Эһиилги Олоҥхо ыһыаҕын былаана уонна үбүлээһинэ бигэргэтилиннэ
Бырабыыталыстыба таһымыгар бу күннэргэ эһиил Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии мунньаҕа буолла.
Бу туһунан улуус баһылыга Иннокентий Сивцев маннык иһитиннэрдэ:
— Култуура миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкины кытта Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын билиһиннэрдибит. Салгыы ыһыах эбийиэктэрин тутуу үлэлэрин туһунан тутуу миниистирин бастакы солбуйааччы Галина Новикова кэпсээтэ. Айан суолун туругун туһунан миниистири бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов сырдатта. Тэрээһин мунньах кыттыылаахтара Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытыллар үлэ былаанын уонна тутуу эбийиэктэрин сметатын бигэргэттилэр.
Кэлэр нэдиэлэҕэ Томторго транспорт министиэристибэтин эппиэттээх үлэһиттэрэ кэлэн, олохтоох салайааччылары кытта көрсөн, тирээн турар боппуруостары быһаарсыахтара. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээлин солбуйааччы Сергей Местников алтынньы саҥатыгар Томтор нэһилиэгэр кэлэн, ыытыллар үлэни-хамнаһы билсиэҕэ, олохтоохтору кытта көрсүөҕэ. Бу күннэргэ кэлиэхтээҕин, күн-дьыл усулуобуйата мэһэйдээн, салайааччы Томторго кыайан кэлбэтэҕэ.
Оттон Томтор нэһилиэгин олохтоохторо Олонхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн тэрилтэлэринэн уочаратынан тахсан, араас субуотунньуктары ыыталлар.
Ол курдук, бу күннэргэ Тойон түһүлгэ тутууларын кырааскалааһыҥҥа көмө-субуотунньук буолла. Онно орто оскуола кэлэктиибэ — барыта 20-чэ киһи тахсан үлэлээтэ.
«Ити курдук нэһилиэк олохтоохторо тэрилтэлэринэн тахсан, Олоҥхо ыһыаҕар бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэр» диэн улуус баһылыгын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ Никифор Протопопов иһитиннэрдэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: