ охсон ылан ытаары кыҥыыр да отой ыттарбат, көтө-көтө түһэр, баран да хаалбат. Сити курдук «аргыстаһан» Моччой Алааһыгар тиийиитигэр улара сүтэн хаалар. Күөкэтэрдээххэ көтөн түспүтүгэр Миитэрэй оронугар сытара үһү: «Уолум хата ыппата ээ. Соруйан, хайдах буолар эбит диэн дьээбэлээтим» диэбитэ үһү.

Былыр, абааһылаах дьиэлээх ыал элбэх эбит. Тоҥуулаахха Балаҕан Көлүйэҕэ биир ыалга хоммут. Бу ыал абааһылааҕынан биллэр ыаллар эбит. Хоноһо да хоммото үһү. Арай утуйа сыттаҕына сылгы сааҕа кэлэн түспүт. Эһэм онно көрбүтэ, хотон аанын аттыгар биир «киһи» кинини одуулаһа турар үһү. Илиитигэр сылгы саахтарын тамныырдыы бэлэм тутан турар үһү. Эһэм түспүт сааҕы эһэ охсон ылан били турааччыны бэйэтин быраҕан кыыраппыт. Онуоха биирдэһэ хотон иһигэр дьылыс гыммыт уонна биллибэтэх. Ол дьиэ хотонун баҕаналара аҕыйах сыллаахха диэри күөл уҥуор өтөх оннугар тураллара. Өссө биир түгэн. Биирдэ сайын, Тамалакаантан, хайа эрэ ыал: «Кыһалҕаҕа ыллардыбыт. Кэлэ сырыттын», — диэн Обуойу ыҥыртарбыттар. Соҕотох кыыстаахтара майгылыын-сигилилиин уларыйан, киһини кытары кэпсэппэт, түҥнэри хайыһан олорон аһыыр буолбут. Дьэ, Обуой ол ыалга тэринэн барбыт. Бу ыал туруорбах балаҕаннарыгар сыһыары тутуллубут дьоҕус ампаар дьиэлээхтэр эбит. Туруорбах балаҕаннарын күүлэ гыммыттар эбит. Чэйдии олорон, сэмээр кыыстарын одууласпыт. Ыаллар кыыстара саҥата суох дьонтон сирэйин кистии сылдьар эбит. Киэһэ утуйуу буолтугар Обуойга аан аттыгар сыҥаһа ороҥҥо таҥас бэлэмнээбиттэр. Кыыс туһунан утуйар хостоох үһү. Обуой кэтээн, утуйбута буола сыппыт. Дьон утуйан муннуларын тыаһа сыыгынаан хаалбыт. Арай, оргууй аҕай кыыстара хоһуттан тахсан таһырдьа ааспыт. Обуой иһиттэҕинэ күүлэҕэ туох эрэ тыаһаабыт. Ойон туран ааны тэлэйэ баттаабыта, биир уот кугас баттахтаах дьахтар солууру түҥнэри ууран салҕанан өһүөҕэ быа баайа сатыы турар эбит! Обуойу көрөөт соһуйан, кылана түһээт, таһырдьа ыстаммыт. Обуой сырсан тахсыбыт. Били дьахтар тиэргэҥҥэ кыра ампаар турарыгар сүүрэн тиийэн муннукка кэтиллэр курдук гыммыт да, мэлис гынан хаалбыт. Обуой ол муннугу чинчийэн көрбүтэ, биир бэрэбинэ баһыгар ойдуулаах эбит, онто хайаҕас буолбут. Арааһа манна киирдэ быһыылаах диэн ол хайаҕаһы мас кыстыыртан мутук булан бүөлүү саайбыт. Ол тыаска дьиэлээхтэр айманан тахсыбыттар. Кыыстара моонньугар ынах быатын кэтэн сиргэ бөтүөхтүү олорор эбит. Ыххайбыттарыгар дьэ кэпсээбит: «Ити дьахтар бу сааскыттан буулаабыта, өлөрө сатаабыта ыраатта. Бу түүн хайаан да өлөрүөхтээх этэ», -диэбит. Ол абааһы уонна биллибэтэҕэ үһү.
Эһэм былыр оттуур-мастыыр саастарыгар сылдьан, окко киириэх иннинэ хатарынар үгэстээҕэ үһү. Бөрө дьаатын быһах төбөтүгэр ылан аска буккуйан сиирэ үһү. Инньэ гынан дэлби ыран, хатан, көлөһүннүрбэт, үөн-көйүүр да чугаһаабат буолара үһү.
Эһэм туох да сүрдээх аллаах, киһи эрэ бары ымсыырар аттааҕа үһү. Бу ат биир уһулуччута диэн ууһут эбитэ үһү. Былыр, Кыадаҥда Эбэ уу бөҕө киирэн турар кэмигэр, киэҥ киэлитэ баһа-атаҕа биллибэт гына маһыттан анньан сүрдээх буолара үһү. Ону Обуой обургу атын мииммитинэн харбатан туоруура үһү. Ата харбаан уҥуоргу туруору эмпэрэҕэ тиийэн анньыллан баран, кыйа харбаан, сыырынньа сири булан, онон тахсара үһү. Көр оннук ууһут сылгы үһү.
Дьэ биирдэ сайын, Обуой Бүлүү куоратыттан ахсым атын миинэн, сиэллэрэн доҕулдьутан тахсан испит. Ол истэҕинэ ата бүдүрүйэн илин атаҕын сототунан тосту түһэн кэбиһэр. Сөҕүөн быатыгар, суол ааттаах үчүгэй үһү. Эһэм абаран да, аһыйан да хайыай, хаарыан атыттан мэлийдэҕэ ол! Онтон атын «салҕаан» баран, сатыы баран испит. Ол иһэн өйдөөбүтэ, кэнниттэн оҕус хабаҕын саҕа уот батыһан иһэр эбит. «Дьэ муокас эбит!» -дии саныыр да хаамарын эбэн биэрэр. Уота олох хаалбат үһү. Тохтоотоҕуна тохтуур эбит. Ол курдук батысыһан Тоҥуулаахха дьиэтигэр тиийэ кэлсэр. Оччолорго Өтөххө олороллоро үһү. Дьиэтигэр көтөн түһэр да, субуйааҥкы саатын эһэ охсон ылан, сиэмэ бурдугунан уонна уоттаах чоҕунан ииттэн баран, аанын сэгэтэн көрбүтэ уота сэргэ төбөтүгэр олорор үһү. Ыппытыгар иэдээннээх улахан тыаһы кытта уота дэлби барбыт. Ол күн Обуойу уот батыһан иһэрин хас да киһи көрбүт үһү. Ити итинэн ааспыт. Аҕыйах хонон баран Бүлүү эргиннээҕи Мэчэкэй ойуун эһэбин «кэллин» диэн ыҥыртарбыт. Эһэм барбатах. Онтон Мэчэкэй өлбүт сураҕа иһиллибит «Обуой сиэтэ!» — диэбитэ үһү. Эһэм Мэчэкэй ойууҥҥа иэскэ киирбиттээх эбит уонна онтун, төһө эмэ илдьиттээбитин үрдүнэн, төлөөбөккө уһаппыт. Ол иһин, Мэчэкэй ойуун эһэм атын «туттар», уонна уот буолан батыспыт эбит. Барбыта буоллар эһэбин бэйэтин «сиэ» эбитэ буолуо.
Тоҥуулаахха төрөөбүт, Харбалаах олохтооҕо Боруоссап Ньукулай биэс уон алта-сэттэ сыллар эргин быһыылаах, оҕо сылдьан ийэтинээн мин дьоммун кытары дьуккаах олоро сылдьыбыттар. Ньукулай көхсүтүгэр икки сиринэн кутургуйа тахсан ырбаахыны да кэтэрдибэккэ, оһон биэрбэккэ сор үһү. Онуоха биир сарсыарда эһэм оҕонньор оһох айаҕар олорон Ньукулайы ыҥыран ылан көхсүн көрбүт уонна силлээн батырҕаппыт. «Силэ биримээнэ көхсүбэр түһэрэ биллэр этэ! Ону кытта көхсүм килэччи оһон хаалта.»- диэн кэпсээбиттээх ол туһунан Ньукулай 2014 сыллаахха.
Аны санаатахха, эһэм маатырынньыт да эбит. Оҕонньоруҥ үөс сирдэринэн тэлэһийбит буолан маатыры бөҕө этэ. Мин иһиттэхпинэ «Чаадайдар!», «Дьиэбдьиэнээмээт!» эҥин диэн үөхсэр. Кэлин өйдөөтөххө «Чаадайдар» диэнэ чадо диэн тыл быһыылаах. Ээ мин биирдэ эһэбин үтүктэн “дьиэбдьиэнээмээт!” диэтим. Онуоха сэппэрээтэринэн үүт эрийэ турар ийэм: ”Дьэ маатырыннаан эр. Эһэҥ курдук уоһуҥ хараарыа!” – диэтэ. Эһэм үөһээ уоһун чорбоҕоро харалаах этэ. Сонно тута ол харахпар көһүннэ. Ол кэннэ оччоттон баччааҥҥа диэри хайа да түгэҥҥэ, быһылааҥҥа маатырыннаан айыыга киирэ иликпин.
Эһэм аһыырынан боруоктанан икки сыл суорҕаҥҥа тэллэххэ сытан өлбүтэ. Ыалдьар буолуоҕуттан аҕабынан күлгэрини туттаран, киэһэ утуйарыгар ол баҕайыны иҥиир сабынан аҥар атаҕыттан баайан, сабын аҥар уһугун бэгэччэгэр баанан баран тыыннаахтыы ыйыстан кэбиһэрэ. Биирдэ онтун хостоон силлиир иһитигэр бырахпытын көрбүтүм кып-кыһыл өҥнөммүт этэ. Эмтэнэр быһыыта буоллаҕа. Оччолорго Тоҥуулаах барахсаҥҥа Нуучча Сиригэр олоробут. Ыал элбэх этэ. Ыалдьа сылдьан, сытыан аҕай иннинэ быһыылаах, тайахха тэптэрэн Эбэҕэ киирэн тиргэлиир, илимниир этэ. Ийэм ”Эһэҕитигэр баран көмөлөһүҥ” диэн балтым биһиккини кэнниттэн ыытара. Кус бөҕөнү далаһаҕа ууран кэбиспитин балтым Туккайдыын соһон-сыһан кэлэрбит. Тымтайдаах балыгы кыайбакка бөҕө! Өлүөрүгэр Эбэттэн кус бөҕөнү саннытыгар иилэ быраҕынан иннитигэр-кэннитигэр ындыыланан, аны тууйастаах балыга, биримээнэ онто да суох улахан баҕайы оҕонньор өрөһөлөнөн ахан иһэр буолара. Ыалларбытыгар кими да матарбакка кус, балык үллэриитэ буолааччы. Ийэм балыгы хатырыктыан иннинэ уу кутан, онтутугар сайҕаан ыла-ыла хатырыктыыр буо, ону эһэм сөбүлээбэт этэ: «Салыҥын ньылбы сууйаҕын, минэ барбат!» — диирэ. Тоҥуулаах барахсан быйаҥнаах эбэлэриттэн аһаатым ини, аһаабатым ини! Үп-үрүҥ хойуу, хоргуннаах балык миинин элбэхтэ истэҕим. Аҕам эмиэ балыксыт, иһиттээх-хомуостаах булчут бөҕө киһи этэ. Онон биһиги балыгынан, тайах, кус-куобах этинэн аһаан улааппыт оҕолорбут.
Оччотооҕу оҕолор сайын түмсэ түстүлэр да бары ыаллаах оонньууллар, биитэр өрбөх, кумаахы куукулаларынан түннүккэ дьиэлэнэн оонньууллар. Сайын түннүк аайы «ыал» баар буолара уонна бары Туораах диэн уол оҕолоох буолааччылар. Саамай кырабытын, Туораахтан икки сылтан ордук балыс Палаша диэн кыыһы, кырата бэрдин иһин ороҥҥо сытар оҕону биһиги, оҕолор төгүрүйэн туран Быытаайык диэн таптаан ааттыырбыт. Таһынааҕы ыалбыт миигин кытта бараллаа Бахчытар диэн таптал ааттаах уоллара биһигиттэн арахпат этэ, күн ахсын киирэн оонньуур. Ол уол балыспытын таптаан Маатаайык диэн ааттааччы. Онтубут кэлин уларыйан Маатай диэн буолта. Туораахтаах Маатай ыал туурата буолан, мөҕүллүбэккэ улааппыт дьон.
Эһэм өлөр сылыгар сайын, мин биэспэр сылдьарым, дьиэбитигэр оһох тутаарылар, уулусса ноҥүө турар балыыһа дьиэҕэ быстах олорбуппут. Ийэм аах оһох кэннин диэкки түннүк аннынан, онтон салгыы биир ороҥҥо атахтаһан эдьиийим Дааса биһикки сытабыт. Ийээлээх оронноругар ыкса тардыллан кыһыл оҕобут — уолбут ороно турар. Быраас хоһугар эһээ сытара. Палатаҕа эдьиийдэрим уонна балтым Баалыкка сыталлар. Арай түүн утуйа сытабыт. Сайыҥҥы от ыйын саҥата бадахтаах, сырдык этэ. Дьэ мин туалеттаары гынным, эдьиийбин уһугуннардым. Оронтон чугас горсуокпут турар. «Бар, уруунньукка олор!» -диэн буолла. Ол олорон оһох үрдүнэн көрдөхпүнэ, эһэм хоһун аана аһылынна. Мин өссө дьиктиргии санаатым «эһээ турда» диэн. Киһи көмөтө суох турбат буолбут кэмэ этэ. Онтон арай, оһох чанчыгынан, үүт-үкчү, били кинигэҕэ эрэ көрөр куоска диэн кыылым курдук сирэй өҥөйбөт дуо! Миигин көрөр! Онуоха эдьиийим Дааса «абааһы!» диэт суорҕан анныгар дьылыс гынна. Паа, мин олоруом дуо, эмиэ орону былдьастым! Суорҕан анныгар сытан утуйан хаалбыт этим. Дьоммор кэпсээтэхпинэ саба саҥараллара. Эдьиийим Даасаттан кэлин сааһыран баран өйдөөн ыйыталаспыппын отой да умнубут этэ. Аны санаатахпына, ол эһэбин «сиэри» сылдьар баҕайы илэ көһүннэҕэ буолуо.
Ол дьыл күһүнүгэр Нуучча Сириттэн Халдьаайыга көһүү буолла. Улахан кыргыттар, суохтарынан сэрэйдэххэ, Харбалааҕынан, Ороһунан оскуолаларыгар үөрэнэ барбыттар быһыылаах. Аны санаатахха кыстыы фермаҕа көһүү эбит. Ол аата балаҕан ыйын бүтэһигэ ду, алтынньы саҥата ду буолуохтаах. Эһэбин сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн, биһиги оҕолор батыһан барбыппыт. Ол көһөрбүтүгэр ыаллар дьиэлэрин айаҕар тахсан бакаалаһан көрөн туран хаалтара. Обуой оҕонньор бу кэннэ дьиэтигэр тыыннаах эргиллибэтин билэн эрдэхтэрэ… .
Халдьаайы ферматыгар кулууп диэн ааттаах улахан дьиэҕэ хас да ыал буолан дьуккаах олорорбут. Эһээ хоһо диэн биир хоско эһэм соҕотоҕун сытара. Биһи бары оҕолордуун, ийэлиин-аҕалыын биир хоско, атын икки хоско ыаллар бааллара. Бары ферма үлэһиттэрэ. Дьонум сарсыарда үлэлэригэр тахсыбыттарын кэннэ эһэм миигин алталаах-сэттэлээх киһини “Хотуой, кэл!” диэн үлтү хаһыытаан ыҥыран ылан, хааһытын тобоҕун сиэтэрэ. Ээ мин кылбаарыччы салаан кэбиһэрим. Бу аат оҕонньоро өссө силлиир иһитин эмиэ миигиннэн тохтороро! Ийэм: “Тоҕо киирэҕин! Син-биир турбат, кэһэтиэ суоҕа” диэн бопсоро да, эһэм “Кэлиэҥ суоҕа да туруом, отой өлөруөм!» диириттэн куттанан син биир баран иһэрим. Тайаҕын төбөтүн халтарыйбатын диэн аҕам тоһоҕолоон биэрбитэ, дьэ ол тайаҕынан, куттанан хаамар-хаампат чугаһаабытым кэннэ дьөлүтэ анньар буоллаҕа. Биирдэ наһаа күүскэ охсубута. Ийэм хотонуттан киирбитигэр балтым Валикка: «Эһээ Ьүөтэни тайаҕынан охсубута!» — диэн ийэбэр үҥсэ тоһуйда. Ийэм таҥаспын өрө тардан көрбүтэ, ойоҕоһум дьуккуруйуор диэри саайбыт этэ. Көр оннук абааһы көрөрө. Ол бэйэтигэр, сиэннэриттэн киниэхэ маарынныыр мин эрэ. Аһары баран, кыра уолум, мин эһэбиттэн удьуордаабыт илини-арҕааны ыйа сылдьар уһун сыҥаахпын, кыараҕас харахпын, синньигэс сирэйбин, сүһүөхтээх муруммун батарын ааһан, оруобуна эһэм курдук түргэн-түргэнник ыстаан сыҥааҕа эйэҥэлиир буоллаҕа.
Эһэм өлөр күнүн чуоккай өйдүүбүн. Саҥа дьыл иннинэ этэ. Киэһэ этэ. Дьиэҕэ оҕолор эрэ баарбыт. Арай эһэм саҥата: «Тооруом, Тоойус!» — диэтэ. Онуоха мин хоһун ааныгар сүүрэн тиийэн: «Ону баара Тоойус оскуолаҕа буотта» — диэтим. Эһэм: » Чаайда аҕал эрэ» — диэтэ. Мин оһох үрдүгэр турар чаанньыгы тардан көртүм кураанах эбит: «Чаай суо- ох!» — диэтим. Эһэм: » Ээ буолаахтыа… «- диэтэ. Ол онон ааста. Мин тугу эрэ сибииккээн аргыый тиийэн хос аанынан эһэбин көрбүтүм, эһэм бэттэх хайыһан сытар этэ, хараҕын уота көҕөрөн көстөрө. Онтон куттаммыппын өйдүүбүн. Киһи хараҕа уоттанара диэни уонна көрө иликпин. Дьиэ хараҥаран биһи ылы-чып олордохпутуна ийэм үлэтиттэн киирбитигэр, мин кэпсии тоһуйдум. Ийэм таҥаһын уларыттан остуол таһыгар олорон табаахтаата. Тугу да саҥарбат. Балачча буолан баран аҕам киирдэ. Ийэм: «Доҕоор, көр эрэ, оҕонньор куһаҕан ду, хайдах ду»- диэтэ. Аҕам эһэм хоһугар киирэн: «Аҕаа! Аҕаа!» — диир саҥата иһилиннэ. Онтон чочумча буолан баран хараҕын сотто-сотто таҕыста. Онтон аҕам Нуучча Сиригэр тоҥ турар дьиэбититтэн сыарҕалаах атынан эһэм таҥаһын аҕала барда. Санаабар, өр да буолта. Тоҕо эрэ дьиэ хараҥатын өйдүүбүн. Быстах-быстах өйдүүрбүнэн, абаҕаа Ньукулай, Балаагыйа эмээхсин бааллара. Абаҕам эһэм хоһугар утуйарыгар: «Аҕам туран да кэллэҕинэ куттаныа суохпун!» — диирин, чүмэчитин умуруоран хоммутун өйдүүбүн. Эһэм хоруобугар биир иһит ууламмыт испиир, сиэбигэр харчы укпуттара. «Эһээ дьааһыга» диэн хороҕор, хоҥор кырааскалаах дьоҕус дьааһык билигин да баар. Оҕонньор суох буолтун кэннэ, сайын, аҕам ол дьааһыгы арыйда. Туох баарын бу диэн өйдөөбөппүн. Арай биһиэхэ «оонньооҥ» диэн кумаахы харчы бөҕөнү биэртин ый-күн ыһыаҕа оҥорбуппут. Кэпсэтэллэриттэн өйдөөн хаалбыппынан, эһэм 93 саастаах эбит этэ. Кэлин саҥаһым, үтүөлээх учуутал Меланья Спиридоновна Воронкина сааһыран олорон: «Обуой оҕонньор 93 сааһыгар өлбүтэ, мин да тоҕо 93-пэр тиийиэ суохтаахпыный?» — дии-дии күлэ олороро субу баар. Саҥаһым эһэм сааһын куоһаран 99 сааһыгар күн сириттэн арахпыта.
Дьонум былыр Эбэ уҥуор Өтөххө олоро сылдьыбыттар. Өтөх былыр колхуос киинэ эбит. Ампаардаахтан дьиэлэрин көһөрөн аҕалан Өтөххө олорбуттар. Онтон аны Өтөхтөн Нуучча Сиригэр көһөрүү буолбут. Салгыы икки хоһу эбэн туттубуттар. Оччолорго эһэм улахан уолугар Ньукулай Ньукулаайабыстаахха Үөһээ Бүлүүгэ олороро үһү. Аҕам дьиэтин эдьиийин Балаагыйа кыра уолунаан Болуодьалыын көһөрөн туппуттар. Болуодьа оччолорго уончатын ааспыт уол илии-атах буоллаҕа буолуо. Кэлин улаатан баран, дэриэбинэ оҕолоро мустан өтөхтөрү кэрийэр идэлээх этибит. Өтөххө дьоммут дьиэлэрин оннугар чыыска олбуордара, сэргэ тураллара. Дьиэ оннуттан эдьиийим Саргылаана муос буораах иһитин булан ылта. Түгэҕэ мас, онтукатыгар «ЕНЕ 1936 г.» диэн суруктааҕа. Эһээ киэнэ эбит диэн илдьэ кэлбиппит, кэлин сүппүт этэ. «Эһээ барыыга», «эһээ дэйбиирэ», «эһээ устурууһа», «эһээ эрбиитэ» диэн хойукка дылы эһэбитин санатар маллар элбэхтэрэ. Билигин мин музейга биэрбит, эһэм бэйэтэ оҥорбут, оронум, ыскаамыйам, ампаарбар турар эһэм дьааһыга эрэ бааллар.
Үөһээ Бүлүүгэ олорор чугас аймахтарбыт Солотуурап Ыстапааннаах-Чаһыы Ыстапаан, улахан кыыстара Лена Степановна биһиги эһэбитин үчүгэйдик билэр эбит. Эһэм уолугар Николай Николаевичтаахха олорор кэмигэр Чаһыыларга элбэхтик хоммут-өрөөбүт ыала. Чаһыы Ыстапааҥҥа таай буоллаҕа. Ыстапаан оҕолоро эһэбин «нуучча эһээбит» диэн ааттыыр эбиттэр. «Улахан баҕайы маҥан, күөх харахтаах оҕонньор этэ. Миигин наһаа да хаадьылааччы. Аҕаҥ төбөтүн ыттар төкүнүтэ сылдьаллара буолуо диэн ытатааччы. Аҕабын кытта хайаан да сэргэстэһэ орон оҥорторон хонор идэлээҕэ. Дьэ уонна сэһэргэһэн бөҕө буолаллара» — диэн Лена Степановна ахтар.
Орто туруу-бараа дойдуга икки атахтаах төрөөн-ууһаан ааста ини-ааспата ини! Барыта тус-туспа дьылҕа. Эһэм Обуой оҕонньор дьонтон элбэх уратылардаах, баай ис-хоһоонноох олоҕуттан дьон уоһуттан түспэт кэпсээн буолбут түгэннэриттэн уонна бэйэм биэстээх-алталаах оҕо өйдөөн хаалбыппын кэпсээтэххэ итинник.

Светлана Копыленко,

Үөһээ Бүлүү, Харбалаах.

Cүрүн хаартыскаҕа: хаҥас олорор Егоров Николай Егорович — Обуой оҕонньор

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

13 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

13 часов ago