Өйөбүл оҥоһуллар даҕаны, кыһалҕа кыайтарбат
Хотугу пуорум Арктика сиригэр-уотугар олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьылҕаларын, кыһалҕаларын, олохторун-дьаһахтарын болҕомто киинигэр тутар.
Бу буола турар туруктаах сайдыы тэрээһинигэр кэпсэтиигэ Хотугу пуорум тэрилтэ уонна Ленскэй кулууп экспердэрэ билигин аан дойдуга буола турар быһыы-майгы, тас бэлиитикэ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторугар улаханнык сабыдыаллаабытын бэлиэтээтилэр. Билэрбит курдук, Хотугу төрүт олохтоох норуоттар үгүс ахсааннара кыраныысса ааһар сиригэр түөлбэлээн эбэтэр көһө сылдьан олороллор. Билиҥҥи балаһыанньанан, төрүт омуктары өйүүр аан дойдутааҕы бырайыактар тохтуур чинчилээхтэр, оттон тус-туспа судаарыстыбалар быыстарыгар олорор этностар бэйэ-бэйэлэрин, аймахтарын кытары даҕаны сибээстэһэр кыахтарын сүтэрэн эрэллэрин, бу тэрээһиҥҥэ элбэхтик эттилэр. Этнологтар этэллэринэн, арҕаа дойдулар аҕыйах ахсааннах төрүт олохтоох норуоттарга сабыдыаллара күн-түүн улаатар.
Арассыыйа Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтин (МИД) Норуоттар икки ардыларынааҕы энергетическэй бэлиитикэтин уонна дипломатиятын институтун профессора Юлия Зворыкина,Арҕаа дойдулары кытта Арктика Сэбиэтин чэрчитинэн хардарыта бииргэ үлэлээһини тохтоппуттара, хотугу эрэгийиэннэр төрүт олохтоохторун социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаларыгар куһаҕаннык сабыдыаллаата диэн эттэ. Ол курдук Сэбиэт иһинэн ыытыллар бырайыактар тохтообуттар, чуолаан, төрүт олохтоох дьон түүлээҕинэн эргиниилэригэр хааччахтааһын киирбит. «Сорох дойдулары кытары гуманитарнай көмө таһымынан үлэлэһэбит, ол көдьүүһэ кыра. Аны туран, ити норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэтэр кыахтара сарбылынна. Холобур, саам омуктар түөрт дойдуга олороллор, Арассыыйаҕа баар диаспоралара билигин бэйэлэрин аймахтарыттан ойдом олороллор», – диэн Юлия Зворыкина хараастан туран эттэ.
Хотугу пуорум толорооччу дириэктэрэ, Хотугу пуорум академиятын бэрэсидьиэнэ Владимир Васильев Арассыыйҕа Арктика этностарын өйүүр элбэх дьаһал үлэлиирин, ол эрээри олохтоох омуктар кыһалҕаларын быһаардыбыт диир эрдэтин эттэ. «Федеральнай былааһы, эрэгийиэннэри, ассоциациялары уонна да атын интэриэстээх өрүттэри холбоон үлэлэтэр тэрилтэ наада. Бүгүн оробуочай бөлөхтөр үлэлэрин кэннэ салгыы хамсааһын барбат. Итинник инструмент баара буоллар, сөптөөх түмүгү ситиһиэ этибит», – диэн кини быһаччы эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: