Эһиил Саха сиригэр «Магнит» маҕаһыын ситимэ аһыллыаҕа

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна «Тандер» хампаанньа («Магнит» ситим хаһаайына) өрөспүүбүлүкэҕэ атыы-эргиэн сайдарын туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. Бастакы маҕаһыыннар өрөспүүбүлүкэҕэ 2026 сылга баар буолуохтара.

Ол туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын солбуйааччыта Кирилл Бычков иһитиннэрдэ. Онон өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр анаан удамыр сыанаҕа табаар ахсаана элбиирэ күүтүллэр. Федеральнай ритейлер аһын-үөлүн, бородууктатын көрүҥэ араас буолуоҕа. Ону тэҥэ бу ситимҥэ саҥа үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.

Маны таһынан, улахан ритейлери кытта бииргэ үлэлээһиннэр олохтоох оҥорон таһаарааччыларга саҥа кыахтары үөскэтиэн сөп.

Билиҥҥэ диэри Саха сирин ыраах сытар, уустук суоллаах оройуоннарыгар араас төрүөтүнэн табаарынан хааччыйыы хааччахтанар, оттон сыаната дойду киин эрэгийиэннэриттэн быдан үрдүк. Саха сиригэр хампаанньа кэлиитэ балаһыанньаны тупсарыахтаах. Федеральнай ситим логистикатын суотугар ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга кытта сыана намтыыра былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

7 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспаҕа сааскы ыҥырыы туһунан

Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри байыаннай сулууспаҕа сааскы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Манчаары оонньууларын» түмүктүүр чааһын путевкалара бэс ыйын 15 күнүгэр диэри оонньонуохтара

Күн бүгүн "Манчаары оонньууларын" финальнай чааһыгар 774 путевка оонньонно. Остуол оонньууларыгар, хотугу многоборьеҕа, национальнай многоборьеҕа,…

8 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сибээскэ “Кыайыы куолаһа”!

Бүгүн “Кыайыыны истиэххэ” аахсыйа көмөтүнэн Арассыыйа хайа баҕарар олохтооҕо номоххо киирбит, аҥардас куолаһыттан этиҥ сааһа…

9 часов ago