Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы патриотическай аахсыйа ыытыллыаҕа.
Аахсыйа кыттыылаахтара сэриигэ охтубут буойуттары чиэстээн биир мүнүүтэ чуумпуран туруохтара уонна «Өйдүүбүт»/«Помним» диэн тылынан чүмэчи ууруохтара.
Дьокуускайга аахсыйа Кыайыы болуоссатыгар киэһэ 20:00 ч. сүрүн стела иннигэр буолуоҕа. Кыттааччылары киэһэ 19:00 ч. өрөгөйдөөх арка аттыгар түмсэргэ ыҥыраллар. Ити кэмҥэ, аахсыйа иннинэ, чүмэчи түҥэтиэхтэрэ.
«Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» – бу норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах аахсыйа. 2009 сылтан сыл ахсын аахсыйа кыттааччылара кутурҕан күнүгэр, бэс ыйын 22 күнүгэр, ону сэргэ Кыайыы күнүгэр 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут 27 мөлүйүөн дьонус-сэргэни кэриэстииллэр.
Санатан эттэххэ, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62091 саха буойуна ыҥырыллыбыта. Кинилэртэн сэрии хонуутугар 26129 буойун сураҕа суох сүппүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ 1418 күн устата барбыта.
«Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйа үүнэр көлүөнэҕэ өйдөбүнньүк санааны үйэтитиигэ туһуланар.
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…