Эйэҕэс дьонноох Элгээйи эйэлээх олох эргийэригэр эрэнэр

Share

Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Анатольевич Григорьев байыаннай эпэрээссийэҕэ чиэстээхтик сулууспалыы сылдьар буойуттарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэктэн, улуустан уонна өрөспүүбүлүкэттэн оҥоһулла турар өйөбүл, көмө тустарынан кэпсээтэ.

— Билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэкпититтэн уопсайа алта уолбут байыаннай дьайыы сиригэр сулууспалыы сылдьар. Бу уолаттартан үһэ бэбиэскэнэн ыҥырыллан, түөрдэ бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн барбыттара. Биир уолбут кэргэнэ бастакы группалаах инбэлиит буолан, төттөрү кэлбитэ.

Байыастар барбыт күннэриттэн ыла нэһилиэк тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэрэ байыастар дьиэ кэргэттэрин шефтэһиигэ ылан, араас көмөнү оҥороллор. Өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан уонна олохтоох дьаһалтаттан харчынан көмө оҥоһуллар. Уолаттар байыаннай эппэрээссийэҕэ наадалаах малы-салы ылыналларыгар нэһилиэк олохтоохторо биирдиилээн харчынан көмөлөһөллөр, өй-санаа өттүнэн сүрүн өйөбүл буолаллар.

Ону тэҥэ байыастар дьиэ кэргэттэрэ нэһилиэк иһигэр ыытыллар култуура тэрээһиннэригэр босхо сылдьыынан, оҕолоро оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыллаллар. Оскуола кэлэктиибэ күһүн муҥха соботуттан матарбакка, күндүлээбитэ. Улуус иһинэн оҕолор лааҕырга баралларыгар олохтоох дьаһалта тиэхиньикэ өҥөтүнэн көмөлөстө, ону сэргэ бу дьиэ кэргэттэргэ тыраахтар өҥөтө босхо буоларын хааччыйдыбыт.

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыстык мастара, муустара тиэллэн, дьиэ кэргэттэр кыһыны этэҥҥэ туораан, үөрүүлэрэ улахан. Ыччаттар, тэрилтэлэр кыстыкка бэлэмнэнии кэмигэр оттук мастарын хайытан, саһааннаан туруоран, тэлгэһэ хаарын күрдьэн, тиэйэн биэрбиттэрэ. Соҕотох ийэ Людмила Михайловна Григорьеваҕа оттук мас атыылаһарыгар олохтоох дьаһалта харчынан көмөлөстө, икки ыалга социальнай хантараак оҥоһуллан, өйөбүл оҥоһулунна.

Ефремов Николай Ефремович-Мончуор Ньукулай төрөөбүтэ 100 сылынан сибээстээн кини оҕолорун, аймахтарын ааттарыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьонноох икки дьиэ кэргэн оҕолоругар харчынан көмөлөрүн туттартаан, күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолуулара биһирэбиллээх дьыала буолар. Ону таһынан нэһилиэккэ ыытыллар араас аахсыйалартан буойуттарбыт оҕолорун үөрүүлэрин үксэтэр сыалтан, Саҥа дьылга минньигэс бэлэхтэр, Кыайыы күнүгэр ас-үөл бородууктатын нобуора түҥэтиллибитэ, мантан да атын тэрээһиннэргэ дьоммут-сэргэбит көхтөөхтүк кыттан, байыаннай эпэрээссийэ түмүктэннэр ханнык диэн, араас көмөнү оҥорууттан туора турбаттар. Эйэҕэс дьонноох Элгээйи эйэлээх олох эргийэригэр эрэнэр уонна улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду ыытар аахсыйаларыгар куруук кытта, күүс-көмө буола олорор.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

9 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

11 часов ago