Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо өрөспүүбүлэкэтээҕи ХVI ыһыаҕын тэрийиигэ улуус, нэһилиэктэр олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.
Ыһыах сиэрэ-туома толору тутуһулларыгар, ыалдьыттары, кыттааччылары көрсүүгэ, кинилэри ыһыах аһынан-үөлүнэн күндүлүүргэ, хонор сирдэригэр сөптөөх усулуобуйаны оҥорорго, күрэхтэри ыытарга уо.д.а. олохтоохтор көмөлөрө олус улахан. Ол да иһин, ыһыах дьонун махталын, ытыктабылын ылыан ыллылар.
Ыһыахха сылдьан көрдөххө, биһиги бары бэркэ билэр, таптыыр, киэн туттар Дугуйдаммытын кытары хаартыскаҕа бииргэ түһүөн, кыратык да кэпсэтиэн, сэһэргэһиэн баҕалаах олус элбэҕэ. Дугуйдан Винокуров бииргэ төрөөбүттэриттэн эмиэ ким да ыһыах тэрээһиннэриттэн туора турбата, бары сэмэй кылааттарын киллэрдилэр.
Кинилэри дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Дугуйдан бииргэ төрөөбүт балта Семерина Николаеваны кытары кэпсэттибит.
— Биһиги, Винокуровтар дьиэ кэргэн, сылгынан дьарыктанан бэйэбитигэр хаһаайыстыбалаахпыт. Аҕабыт Семен Львович оҕо эрдэҕиттэн сылгыга сыста улааппыт буолан, сылгыны 4 көлүөнэтигэр тиийэ билэр, Саха сиригэр биллэр сылгыһыт.
Биһиги дьиэ кэргэн кыра эрдэхпититтэн айылҕаны кытта алтыһан улааппыппыт. Саас төрүөхтэн саҕалаан, хойут күһүҥҥэ диэри сылгыларбытыгар оттоон, тэбис тэҥҥэ үлэҕэ сыста улааппыппыт.
Бииргэ төрөөбүттэр аҕыспыт уонна уонна 13 сиэн оҕолордоохпут.
Убайбыт Дугуйдан саха атын аар-саарга ааттатта, кини хорсун быһыытынан биһиги бары киэн туттабыт.
Балтыбыт Самаана акка сыстан, иккис сылын ат сүүрдэр, хорсун санаалаах кыыс, билигин 16 саастаах. Улахан эдьиийдэрбит эмиэ оҕо сылдьан ат сүүрдэр этилэр. Ийэбит Ирина Христофоровна эдэр сылдьан эмиэ ат сүүрдэрэ, онон Өймөкөөн улууһугар кыыс аймахтан аан бастакынан кини сүүрдүбүтэ. Билигин сыл аайы ат сүүрдүүтүгэр судьуйалыыр.
Ийэлээх аҕабыт биһигини үлэнэн иитэннэр, оҕолор махталбыт мунура суох.
— Өймөкөөҥҥө буолан ааспыт Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVI ыһыаҕар, улууспут бары олохтоохторун курдук, биһиги дьиэ кэргэн эмиэ сэмэй кылааппытын киллэрдибит дии саныыбыт.
Винокуровтар дьиэ кэргэн ыһыах аһыгар-үөлүгэр көмөлөһөн, сылгы этинэн, иһинэн, хаанынан уонна куобаҕынан, куһунан хааччыйдыбыт. Аҕабыт ыһыах аһыллыытын сиэригэр-туомугар атын сиэтэн киирбитэ, ону таһынан ат симэҕин күрэҕэр кытынна, уустар түһүлгэлэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Ийэбит ыһыах аһыллыытыгар сэлэлии хаамсыыга уонна хотугу түһүлгэҕэ ырыанан кытынна, тэрийээччи быһыытынан дэлэгээссийэлэри көрүстэ. «Долгунчаннан» ансаамбылынан фольклор күрэҕэр, ааҕыы марафонугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону эбээннии ааҕан кытынна, ат сүүрдүүтүгэр судьуйалаата.
Оттон Дугуйдан уустар түһүлгэлэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Ат сүүрдүүтүгэр балта Самааналыын 1600 килэмиэтиргэ бастакы миэстэни ыллылар.
София ыһыах ыһыллыытыгар маассабай сыаналарга кытынна. Мин ааҕыы марафонугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону аахтым, сахалыы таҥас симэҕин күрэҕэр кытынным. Бииргэ төрөөбүппүт Туйгун эмиэ ат сүүртэ, Адам ат сүүрдүүтүгэр абсолютнай чөмпүйүөн буолла. Аяврина ыһыах аһыллыытыгар Дьөһөгөй, «Эрэкэ-дьэрэкэ» үҥкүүлэрин толоруста.
Сайаана, Дьулуур, Виталина «Чысхаан остуоруйата» дьүһүйүүгэ кытыннылар. Агелия хотугу түһүлгэҕэ хотугу норуоттар таҥастараны көрдөрдө. Аграфена Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар «Эрэкэ дьэрэкэ» үҥкүүгэ кытынна.
Биһиги дьиэ кэргэн ыһыах ыалдьыттара ыраах айан диэбэккэ, тулуурдаахтык айаннаан кэлэн, тапталлаах Өймөкөөммүт сиригэр-уотугар дуоһуйа ыалдьыттаабыккытыгар, умнуллубат ыһыаҕы ыыппыккытыгар, дьоммутун-сэргэбитин сэргэхсиппитигэр олус махтанабыт.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…