Эһиил Саха сиригэр «Казахфильм» күннэрэ буолуоҕа

Share
Бу күннэргэ култуура миниистирэ Юрий Куприянов салайааччылаах Саха сирин кинематографистара Казахстан Өрөспүүбүлүкэтигэр  айар командировкаҕа сылдьаллар.
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 15 күнүгэр,  «Казахфильм» киинэ хампаанньата уонна СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ,  «Сахафильм» киинэ хампаанньата бииргэ үлэлээһиҥҥэ  илии баттастылар.
Биллэн турар, киинэ индустрията сайдыытыгар кэккэ үлэ  былааннанна. Биир бастакы бырайыак — сыл бүтүүтүгэр Саха сиригэр  «Казахфильм» киинэ хампаанньата кылгас метражтаах киинэлэрин бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Маны таһынан, 2024 сылга Саха сиригэр Казахстан киинэлэрин күннэрэ ыытыллыаҕа.
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр «Саха – Казахскай кинематография сайдыыта уонна бииргэ үлэлээһин тосхоллоро» төгүрүк остуолга санаа атастаһыыта буолуоҕа, кэскиллээх бииргэ үлэлээһин барыла торумнаныаҕа.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

17 часов ago