Өймөкөөн улууһун икки нэһилиэгин намыһах сирдэрин уу ылла
06.09.2024, 09:15
Хаартыска: Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Күүстээх ардах кэннэ Таас үрэх уонна Индигиир өрүстэр уулаарын таһыма үрдээн, Өймөкөөн улууһун Орто Балаҕан уонна Өймөкөөн нэһилиэнньэлээх пууннарыгар намыһах сирдэрин уу ылла.
Бу туһунан Саха сиринээҕи ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Маны таһынан «Өймөкөөн» айан суол 22 километрын учаастагын уу суурайда. Ол түмүгэр тырааныспар бары көрүҥэр сырыы тохтотулунна. Итинэн сибээстээн Өймөкөөн, Томпо, Орто Балаҕан уонна Үчүгэй бөһүөлэктэрин икки ардыларыгар айан-сырыы хааччахтанна.
«Билигин «Өймөкөөн» айан суола сабылынна. Бэдэрээтчит тэрилтэтэ суукканы быһа дьуһуурустуба олохтоото. Суол чөлүгэр түһэрэр үлэлэр уу түспүтүн кэннэ саҕаланыахтара.», — диэн Саха сиринээҕи суол управлениетыгар иһитиннэрдилэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: