Эһиил БКЭ уонна ОГЭ хаһан буолуохтарай?

Share

2026 сылга Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн (БКЭ) сүрүн түһүмэҕэ бэс ыйын 1 күнүттэн, оттон Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) — бэс ыйын 2 күнүттэн саҕаланыа.

Эксээмэнээр араспысаанньаларын Үөрэх уонна билим эйгэтигэр кэтээн көрөр федеральнай сулууспата  таһаарда. Ол курдук, БКЭ болдьоҕун иннинээҕи түһүмэҕэ кулун тутар 20 күнүттэн муус устар 20 күнүгэр диэри, сүрүн түһүмэҕэ — бэс ыйын 1 күнүттэн от ыйын 9 күнүгэр диэри, эбии түһүмэҕэ — балаҕан ыйын 4 күнүттэн 25 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.

Сүрүн түһүмэх саҕаланар болдьоҕо үөрэх дьыла ыам ыйын 26 күнүгэр түмүктэнэрин учуоттаан быһыллыбыт. Биридимиэттэринэн ыллахха:

  • Бэс ыйын 1 күнэ — оскуоланы бүтэрээччилэр историяны, литератураны уонна химияны туттарыахтара;
  • Бэс ыйын 4 күнэ — нуучча тылын;
  • Бэс ыйын 8 күнэ — базовай уонна профильнай математиканы;
  • Бэс ыйын 11 күнэ — обществознаниены уонна физиканы;
  • Бэс ыйын 15 күнэ — биологияны, географияны уонна омук тылларын (суругунан чааһын);
  • Бэс ыйын 18 уонна 19 күннэрэ — информатика уонна омук тылларын.

Бэс ыйын 22 күнүттэн 25 күнүгэр диэри — бары биридимиэттэри туттарарга аналлаах саппаас күннэр олохтонуохтара. От ыйын 8 уонна 9 күннэригэр оскуоланы бүтэрээччилэр биир биридимиэти хос туттарыахтарын сөп.

9-с кылааһы бүтэрээччилэр туттарар ОГЭ-лэрэ эмиэ үс түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа: болдьоҕун иннинээҕи (муус устар 21 — ыам ыйын 18), сүрүн (бэс ыйын 2 — от ыйын 6) уонна эбии (балаҕан ыйын 3 — 25).

Бирикээстэр барылларын уопсастыбаннай дьүүллэһиитэ алтынньы 31 күнүн киллэрэн туран ыытыллыаҕа. Маныаха БКЭ-ҕэ төрөппүттэр баар буолуохтарын сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Тыа сирин ипэтиэкэтэ” олохсуйарга усулуобуйаны тэрийэр

Саха сиригэр дьон үксэ ипэтиэкэ көмөтүнэн дьиэ-уот оҥостор. Соторутааҕыта “Тыа сирин ипэтиэкэтэ” (“Сельская ипотека”) диэн …

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьороху үрэҕи туоруур күргэ тутуута түмүктэннэ

Өлүөхүмэ улууһугар «Умнас» трасса 652-с килэмиэтиригэр Дьороху үрэҕи туоруур күргэ хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэниэ. Бу туһунан…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр биэс буостаны саҥардыахтара

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна Арассыыйа Буостатын генеральнай дириэктэрэ Михаил Волков өрөспүүбүлүкэҕэ буоста сибээһин…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ суол саахалыгар суоппар өлбүт

Алтынньы 16 күнүгэр Саха сирин Ленскэй улууһугар киһи өлүлээх суол быһылаана таҕыста. Бу туһунан ГАИ…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин урбаан кистэлэҥнэригэр үөрэтэллэр

 «Мой бизнеч» киин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр, ону таһынан кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аналлаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гастроэнтеролог суши кимиэхэ көҥүллэммэтин быһаарда

«Филадельфия» роллар – элбэх углеводтаах, сыалаах уонна калорийдаах ас. Сушины сииртэн туттуналлара наадалаах дьон эмиэ…

1 час ago