Өймөкөөн хорсун хоһуунугар – Георгий Жуков мэтээлэ туттарылынна!

Share

Бүгүн, муус устар 19 күнүгэр, Дьокуускай куоракка байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пууҥҥа сарсыарда 9 чааска өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаара Александр Авдонин Өймөкөөн улууһуттан байыаннай дьайыы кытыылааҕар  Михаил Охлопковка   байыаннай  эпэрээссийэ кэмигэр ураты хорсун дьоруойдуу быһыытын иһин Жуков мэтээлин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Аҕа дойду сэриитин кэмигэр аатырбыт улуу маршал, полководец Георгий Константинович Жуков аатынан мэтээл уйан-хатан биллэр уустук бойобуой киирсиилэргэ уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбут байыаннайдарга тиксэр улахан суолталаах наҕараада. Хоту дойду хоодуота аармыйаҕа сулууспатын кэннэ хантарааҕынан салгыы сулууспалыы хаалбытын, ол сылдьан байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбытын, дойдутугар кэлэн сыл кэриҥэ буолан баран, быйыл иккис хантарааҕынан байыаннай эпэрээссийэҕэ баран эрэрин туһунан кэпсээтэ. Биир дойдулаахтара кининэн киэн туттан туран, күүстээх, хорсун санаалаах уолларыгар, хоту дойду хоһуунугар кыайыы аргыстаах этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр алгыстарын ыыталлар.

— Өймөкөөн улууһуттан 2019 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан, Бурятияҕа мотострелковай сэриилэргэ пехотаҕа сулууспалаабытым. Улан Удэҕэ артиллерияҕа сылдьыбытым. Манна сулууспалаан баран, байыаннай хантараагынан салгыы сулууспалыы хаалбытым. Сулууспалыы сырыттахпына, учениеҕа барбыппыт. Ол кэмҥэ былырыын олунньу 22 күнүгэр байыаннай эпэрээссийэ биллэриллибитэ. Онон бу эпэрээссийэҕэ кыттар буолбуппут. Бастаан Белоруссияҕа тиийбиппит. Онтон кимэн киирэн, Киев чугаһыгар тиийэ сылдьыбыппыт. Иккиһин киириибитигэр Белгородынан Изюм куорат хайысхатынан салгыы барбыппыт. Ити хайысхаларынан буолуталаабыт кимэн киириилэри сонуннарга элбэхтэ сырдаппыттара, онон кэпсиир наадата суох. Мин үксэ буряттары, нууччалары кытта сылдьыбытым, аҕыйах саха этибит.
Бастакы контрагым ааспыт сайын бүппүтэ. Бааһырыы ылан дойдубар кэлэн сыл кэриҥэ буоллум. Билигин доруобуйам үчүгэй. Иккиһин бу хантараак түһэрсэммин, чааспар сарсын, өйүүн бараары сылдьабын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago