Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгри Таастааҕар буолар! (ВИДЕО)

Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгри Таастааҕар буолар! (ВИДЕО)

22.06.2024, 19:40
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Амма улууһугар 17-с Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллан түмүктэннэ. 

Эһиил 18-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмниэхтээх Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк Ытык Дуоҕаны Амма улууһун баһылыга Степан Кузьминтан үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутта. Мин оройуон дэлэгээссийэтэ үөрүүлээх тэрээһин сүрүн түһүлгэтигэр киирээри турдаҕына, таас чоҕу хостуур бырамыысаланнас киин оройуонун баһылыгын көрсөн кэпсэппитим.

Роман Михайлович «эһиилги Олоҥхо ыһыаҕын көрсүүгэ номнуо араас хайысхалаах үлэни ыытан эрэбит» диэн киэн тутта кэпсээбитэ:

Нерюнгри дэлэгээссийэтэ Олоҥхо ыһыаҕын сабыллыытыгар Ытык дуоҕаны ылан баран, Амма улууһун өрөгөй ырыатын кэриэтэ буолбут «Кыыс Амма» ырыаны наһаа истиҥник толордо.

Ырыаны баһылык Роман Щегельняк бэйэтинэн таһааран, ыһыах дьонун олус долгутта.

Нерюнгригэ эһиил тэриллибитэ 40 сылын туолар «Саха аймах» уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта Ирина Кузьмина «оройуоммутугар сахалар аҕыйахпыт — 2,5 тыһыынча киһи баар», — диэн бэлиэтээтэ. Ол да буоллар, бу тэрилтэ олус тэрээһиннээхтик уонна тахсыылаахтык үлэлии сылдьарын үгүстүк истэ-билэ сылдьабыт. Барытыгар көхтөөх уопсастыбаннай тэрилтэ Олоҥхо ыһыаҕар анаан кэлэн кыттан, бырамысаланнай оройуоҥҥа араас омук дьоно олус сомоҕолоһуулаахтарын көрдөрдө. «Саха аймах» үлэтин туһунан Ирина Ильинична салгыы маннык кэпсээтэ:

Дьэ, онон быйылгы ыһыахчыттар «эһиил аны Нерюнгри оройуонун «Таастаах» диэн ытык сиригэр Олоҥхо ыһыаҕар көрсүөхпүт!» диэн Кыыс Амма сириттэн үөрэн-көтөн айаннаатылар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: