Өй үлэтэ өрө тутуллар үйэтэ

Share

Биһиги олохпутугар сыыппара (цифровой) эйгэтэ тоҕо көтөн киирбитэ балачча кэм буолла. Үгүстэр ол эйгэ өҥөтүнэн хото туһанан эрэллэр.

Биһиги эрэгийиэммит – сыыппара эйгэтигэр

Сэтинньи 12-13 күннэригэр Дьокуускайга ньиргийэн ааспыт “Цифровой алмаас” федеральнай пуорумҥа сылдьан кэтээн көрдөххө, сорох эрэги­йиэннэр сыыппара эйгэтиттэн тэйиччи соҕус эбиттэр. Биһиги урукку өйдөбүлбүтүнэн, сайдыы соҕуруу диэки тигиниирэ, билигин ол – уларыйан эрэр чинчилээх.

Пуорумҥа 2600-чэ киһи кытынна, 300-тэн тахса ыалдьыт араас эрэгийиэнтэн кэллэ. Бу аҥаардас топ-сала­йааччылар, спикердэр, пуорум тэрээһинигэр быһаччы кыттар дьон буолбатахтар, ­анаан-минээн көрө-истэ, уопут ыла, биһиги өрөспүүбүлүкэбит хайдах маннык таһымҥа тахсыбытын билэ-көрө кэлбит дьон.

Сыыппара эйгэтин тиэмэтэ хара баһаам эбит, икки күнү быһа түөрт этээһинэн бэ­­йэ-бэйэлэрин солбуйсан, бэрт элбэх былаһаакка үлэлээтэ.

Бастакы күн сүрүннээн Саха сирин ситиһиилээх хампаанньаларын үлэлэрин дьүүллэстилэр, киинэттэн саҕа­лаан социальнай эйгэҕэ диэри, сорохторун дойду үрдүнэн тарҕатарга этиилэр киирдилэр. Ордук дойду иһигэр оҥоһуллар технологическай оборудование, ИТ-эйгэтигэр араас инновационнай бырайыактар, туһалаах өҥөлөр быыстапкалара дьон интэриэһин тартылар.

Бу үһүс пуорум сүрүн тиэмэтэ – эрэгийиэннэргэ цифровой трансформацияны киллэрии, ол аата, судаарыстыба биэрэр өҥөлөрүн дьоҥҥо судургутук тиэрдии, биэрии, оҥоруу. Бу Бэрэсидьиэн Владимир Пу­тин Ыйааҕынан туруоруллубут Арассыыйаны сайыннарар национальнай сыаллартан биирдэстэрэ буолар.

Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэтигэр

Холобур, бу быыстапкаҕа ОДьКХ салаатыгар олус туһалаах бырайыактары сала­йар Дария Сивцевалыын билистим. Элбэх бырайыак баарыттан бу иккини көрдөрүүгэ аҕалбыттар. Биирдэстэрэ “Цифровая котельная” диэн. Барыта сыыппара, автоматизированнай буолан, дьон үлэтин чэпчэтэргэ туһаайыылаах. Аны саахал буолаары гыннаҕына, ол автоматизированнай систиэмэ туһаан­наах исписэлиистэргэ бэйэтэ биллэрэр. Аны барытын кэтээн көрө турар, туох эмэ буолаары гыннаҕына, сигналлыыр. Бу бырагырааманы хайа баҕарар хочуолунайга оборудованиетыгар хол­боон, датчиктары туруоран эрэ биэрэҕин.

Пуорумҥа 2600-чэ киһи кытынна, 300-тэн тахса ыалдьыт араас эрэгийиэнтэн кэллэ.

Элбэх кыбартыыра­лаах дьиэлэри тиэхиньиичэс­кэй өттүнэн чинчийии дойду үрдүнэн маассабайдык киирэ илик. Холобур, биир дьиэни талан ылан, систиэмэҕэ киллэрэллэр, барытын сыыппаралыыллар, хайа турба төһө эргэрбитин, саахалланар туруктааҕын хаартыскаҕа түһэ­рэллэр уонна систиэмэҕэ киллэрэн кэбиһэллэр. Дьэ оччоҕо бу дьиэ төһө эргэ туруктааҕа, хаһан хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллуон сөбө тахсан кэлэр. Олох мөлтөх туруктаахтары уочаракка туруорбакка, тута хапытаалынай өрөмүөҥҥэ ыытар кыах үөскүүр. Дьиэлэргэ эрэ буолбакка, хайа баҕарар тэрилтэҕэ эмиэ барсар. Бу бырагырааманы пилотнай бырайыак быһыытынан Уһук Илиҥҥэ Сахалиҥҥа аҕыйах дьиэҕэ киллэрбиттэр, ол түмүгүн быыстапкаҕа көрдөрө сылдьаллар.

Сибээс эйгэтигэр

Оптоволоконнай сибээһи билигин кытыы нэһилиэктэргэ уонна хоту арктичес­кай улуустарга тиэрдии бара турар. Ол курдук, быйыл Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ уонна Бэс Күөл нэһилиэктэригэр интэриниэт тиийдэ, бу былырыыҥҥы пуорумҥа СӨ Инновацияларын сайыннарар пуонда уонна “Нордголд” хампаанньа түһэрсибит сөбүлэһиилэрин түмүгүнэн ситиһилиннэ. Эһиил Баатаҕайга, Зырянкаҕа, Хонууга тиэрдэр сорук турар, манан эрэ муҥурдаммакка, түргэн интэриниэт ситимэ Магадааҥҥа, Чукоткаҕа тиийиэхтээх, Хоту Муустаах муоранан ааһар ситимҥэ холбонуох­таах. Дьэ оччоҕо дойду бүттүүнэ биир ситимҥэ киирэр кыахтанар.

Сбердиин – бииргэ

Үһүс федеральнай пуорумҥа өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар өссө киэҥ саҕахтар аһылыннылар. Ол курдук пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ уонна Сбер оҥоһук өйү (ИИ) сайыннарыыга бииргэ үлэлиир буолбуттарын  иһитиннэрдэ:

“Сбер көмөтүнэн өрөспүү­бүлүкэҕэ оҥоһук өйү күүскэ сайыннарыахпыт. Үгүс киһи ону соччо аахайбат, ол эрээри мин эрэнэбин, ИИ эйгэтигэр биһиги толору быраап­таахтык бииргэ үлэлиэхпит, дойдубут лиидэрдэр ахсааннарыгар киирэригэр күүс-көмө буолуохпут. Оҥоһук өй – сарсыҥҥы кэм буолбатах, бүгүҥҥү күн”.

Айсен Николаев биһиги Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев туһунан этэригэр, Михаил Ефимович 90-с сылларга саҕалаабыт дьыалалара бу сыллары быһа салҕанан, сайдан, өрөспүүбүлүкэни билиҥҥи баар таһымыгар аҕалбыттарын бэлиэтээтэ.

ЫАЛДЬЫТТАР САНААЛАРА

Дария, “МТС Линк” хампаанньа бэрэстэбиитэлэ:

– Мин элбэх дьону биир сиргэ түмэр онлайн платформаны билиһиннэрэ сылдьабын. Бу платформа хамсык кэмигэр бары бэркэ билбит Зум, Майкрософт курдук гынан баран, биһиги бэйэбит дойдубут оҥоһуга. Манна төһө баҕарар киһи бииргэ дойду хайа баҕарар уһугуттан, дойду тас да өттүттэн холбонон кэпсэтиэн, мунньахтыан сөп. Билигин Беларуска күүскэ киллэрэн эрэбит, Африкаттан, Киин Азия дойдуларыттан интэ­риэһиргииллэр. Төһө баҕарар тэйиччиттэн үлэлиэххэ, үөрэ­ниэххэ сөп.

Мин “Цифровой алмааска” бастакы кыттыым, үлэлииргэ олус интэриэһинэй платформа. Араас хайысхалаах салаалар, сакаасчыттар бары биир сиргэ бааллара олус үчүгэй, элбэх бииргэ үлэлэһиэхтээх дьоммун буллум.

Алексей Тихонов, Москва:

– Эһиги эрэгийиэҥҥитигэр цифровой трансформация боппуруостарын дьүүллэһэ уонна эрэгийиэннэр икки ардылары­нааҕы уопут атастаһыытын көрө кэллим. Эһиэхэ атын эрэги­йиэннэр туһаныахтарын сөп уопуккут элбэх, онон маннык пуорум Дьокуускайга ыытыллыбыта бэрт. Олус интэриэһинэй пленарнай дьүүллэһиилэр, араас хампаанньалар, биэдэмисти­бэлэр презентациялара буоллулар, маннык былаһааккаларга уопуту атастаһыынан эрэ муҥурдаммакка, инникитин бииргэ үлэлэһэр дьоҥҥун буларыҥ туһалаах. Билигин олоххо киирэ турар бырайыактар бары бэйэбит дойдубут оҥоһуктарыгар олоҕураллар.

Пуорум манна үһүс төгүлүн ыытыллара уонна кэлэр киһи ахсаана элбээн иһиитэ үлэ сөпкө баран иһэрин туоһулуур.

Кирилл Краснов, Москва, Киинэ үрдүкү оскуолатын преподавателэ:

– Киинэҕэ сыһыаннаах үс сиэссийэни ыыттым, элбэх суол­талаах боппуруостары көрөммүт астынным. Биллэн турар, биһигиттэн тутулуга суохтарга  быһаарыыны кыайан булбатыбыт, тоҕо диэтэххэ, хайа эрэ өттүгэр судаарыстыба көмөтө наада, хайа эрэ өттүгэр кыттааччылар бэйэлэрин оруоллара улахан. Бу сиэссийэлэргэ элбэх боппуруос көрүлүннэ гынан баран, ымпыктаан-чымпыктаан көрүү ирдиир. Бу билиҥҥитэ дьүүллэһии эрэ, уонна ону дьүүллэһэр кыах баар буолбута олус үчүгэй.

Бу дьүүллэһиилэргэ Култуура министиэристибэтэ эбэтэр үбүлүүр структуралар курдук судаарыстыбаннай структуралар кыттыбыттара буоллар, өссө ордук буолуо этэ.

Хаартыскалар: ааптар түһэриитэ уонна СИА саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

7 часов ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

7 часов ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

8 часов ago