Өймөкөөн улууһугар тиийэ сылдьыбыт дьон бары биир киһи курдук айана уустугун, уһунун, сылаалааҕын бэлиэтииллэр.
Ол эрээри ыраах айан бары уустуктарын сылаас массыыналаах, айанныы үөрүйэх, айанньыттарга болҕомтолоох сыһыаннаах уопуттаах суоппардар таксиларынан туһанар дьон, бу уустук айаны билбэккэ хаалаллар, уолаттарга махтал тыл бастыҥын аныыллар. Кинилэри бииргэ түмэн, үлэ кыраапыгынан Дьокуускайга уонна Магадааҥҥа сылдьар улуустааҕы диспетчерскэйи үлэлэтиини тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ бу соторутааҕыта ыарахан ыарыыттан эдэр сааһыгар олохтон барбыт Афанасий Десяткин-Охоноос буолар. Олох кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ кинини Охоноос диэн таптаан ааттыахтарыттан ыла, дьон бары бу аатынан кинини ыҥыраллара. Эдэр киһи дьону кытта бу аатынан билсэрэ. Бу аатынан кини үйэ-саас тухары чугас дьонун сүрэҕэр хааллаҕа.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо, Охоноос төрөппүттэрэ, чугас аймахтара түмсэн, уолларын кэриэһигэр анаммыт «Сырдык сулус буолан» кинигэ сүрэхтэниитин тэрийдилэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, төһө да иллэҥнэрэ суох буоллар, Охоноос бииргэ үлэлээбит урбаанньыт-таксист уолаттара бу тэрээһиҥҥэ эмиэ кыттыыны ыллылар.
Кинигэ сүрэхтэниитин туһунан Охоноос хаан уруу аймаҕа, “Чэчир” уһуйаан сэбиэдиссэйэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Уруйдаана Атласова маннык кэпсээтэ:
— «Сырдык сулус буолан» кинигэни Афанасий Десяткин-Охоноос сырдык кэриэһигэр анаан бииргэ төрөөбүт балта Евдокия Десяткина икки ый иһигэр бэлэмнээн бэчээттэттэ. Хайдах эрэ үөһэттэн ыйылларын курдук, төһө да айан суола уустугуран турдар, сэтинньи 8 күнүгэр кинигэ бэчээттэнэн тахсаатын кытта, таксист уолаттарын өйөбүллэринэн Өймөкөөн курдук ыраах сиргэ Охоноос төрөөбүт күнүн баттаһа, сэтинньи 11 күнүгэр кыраайы үөрэтээччи Сергей Егоров аатынан бибилэтиэкэҕэ сатабыллаах эдэр урбаанньыт туһунан өйдөбүнньүк кинигэ ыалдьыттар иннилэригэр баар буолбута. Өймөкөөҥҥө сылы эргиччи сырыы-айан быстыбакка бара турарын иһин Охоноос барахсан төһөлөөх сүүрбүтэ-көппүтэ, таксист уолаттары биир тыыннаан түмпүтэ буолуой? Билигин кини төһө да күн сириттэн букатыннаахтык бардар, оҥорон хаалларбыт дьыалата биир да күн тохтообокко чаһыы курдук үлэлии турар. Бу күннэргэ кыһыҥҥы суол аһыллара төһө да ырааҕын иһин, таксист уолаттар “стыковка” көрүҥүн туһанан, ыксаабыт дьону куораттан Уус Ньараҕа, улуус кииниттэн Дьокуускайга төттөрү-таары таһа сылдьаллар. Магадааҥҥа сырыы эмиэ быстыбат. Ол да иһин Охоноос туһунан ахтыы кинигэ икки күн иһигэр маннык ыраах айаҥҥа дойдутун буллаҕа.
Охоноос ыраахтан-чугастан кэлбит уруулара-аймахтара, чугас доҕотторо-атастара, учууталлара, нэһилиэк дьаһалтата, дьокутааттар уолбутун олус иһирэхтик ахтан-санаан аастылар. Алын сүһүөх кылааска үөрэппит учуутала, Төрүт орто көлүөнэ саастаах дьонун барыларын үөрэппит нэһилиэкпит ытык киһитэ Галина Горчакова Охоноос оскуолатааҕы сылларын аҕынна. Охоноос олох кыра сааһыттан тэрийэр дьоҕурдааҕын бэлиэтээтэ. Биллэн турар, лиидэр киһини иитиигэ Галина Григорьевна улахан олугу уурдаҕа.
Киэн туттар киһибит Охоноос олох кыра эрдэҕиттэн тустуу, волейбол диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ. Спорт кини олоҕун арахсыспат аргыһа буоларын ситиспит киһинэн Охоноос тириэньэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт улуустарын ааттатар спортсменнары иитэн таһаарбыт Павел Атласов уолбут спортивнай олоҕун бэрт сэргэхтик кэпсээн, барыбыт болҕомтобутун тарта.
Кэлин ситиһиилээх урбаанньыт буолан баран, Охоноос бары спортивнай тэрээһиннэргэ спонсордаан, ыччаттары көҕүлээн, элбэх киһини чэгиэн олоххо уһуйбута. Кинини тулалыыр дьоно бары чөл олохтоох дьон. Төрүт оскуолатын бибилэтиэкэрэ Светлана Босикова нэһилиэккэ оскуола тэрийиитинэн сыл аайы ыытыллар волейбол күрэхтэһиитин Афанасий Десяткин-Охоноос сырдык аатыгар аныахха уонна Охоноос тэрийбит билигин да тигинэччи үлэлии турар улуустааҕы ыраах айаны тэрийэр диспетчерскэйи кини аатынан ааттыыллара буоллар диэн баҕа санаатын эттэ. Онон бу кэскиллээх баҕа санаа туоларыгар эрэнэбит. 38 сааһыгар диэри Охоноос түөрт уол оҕолонон, дьиэ туттан, бэйэ дьыалатын тэринэн, биир дойдулаахтарыгар үтүмэн үтүөнү оҥорон, уолбут кылгас олоҕу олорорун сэрэйбиттии, барытын ситиһэ сатаабыт эбит. Өссө да төһөлөөх кэскиллээх былаан туолбакка хаалбыта буолуой? Охоноос ситэ оҥорботоҕун уолаттара салгыахтара, аҕаларын сырдык аатын үйэтитиэхтэрэ.
Саамай чугас доҕотторо-атастара, урбаанньыт уолаттар Охоноостуун доҕордоһууларын, түбүктээх үлэлэрин, дьоҥҥо үтүөтүн аҕыннылар. Бу киэһэ Охоноос үгүс чугас дьоно ыраахтан бэйэлэрин тус санааларын, баҕаларын социальнай ситим нөҥүө ыыппыттарын ааҕан, көрдөрөн билиһиннэрдибит. Охоноос аҕалаах ийэтэ Иван Афанасьевич уонна Раиса Гаврильевна ахтыы суруйбут дьоҥҥо, оскуола, нэһилиэк бибилэтиэкэлэригэр «Сырдык сулус буолан» кинигэни бэлэх ууннулар, барыларыгар махтал тылларын тиэртилэр. Түгэнинэн туһанан, кинигэни бэлэмнээһиҥҥэ уонна Охоноос төрөөбүт дойдутугар тиэрдиигэ сүүрбүт-көппүт дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Бу киэһэ уолбут кылгас эрээри олус чаҕылхай, үтүө олоҕун оҕо сааһыттан саҕалаан, эдэр сааһын ахтан-санаан, Охонооспут олоҕо, кырдьык да, кыл түгэнигэр сырдык сулустуу күлүмнээн, уйадытан ааста…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…