Эһиилгиттэн судаарыстыбаннай ыстандаартынан оскуола пуорматын тигэн саҕалыахтара
Кэлэр сылтан Арассыыйаҕа судаарыстыбаннай ыстандаартынан (ГОСТ) оскуола үөрэнээччилэрин пуорматын тигэн саҕалыахтара.
1990-с сыллар саҥаларыттан Арассыыйаҕа оскуола пуормата диэн суох буолбута. Онтон бэттэх оҕо таптаабытынан таҥнан кэллэ. Маны ким эрэ биһириир, ким эрэ сирэр.
Кэлэр сылтан судаарыстыбаннай ыстандаартынан үөрэнээччилэр пуормаларын тигэн саҕалыахтара. Бу туһунан Объясняем РФ суруйар. Сыаната эрэ “соһуппатар”, төрөппүттэр атыылаһыах этилэр. Билигин ааттаах-суоллаах маҕаһыыннарга атыыга баар пуормалар бас быстар сыаналаахтар. Үгүс, элбэх оҕолоох төрөппүттэр ылар кыахтара суох. Оттон удамыр сыаналаах пуорма хаачыстыбата быстар мөлтөх. Сорохтор сылга иккитэ ыларга күһэллэллэр. Онон ГОСТ ирдэбилинэн тигиллэр пуорма туһунан сонуну үгүс төрөппүттэр биһирии иһиттилэр. Ол аата сэбиэскэй кэмҥэ курдук дойду үрдүнэн биир кэлим пуорма ирдэнэр дуо, диэн мунаарар. Өссө быйыл сайын РФ Үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов сокуонунан киирбэт, оннук былаан турбат диэн хаста даҕаны эппитэ. Онон булгуччулаах ирдэбил турбат.
ГОСТнан тигиллэр үөрэх пуормата хайдах буолуой? Матырыйаала уунар, бөҕө, салгыны аһардар, оҕо этэ-сиинэ тыынар буолуохтаах. Боруобаҕа кэтиллэр таҥаһы тикпиттэрин оҕолор номнуо үс сыл кэтэн, үөрэнэн көрбүттэр. Бэрт табыгастаах, салгыны аһардар уонна хаачыстыбалаах диэн түмүккэ кэлбиттэр. Онон эһиилгиттэн атыыга тахсыаҕа диэн этэллэр. Кэмпилиэккэ куопта, булууһа, сэлиэт, бинсээк, кардиган, джемпер, сибиитирэ, ырбаахы, бүрүүкэ, шортик киирэр. Уолаттарга, кыргыттарга күннээҕи үөрэххэ уонна бырааһынньыкка диэн тус-туспа анаан тигиэхтэрэ. Уопсайынан, сыыйа-баайа дойдубут урукку көрүүгэ, иитиигэ-үөрэтиигэ төннөн эрэр дуу диэн санаа үөскүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: