Салгыы
Эһиил Дьөккөҥҥө гаас киириэ

Эһиил Дьөккөҥҥө гаас киириэ

Ааптар:
19.11.2022, 08:13
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, сэтинньи 18 күнүгэр, Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгин олохтоохторугар ураты бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук, нэһилиэккэ гаас ситимин аҕалыыга аналлаах маҥнайгы үлэ ыытылынна. 

Хампаттан Дьөккөҥҥө диэри тиийэр гаас утаҕын тардыы үлэтэ бэҕэһээҥҥиттэн саҕаланна. «Бастакы стык» сыбаарката иһэрдилиннэ.  Тэрээһиҥҥэ СӨ бырамыысыланнаска миниистирэ  Максим Терещенко, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников,  «Сахатранснефтегаз» АУо  генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччы, кылаабынай инженер, Ил Түмэн дьокутаата Александр  Гоголев кытыннылар.

«Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников: «Бүгүн биһиги Хампаттан Дьөккөҥҥө тиийэр гаас утаҕын тардыыны саҕалаатыбыт. Онон эһиил сайын гаас ситимэ нэһилиэккэ тиэрдиллиэҕэ. Олохтоохтор бу боппуруоһу 20-чэ сыл устата туруорсубуттар. Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы өйөбүлүнэн бу бырайыак олоххо киирэр буолла» — диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: