Өймөкөөн экс-дьокутаата бэйэтигэр сымыйа хамнас ааҕыммыт
Өймөкөөн оройуонун Борокуратуурата Өймөкөөн улууһун урукку улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин холуобунай дьыалатынан буруйдуур быһаарыытын бигэргэттэ.
Буруйданааччы икки састаабынан буруйданар: харчыны сокуоннайа суох туһаныы уонна дуоһунаһын туһанан сымыйа докумуону туттарыы.
Силиэстийэ быһаарыытынан, буруйданааччы дьахтар боломуочуйатын туһанан бэйэтин үлэ төлөбүрүн пуондатын улаатыннарарга туһааннаах докумуоннары оҥорбут. Ону таһынан уоппуска кэмин туһамматах күнүгэр харчынан кэмпэнсээссийэ төлүүр туһунан сокуоннайа суох дьаһал таһаарбыт. Чахчытыгар кини кэмпэнсээссийэ ылар бырааба суоҕа билиннэ. Уопсайа буруйданааччы дьахтар 2,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах оройуон бүддьүөтүгэр хоромньу таһаарбыт. Холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр ыытылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: