Эһиил биэнсийэ алын кээмэйэ төһө буоларый?

Share

Эһиил биэнсийэ алын кээмэйэ төһө буоларый, туох уларыйыылар киирэллэр? 

2025 сылга биэнсийэ алын кээмэйэ 15 250 солк. буолуоҕа. Бу дойду үрдүнэн биэнсийэлээхтэргэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ. Биэнсийэ төлөбүрэ бу көрдөрүүттэн намыһах буолуо суохтаах диэн Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр  дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб быһаарда.

Кини дойду хас биирдии субъега бэйэтэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтуурун уонна федеральнай таһымыттан намыһах буолуо суохтааҕын чуолкайдаата.

«Эрэгийиэҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ федеральнай таһымыттан намыһах буолар түгэнигэр федеральнай бүддьүөттэн эбии төлөнүөхтээх, оттон үрдүк буоллаҕына эрэгийиэн бүддьүөтүттэн  төлөнөр», — диэн Светлана Бессараб эттэ. Кини быһаарбытынан, дойду олохтооҕун социальнай биэнсийэтэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, бу суумаҕа диэри эбии төлөбүр ананар.

Билигин дойду үрдүнэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:

  • үлэлиир дьоҥҥо -16 844 солк.;
  • биэнсийэлээхтэргэ — 13 290 солк.;
  • оҕолорго — 14 989 солк.

2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үлэлиир дьоҥҥо — 19 329 солк., оҕолорго — 17 201 солк., биэнсийэлээхтэргэ — 15 250 солк. буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
11
+1
7
+1
3
+1
0
+1
1
+1
1
+1
7

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago