Өймөкөөн Аартыгар  элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуоҕа

Share

Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Аартык бөһүөлэгин олорор дьиэлэрэ ааспыт үйэ 50-60-с сыллар саҥаларыгар тутуллубут буолан, олус эргэрдилэр, үгүстэрэ хаарбах туруктаахтар.

Олохтоохтор сыл аайы кэлэр бырабыыталыстыба мунньаҕар саҥа дьиэ тутуутун туруорса сатыыллар да, кыаллыбат. Өрүү үп тиийбэтинэн, боппуруос оннуттан хамсаабат. Быйыл да бу кыһалҕа эһиилги отчуот сытыы боппуруостарын боротокуолугар киллэриллиэ эбитэ буолуо. Ол эрээри быйыл атырдьах ыйын бүтүүтүттэн, балаҕан ыйын саҥатыттан улуус салалтата ситэриилэх былаас отчуотугар киирбит боппуруостары хонтуруолга ылан үлэлэһиэҕиттэн ыла, үгүс кыһалҕалаах боппуруос быһаарыллан  эрэр.

Улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов уонна улуустааҕы инфраструктура сайдыытын уонна тэрийэр-правовой хааччыйыы сулууспатын салайааччыта Василий Поскачин өрөспүүбүлүкэтээҕи министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытта сирэй көрсөн кэпсэтиилэрин түмүгэр, кэккэ боппуруостар оннуттан хамсаан эрэллэр.

Ааспыт нэдиэлэҕэ киин куоракка сылдьан хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ үлэлэстибит. “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн СӨ Олорор дьиэ тутуугар дириэксийэ салайааччыта Игорь Алексеевы кытта көрсөн, Аартык бөһүөлэгэр 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун туһунан кэпсэттибит. Итинник дьиэни тутар уопуттаах тутааччылары кытта көрсөн, тутуу матырыйаалын, сыанатын, о.д.а. тэрээһин боппуруостарга сүбэлэстибит, уопут атастастыбыт.  Бу нэдиэлэ ортотугар Аартыкка тиийэн, улуус баһылыгын э.т. Александр Ивановы кытта саҥа тутуллуохтаах дьиэ миэстэтин көрдүбүт, тэрилтэлэринэн сырыттыбыт уонна хочуолунай кыстыкка бэлэмин, туругун көрдүбүт-иһиттибит.

Маны тэҥэ, бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгэр суолу өрөмүөннүү сылдьалларын тиийэн көрдүбүт. Бэдэрээтчит тустаах үлэтин оҥоро сылдьар. Төрүт суола сылы эргиччи үлэлиир статуһун ылар докумуону оҥотторо сылдьабыт. Сүрүн ирдэбиллэри толордубут, суол докумуонун оҥоттордубут. Сыл аайы суолу өрөмүөннүүр харчыны көрөн, үлэ салгыы барыаҕа.

 Оскуолаҕа сырыттыбыт. 2024-2027 сылларга Төрүккэ оскуола-уһуйаан тутуутун өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамытыгар номнуо киирэн, үлэ күөстүү оргуйа олорор эбит. Аны улуус дьаһалтатыттан бырайыактыыр-сметалыыр докумуоҥҥа үлэлэһиэхпит. 

… Ити курдук, улуустааҕы дьаһалта салайааччылара ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сытыы боппуруостары  быһааран эрэллэр.

Хаартыска -- Василий Поскачин тиксэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago