«Өймөкөөн амтана» гастрономическай бэстибээл туристары сөхтөрдө
Быйыл Өймөкөөн улууһугар “Тымныы полюһа Өймөкөөн” бэстибээл устуоруйатыгар аан бастаан “Өймөкөөн амтана” диэн гастрономическай бэстибээл тэрилиннэ.
Тэрээһини Өймөкөөн улууһунааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева, Томтор нэһилиэгин дьаһалтатын уонна олохтоох култуура дьиэтин дириэктэрэ, “Чысхаан дьиэтэ” айар киин салайааччыта Татьяна Бурцева, СӨ Ыалдьымсах буолуу ассоциациятын салайааччыта, “Саха сирин амтана” бырайыагы төрүттээччи Татьяна Тымырова көҕүлээһиннэринэн ыытылынна.
Сүрүннүүр үлэни тэрийбит Арктическай уонна хотугу куукуна бренд-шеф асчыта, Арассыыйатааҕы гастрономическай бэстибээллэр хас да төгүллээх лауреаттара Николай Атласов сонун сүүрээн туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— “Өймөкөөн амтана” диэн ааттыын да минньигэстик иһиллэр гастрономическай бэстибээл сылтан сыл аайы сонун көрүҥнэри киллэрэн иһэр кыһыҥҥы туризм бэстибээлин олохтоохтук тэрийэр Өймөкөөҥҥө олус тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык ааста. Манна сүрүн асчытынан “Муус устар” ыччат бэстибээлин идэтийбит асчыттар ортолоругар ыытыллыбыт күрэс кыайыылааҕа, “Республика” саха аһын астыыр саҥа эрэстэрээн Су-шеф асчыта Петр Аммосов сырытта.
Киниэхэ илии-атах буолан сылдьыбыт Өймөкөөн асчыттара эдэр киһи маастарыстыбатыгар тэҥҥэ кыттыһан, уопут атастастылар, бэрт элбэҕи биллилэр. Ордук мин өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр аһыллыбыт саха балаҕанын кафетын асчытын Денис Захаровы уонна пуобар Анастасия Громованы бэлиэтиэм этэ.
Гастрономическай бэстибээлгэ Өймөкөөн аатырбыт минньигэс аһын – үүт астан саҕалаан, эт уонна сир аһыгар тиийэ астаатыбыт. Ол ону бу менюбутуттан уонна галереяҕа киирбит хаартыскаларбыттан көрүөххүтүн сөп.
Мантан инньэ бу тэрээһин кыһыҥҥы туризм бэстибээлин анал былааныгар бастакынан киириэҕэ.
Онон аны “Өймөкөөн амтана” диэн гастрономическай бэстибээл аан дойдуга тиийэ аатыран, туристар саамай сөбүлүүр тэрээһиннэринэн буоларыгар эрэнэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: