Өй үлэтэ өрө тутуллар үйэтэ
Биһиги олохпутугар сыыппара (цифровой) эйгэтэ тоҕо көтөн киирбитэ балачча кэм буолла. Үгүстэр ол эйгэ өҥөтүнэн хото туһанан эрэллэр.
Биһиги эрэгийиэммит – сыыппара эйгэтигэр
Сэтинньи 12-13 күннэригэр Дьокуускайга ньиргийэн ааспыт “Цифровой алмаас” федеральнай пуорумҥа сылдьан кэтээн көрдөххө, сорох эрэгийиэннэр сыыппара эйгэтиттэн тэйиччи соҕус эбиттэр. Биһиги урукку өйдөбүлбүтүнэн, сайдыы соҕуруу диэки тигиниирэ, билигин ол – уларыйан эрэр чинчилээх.
Пуорумҥа 2600-чэ киһи кытынна, 300-тэн тахса ыалдьыт араас эрэгийиэнтэн кэллэ. Бу аҥаардас топ-салайааччылар, спикердэр, пуорум тэрээһинигэр быһаччы кыттар дьон буолбатахтар, анаан-минээн көрө-истэ, уопут ыла, биһиги өрөспүүбүлүкэбит хайдах маннык таһымҥа тахсыбытын билэ-көрө кэлбит дьон.
Сыыппара эйгэтин тиэмэтэ хара баһаам эбит, икки күнү быһа түөрт этээһинэн бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан, бэрт элбэх былаһаакка үлэлээтэ.
Бастакы күн сүрүннээн Саха сирин ситиһиилээх хампаанньаларын үлэлэрин дьүүллэстилэр, киинэттэн саҕалаан социальнай эйгэҕэ диэри, сорохторун дойду үрдүнэн тарҕатарга этиилэр киирдилэр. Ордук дойду иһигэр оҥоһуллар технологическай оборудование, ИТ-эйгэтигэр араас инновационнай бырайыактар, туһалаах өҥөлөр быыстапкалара дьон интэриэһин тартылар.
Бу үһүс пуорум сүрүн тиэмэтэ – эрэгийиэннэргэ цифровой трансформацияны киллэрии, ол аата, судаарыстыба биэрэр өҥөлөрүн дьоҥҥо судургутук тиэрдии, биэрии, оҥоруу. Бу Бэрэсидьиэн Владимир Путин Ыйааҕынан туруоруллубут Арассыыйаны сайыннарар национальнай сыаллартан биирдэстэрэ буолар.
Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэтигэр
Холобур, бу быыстапкаҕа ОДьКХ салаатыгар олус туһалаах бырайыактары салайар Дария Сивцевалыын билистим. Элбэх бырайыак баарыттан бу иккини көрдөрүүгэ аҕалбыттар. Биирдэстэрэ “Цифровая котельная” диэн. Барыта сыыппара, автоматизированнай буолан, дьон үлэтин чэпчэтэргэ туһаайыылаах. Аны саахал буолаары гыннаҕына, ол автоматизированнай систиэмэ туһааннаах исписэлиистэргэ бэйэтэ биллэрэр. Аны барытын кэтээн көрө турар, туох эмэ буолаары гыннаҕына, сигналлыыр. Бу бырагырааманы хайа баҕарар хочуолунайга оборудованиетыгар холбоон, датчиктары туруоран эрэ биэрэҕин.
Пуорумҥа 2600-чэ киһи кытынна, 300-тэн тахса ыалдьыт араас эрэгийиэнтэн кэллэ.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тиэхиньиичэскэй өттүнэн чинчийии дойду үрдүнэн маассабайдык киирэ илик. Холобур, биир дьиэни талан ылан, систиэмэҕэ киллэрэллэр, барытын сыыппаралыыллар, хайа турба төһө эргэрбитин, саахалланар туруктааҕын хаартыскаҕа түһэрэллэр уонна систиэмэҕэ киллэрэн кэбиһэллэр. Дьэ оччоҕо бу дьиэ төһө эргэ туруктааҕа, хаһан хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллуон сөбө тахсан кэлэр. Олох мөлтөх туруктаахтары уочаракка туруорбакка, тута хапытаалынай өрөмүөҥҥэ ыытар кыах үөскүүр. Дьиэлэргэ эрэ буолбакка, хайа баҕарар тэрилтэҕэ эмиэ барсар. Бу бырагырааманы пилотнай бырайыак быһыытынан Уһук Илиҥҥэ Сахалиҥҥа аҕыйах дьиэҕэ киллэрбиттэр, ол түмүгүн быыстапкаҕа көрдөрө сылдьаллар.
Сибээс эйгэтигэр
Оптоволоконнай сибээһи билигин кытыы нэһилиэктэргэ уонна хоту арктическай улуустарга тиэрдии бара турар. Ол курдук, быйыл Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ уонна Бэс Күөл нэһилиэктэригэр интэриниэт тиийдэ, бу былырыыҥҥы пуорумҥа СӨ Инновацияларын сайыннарар пуонда уонна “Нордголд” хампаанньа түһэрсибит сөбүлэһиилэрин түмүгүнэн ситиһилиннэ. Эһиил Баатаҕайга, Зырянкаҕа, Хонууга тиэрдэр сорук турар, манан эрэ муҥурдаммакка, түргэн интэриниэт ситимэ Магадааҥҥа, Чукоткаҕа тиийиэхтээх, Хоту Муустаах муоранан ааһар ситимҥэ холбонуохтаах. Дьэ оччоҕо дойду бүттүүнэ биир ситимҥэ киирэр кыахтанар.
Сбердиин – бииргэ
Үһүс федеральнай пуорумҥа өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар өссө киэҥ саҕахтар аһылыннылар. Ол курдук пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ уонна Сбер оҥоһук өйү (ИИ) сайыннарыыга бииргэ үлэлиир буолбуттарын иһитиннэрдэ:
“Сбер көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһук өйү күүскэ сайыннарыахпыт. Үгүс киһи ону соччо аахайбат, ол эрээри мин эрэнэбин, ИИ эйгэтигэр биһиги толору бырааптаахтык бииргэ үлэлиэхпит, дойдубут лиидэрдэр ахсааннарыгар киирэригэр күүс-көмө буолуохпут. Оҥоһук өй – сарсыҥҥы кэм буолбатах, бүгүҥҥү күн”.
Айсен Николаев биһиги Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев туһунан этэригэр, Михаил Ефимович 90-с сылларга саҕалаабыт дьыалалара бу сыллары быһа салҕанан, сайдан, өрөспүүбүлүкэни билиҥҥи баар таһымыгар аҕалбыттарын бэлиэтээтэ.
ЫАЛДЬЫТТАР САНААЛАРА
Дария, “МТС Линк” хампаанньа бэрэстэбиитэлэ:
– Мин элбэх дьону биир сиргэ түмэр онлайн платформаны билиһиннэрэ сылдьабын. Бу платформа хамсык кэмигэр бары бэркэ билбит Зум, Майкрософт курдук гынан баран, биһиги бэйэбит дойдубут оҥоһуга. Манна төһө баҕарар киһи бииргэ дойду хайа баҕарар уһугуттан, дойду тас да өттүттэн холбонон кэпсэтиэн, мунньахтыан сөп. Билигин Беларуска күүскэ киллэрэн эрэбит, Африкаттан, Киин Азия дойдуларыттан интэриэһиргииллэр. Төһө баҕарар тэйиччиттэн үлэлиэххэ, үөрэниэххэ сөп.
Мин “Цифровой алмааска” бастакы кыттыым, үлэлииргэ олус интэриэһинэй платформа. Араас хайысхалаах салаалар, сакаасчыттар бары биир сиргэ бааллара олус үчүгэй, элбэх бииргэ үлэлэһиэхтээх дьоммун буллум.
Алексей Тихонов, Москва:
– Эһиги эрэгийиэҥҥитигэр цифровой трансформация боппуруостарын дьүүллэһэ уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы уопут атастаһыытын көрө кэллим. Эһиэхэ атын эрэгийиэннэр туһаныахтарын сөп уопуккут элбэх, онон маннык пуорум Дьокуускайга ыытыллыбыта бэрт. Олус интэриэһинэй пленарнай дьүүллэһиилэр, араас хампаанньалар, биэдэмистибэлэр презентациялара буоллулар, маннык былаһааккаларга уопуту атастаһыынан эрэ муҥурдаммакка, инникитин бииргэ үлэлэһэр дьоҥҥун буларыҥ туһалаах. Билигин олоххо киирэ турар бырайыактар бары бэйэбит дойдубут оҥоһуктарыгар олоҕураллар.
Пуорум манна үһүс төгүлүн ыытыллара уонна кэлэр киһи ахсаана элбээн иһиитэ үлэ сөпкө баран иһэрин туоһулуур.
Кирилл Краснов, Москва, Киинэ үрдүкү оскуолатын преподавателэ:
– Киинэҕэ сыһыаннаах үс сиэссийэни ыыттым, элбэх суолталаах боппуруостары көрөммүт астынным. Биллэн турар, биһигиттэн тутулуга суохтарга быһаарыыны кыайан булбатыбыт, тоҕо диэтэххэ, хайа эрэ өттүгэр судаарыстыба көмөтө наада, хайа эрэ өттүгэр кыттааччылар бэйэлэрин оруоллара улахан. Бу сиэссийэлэргэ элбэх боппуруос көрүлүннэ гынан баран, ымпыктаан-чымпыктаан көрүү ирдиир. Бу билиҥҥитэ дьүүллэһии эрэ, уонна ону дьүүллэһэр кыах баар буолбута олус үчүгэй.
Бу дьүүллэһиилэргэ Култуура министиэристибэтэ эбэтэр үбүлүүр структуралар курдук судаарыстыбаннай структуралар кыттыбыттара буоллар, өссө ордук буолуо этэ.
Хаартыскалар: ааптар түһэриитэ уонна СИА саайтыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: