“Эйэ уонна сөбүлэҥ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска сайаапканы ылалларын биллэрэллэр

Share

Сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ нациялар икки ардыларынааҕы уонна этноконфессиональнай сыһыаннаһыы боппуруостарын бастыҥ сырдатыыга “Эйэ уонна сөбүлэҥ” (“Мир и согласие”) өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус, “Уопсай Арассыыйатааҕы гражданскай идентичноһы бөҕөргөтүү уонна СӨ норуоттарын этнокультурнай сайдыыта” СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэрии иитинэн ыытыллар.  

Саха сиригэр олорооччулар култуураларын, норуоттар үгэстэрин, этнокультурнай сайдыы уонна норуоттар хардарыта дьайсыыларын, межкультурнай уонна межрелигиознай кэпсэтии үтүө холобурдарын сырдатар сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр үлэлэрин көҕүлүүр сыаллаах тэриллэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба саайтыгар суруллар.

Куонкуруска сайаапканы мантан биир номинацияҕа ыытыллар:

1.«Теле/радио биэрии»;

2.«Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бэчээт уонна электроннай таһаарыылар»;

3.«Муниципальнай таһымнаах бэчээт уонна электроннай таһаарыылар»;

4.«Социальнай ситимнэргэ бастыҥ сырдатыы»,

  1. “РФ Педагог уонна уһуйааччы итиэннэ СӨ Үлэ сылыгар аналлаах анал номинация”.

Куонкуруска кыттыахтарын сөп:

— ааптардар (ыстаат иһинээҕи уонна ыстааты таһынан) итиэннэ сонуну киэҥник тарҕатар эрэдээксийэлэр кэллэктииптэрэ, ол иһигэр теле/радио биэриилэр;

— СӨ баар үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларын устудьуоннара;

— СӨ национальнай-култуурунай холбоһуктарын бэрэстэбиитэллэрэ;

— блогердар.

Сайаапканы 2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри маннык аадырыска ылаллар: 677011 Дьокуускай к., Ленин уул. 30-с нүөмэрдээх дьиэтэ, 330 хос, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ эбэтэр эл. буочтанан: konkursmirisoglasie@mail.ru

Маннык докумуоннары ыытар ирдэнэр:

— Куонкурус туһунан балаһыанньа сыһыарыытыгар сөп түбэһиннэрэн куонкуруска кыттыыгыт сайаапкатын ыытыы;

— 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сэтинньи 30 күнүгэр диэри бэчээккэ эбэтэр эпииргэ тахсыбыт матырыйааллар;

— матырыйаалы кылгастык билиһиннэрии (аннотация);

— толоруллубут үлэ туһунан сыанабыл (баар түгэнигэр).

Сиһилии https://clck.ru/36C24K саайтка билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago