Эһэни, хатыыһы, чыыры көҥүлэ суох бултаан дьыалаҕа эрилиннилэр
Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө.
Ол курдук, икки эр киһи Бүлүү өрүскэ көҥүлэ суох 44 сибиир хатыыһын уонна 2 чыыры, ону тэҥэ эһэни бултаабыттар.
Өссө аһары баран, буруйдаммыттартан биирдэстэрэ быраҕыллыбыт Промышленнай бөһүөлэк кыладыапкатыгар буораҕы, карабины уонна саа ботуруоннарын кистээбит, тыал илдьибит “Крым” мотуордаах оҥочотун уоран ылбыт. Уорбутун чиҥник кистиир туһуттан бу оҥочону кини атын өҥүнэн кырааскалаабыт уонна атын нүөмэри суруйан эрилиппит.
Хата, буруйу оҥорбут эр дьону Ис дьыала министиэристибэтин Кэбээйи оройуонун полициятын үлэһиттэрэ көрдүүр үлэни ыыта сылдьан, туппуттар.
Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы этиитин ылынан сууттаммыт дьонтон биирдэстэригэр 3 сыл көҥлүн быһарга уураахтаабыт, 17 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх ыстарааптаах 2 сылга усулуобунай-кэтээн көрөр болдьохтоох. Иккис киһитигэр – 1 сыл 6 ый усулуобунай-кэтээн көрөр болдьохтоох көҥүлүн 2 сылга быһарга.
Маны сэргэ 7254624 солк. суумаҕа борокуратуура ирдэбил түһэрбитин, иккиэннэриттэн төлөппүттэр. Уоруллубут “Крым” оҥочону хаһаайыныгар төннөрбүттэр. Бириигэбэр күһүгэр киирэ илик.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: