«Өймөкөөн» айан суолугар хаайтарбыт дьон олоҕор куттал суоһаабат
Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 15 күнүгэр, ардахтар уһуннук түһэннэр, «Өймөкөөн» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолун 20 км суол суураллан алдьаммыта биллибитэ диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Бу Өймөкөөн улууһун түөрт нэһилиэгин (Үчүгэй, Томтор, Өймөкөөн уонна Сордоҥноох) өрөспүүбүлүкэ атын улуустарын кытары ситимниир суол хас да сиринэн суураллан алдьанан, айаннаан иһэр дьон сир-халлаан анныгар хаайтарбыттара. Билигин 40-ча киһи «Күбүмэ» сапараапкатын аттыгар суол үлэһиттэрэ айан суолун өрөмүөннүүллэрин кэтэһэллэр.
Өймөкөөн улууһун дьаһалтата дьону аһынан-үөлүнэн уонна күннээҕи туттар табаарынан хааччыйда, кинилэр олохторугар уонна доруобуйаларыгар куттал суоһаабат, эвакуацияҕа наадыйбаттар.
Билиҥҥи туругунан уу таһыма түһэрэ бэлиэтэнэр. Улуус дьаһалтатын быһаарыытынан, бу нэһилиэктэргэ бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ олохтоммута. Чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ уу таһыма түспүтүн кэнниттэн тута саҕаланыахтара.
СӨ быыһыыр сулууспата өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар суол-тырааныспар ситимэ чөлүгэр түһүөр диэри бу нэһилиэнньэлээх пууннар хайысхаларынан айанныыртан туттуналларыгар сүбэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: