Салгыы
Эһиил тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Эһиил тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүөҕэ

18.06.2024, 11:15
Хаартыска -- Мария Васильева / СИА
Бөлөххө киир:

Премьер-миниистир Михаил Мишустин 2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүүрүн туһунан иһитиннэрдэ. Бу туһунан «Интерфакс» ааҕыныстыба суруйар.

— Бырабыыталыстыба кэлэр сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйин үрдэтэр. Былырыын  уонна быйыл бу кээмэйи федеральнай бүддьүөт туһунан сокуонунан быһаарыллыбыта. Билигин медианнай дохуоттан ааҕыллар буолуоҕа. Бу медианнай дохуот дойдуга олох таһымын сыаналыырга, социальнай бырагыраамалары, көмө миэрэлэрин ааҕарга туһаныллыаҕа, — диэн кини эттэ.

Мишустин иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэннэр бэйэлэрин кээмэйдэрин олохтууллар. Ол кээмэйтэн босуобуйалар, чэпчэтиилэр, төлөбүрдэр ситимнээхтэр.

Арассыыйаҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: нэһилиэнньэҕэ — 17 733 солк., үлэлиир дьоҥҥо — 19 329 солк., оҕолорго — 17 201 солк., биэнсийэлээхтэргэ — 15 250 солк. тэҥнэһиэҕэ.

Бу тиийинэн олоруу алын кээмэйин ааҕыыга 2023 сыллааҕы медианнай дохуоту аахтылар, Росстат дааннайынан, ол 40 121 солкуобайга тэҥнэһэрэ.

Саха сиригэр хотугу эбиликтэр, оройуоннай коэффициеннар эбиллэн, тиийинэн олоруу кээмэйэ үрдүк буолар.

2024 сылга нэһилиэнньэҕэ ортотунан олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: нэһилиэнньэҕэ 23 034 солкуобай, үлэлиир дьоҥҥо — 25 107 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 19 809 солкуобай, оҕолорго — 23 598 солкоубай. 

Өрөспүүбүлүкэ икки зонаҕа арахсар, онно бу кээмэй араас буолар — хотугу улуустарга үрдүк, киин улуустарга — арыый намыһах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: