Эһэни, хатыыһы, чыыры көҥүлэ  суох бултаан дьыалаҕа эрилиннилэр

Share

Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна  да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө.

Ол курдук, икки эр киһи Бүлүү өрүскэ көҥүлэ суох 44 сибиир хатыыһын уонна 2 чыыры, ону тэҥэ эһэни бултаабыттар.

Өссө аһары баран, буруйдаммыттартан биирдэстэрэ быраҕыллыбыт Промышленнай бөһүөлэк кыладыапкатыгар буораҕы, карабины уонна саа ботуруоннарын кистээбит, тыал илдьибит “Крым” мотуордаах оҥочотун уоран ылбыт. Уорбутун чиҥник кистиир туһуттан бу оҥочону кини атын өҥүнэн кырааскалаабыт уонна атын нүөмэри суруйан эрилиппит.

Хата, буруйу оҥорбут эр дьону Ис дьыала министиэристибэтин   Кэбээйи оройуонун  полициятын үлэһиттэрэ көрдүүр үлэни ыыта сылдьан, туппуттар.

Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы этиитин ылынан сууттаммыт дьонтон биирдэстэригэр 3 сыл көҥлүн быһарга уураахтаабыт, 17 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх ыстарааптаах 2 сылга усулуобунай-кэтээн көрөр болдьохтоох. Иккис киһитигэр – 1 сыл 6 ый усулуобунай-кэтээн көрөр болдьохтоох көҥүлүн 2 сылга быһарга.

Маны сэргэ 7254624 солк. суумаҕа борокуратуура ирдэбил түһэрбитин, иккиэннэриттэн төлөппүттэр.  Уоруллубут “Крым” оҥочону хаһаайыныгар төннөрбүттэр. Бириигэбэр күһүгэр киирэ илик.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
7
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

48 секунд ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дьиэ кэргэн туһунан хоһооннор

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…

30 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Массыына «Хивуһу» кытта харсыспыт

Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, Өлүөнэ өрүскэ Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалын кэтэһэр пуунуттан  1200…

36 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэтинньи бүтүүтэ Саха сиригэр  күн-дьыл туруга уларыйа турар

“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа  уонна халлаан  сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Федерация Кубогар Уваровскай, Филиппов, Матаннанов киирсиэхтэрэ

Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр  национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…

2 часа ago
  • Сонуннар

Быйылгы навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ

Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…

2 часа ago