Өймөкөөн экс-бэрэссэдээтэлэ 5 сылга көҥүлэ быһылынна
Өймөкөөн оройуонун дьокутааттарын Сэбиэтин экс-бэрэссэдээтэлэ бүддьүөт үбүн-харчытын уорууга уонна сымыйа докумуоннары оҥорууга буруйдааҕынан билиннэ.
Бу туһунан Саха сирин Холбоһуктаах сууттарын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Суут быһаарыытынан, дьахтар бэйэтин аатыгар сокуоннайа суох бириэмийэ ааҕынан ылбыт (2019 сылтан 2022 сылга диэри) уонна уоппускатыгар кэмпэнсээссийэ (2015-2022) ылбыт. Ити курдук оройуон бүддьүөтүгэр 2,55 мөл. солк. тахса хоромньуну таһаарбыт.
Дьахтар буруйун билиммэтэҕин үрдүнэн, суут буруйдааҕынан билиннэ уонна 4 сылга кэтээн көрүүгэ болдьохтоон 5 сылга көҥүлүн быһарга быһаарыы ылынна. Ону тэҥэ былааһы кытта сибээстээх дуоһунастарга үлэлиирэ 3 сылга диэри быһылынна. Бириигэбэри таһаарыыга инбэлиит буолуута, бастакытын холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыыта, кэмсиниитэ, үчүгэй характеристиката, уо.д.а. учуоттаннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: