Эһиилгиттэн оҕо босуобуйата биир кэлим буолуоҕа

Share

Эһиил тохсунньуттан саҕалаан оҕо 17 сааһын туолуор диэри судаарыстыбаттан ылар көмө төлөбүрэ барыта биир тиһиккэ киириэҕэ. Бу туһунан бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иһитиннэрдэ.

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан төрөөбүт оҕо 17 сааһын туолуор диэри көрүллэр көмө төлөбүр барыта биир тиһиккэ киириэҕэ. Владимир Путин бэлиэтииринэн, бу саҥа мэхэньиисим дьиэ кэргэҥҥэ улахан көмө-тирэх буолуохтаах.

Саҥа мэхэньиисими киллэрии хаһан баҕарар уустук буолар. Ол эрээри биһиги бу үлэни биир эрэ сыл ыыппатахпыт, манна хаһыс да сылбытын үлэлэһэбит. Бу үлэбитин тиһэҕэр диэри тириэрдэн, дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү барытын биир тиһиккэ киллэриэхтээхпит. Ол эбэтэр эһиилгиттэн саҕалаан биир кэлим босуобуйа диэн көрүллүөҕэ. Манна икки түгэни бэлиэтиим, бу төлөбүрү ылыы дьоҥҥо-сэргэҕэ судургу уонна табыгастаах буолуохтаах. Киһи төлөбүрү хантан, хайдах ылара барыта чуолкай буолара ирдэниллэр. Иккиһинэн, оҕолоох ыаллар дохуоттарын үрдэтинэллэригэр усулуобуйата тэрийиэххэ. Бырабыыталыстыбаттан манна этиилэри күүтэбин. Бастатан туран, хамнас алын кээмэйин үрдэтиини көрүөххэ, бу көрдөрүү олоруу алын кээмэйин балайда куоһарыахтаах. Аны төрөппүттэр дохуоттара кыратык да улааттаҕына, судаарыстыбаттан ылар көмө төлөбүрдэрэ быһыллар, маны эмиэ үөрэтэн көрүөххэ, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

5 минут ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу 6 күнүнээҕи гороскоп

Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тохсунньу 6-7 күннэригэр Дьокуускайга Ороһуоспатааҕы Таҥара сулууспата ыытыллар

Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …

3 часа ago