Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа ыытыллыаҕа
Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн сиригэр-уотугар ыспыт бастакы ыһыаҕыттан ыла 99 сыл ааспытын кэннэ Томтор сэлиэнньэтигэр Олоҥхо ХVI өрөспүүбүлүкэтэҕи ыһыаҕа 3 күн устата киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.
Урааҥхай сахалар, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар түөлбэлээн олохсуйбут Өймөкөөн улууһун «Көмүс күрүө» түһүлгэтигэр уйгу-быйаҥ ыһыах от ыйын 2 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга сабылынна.
Тымныы оройо Өймөкөөн дьонун-сэргэтин, ыраахтан-чугастан тоҕуоруһан кэлбит ыалдьыттары СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, ыһыах тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, ыһыах национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, туруорааччы-режиссер Андрей Борисов эҕэрдлээтилэр.
Ыһыах театрализованнай дьүһүйүүтүгэр барыта 800 киһи, ол иһигэр Олоҥхо, С.Зверев аатынан Үҥкүү национальнай, Үүнэр көлүөнэ уонна Аҕыйах ахааннаах хотугу норуоттар тыйаатырдара, «Эрэл» норуодунай үҥкүү ансаамбыла, Өймөкөөн нэһилиэктэрин төрүт дьоно кытыннылар.
Улуус киинигэр буолбакка, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа аан бастакынан ыытыллыбытынан Олоҥхо ыһыаҕын устуоруйатыгар киирэр Томтор ыһыаҕын тэрээһиннэрин тыһыынчанан киһи «Саха» национальнай-иһитиннэрэр хампаанньа биэриилэригэр көрдө.
Ыһыаҕы сабыы сиэригэр-туомугар кыттааччылар эрэ буолбакка, ыһыах ыалдьыттара, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ бары күүппүт түгэннэрэ тосхойдо. Ол курдук, үс күн устата ыытыллыбыт куонкурустар, күрэхтэр түмүктэрэ билиннэ.
Кылаан бириистэр туттарылыннылар:
Хомус күрэҕэр — Эдуард Тарабукиҥҥа (Таатта улууһа) 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт ;
Оһуохайга — Каролина Харлампьеваҕа (Бүлүү улууһа) 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт;
Олоҥхоҕо — эдэр дьоҥҥо Марфа Аммосоваҕа (Мэҥэ Хаҥалас) 300 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээт; улахан дьоҥҥо Алексей Николаевка (Таатта улууһа) 700 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээт.
Олоҥхоҕо Кылаан кыайыылаах Алексей Николаев наҕараадаламмыттар ааттарыттан эҕэрдэтин тойугунан тириэртэ.
Ыһыах Ытык дуоҕатын Өймөкөөн улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Александр Иванов эһиил Олоҥхо 17-с ыһыаҕа ыытыллар Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмиҥҥа туттарда. Амматтан кэлбит 56 киһилээх дэлэгээссийэ сэлэлии хаамсан тахсан, ыһыаҕы түмүктээтилэр. Ыһыах ыалдьыттара, Өймөкөөн олохтоохторо, кыттааччылар бары астыммыт, дуоһуйбут, махтаммыт улуу тунах Олоҥхо ыһыаҕа оһуохайынан түмүктэннэ.
Үс күннэ Ытык ыһыахха 5 тыһыынча кэриҥэ киһи сырытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: