Салгыы
Өймөкөөн меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын балаҕана тутуллан бүттэ

Өймөкөөн меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын балаҕана тутуллан бүттэ

06.06.2023, 17:47
Хаартыска: Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Сотору кэминэн Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөн нэһилиэгэр  Саха сирин 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Н.О. Кривошапкин уһаайба-дьиэтигэр сэһэн-сэппэн түһүлгэтигэр өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын уонна наука эйгэтин үлэһиттэрэ кыттыылаах урбаан, меценаттааһын тула «Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ»  кэпсэтии буолара былааннанар.

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун аатырбыт меценат-атыыһыта балаҕанын тутуута түмүктэнэн эрэр.

Тутууну былырыын күһүн улуус кыраайы үөрэтээччитэ Тамара Васильева сүбэтинэн саҕалаабыттар.

Балаҕан иэнэ – 62 кв м. Тутааччыларынан Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторо Любомир Кондаков, Семен Сивцев уонна маастарынан Тааттаттан төрүттээх саха балаҕаннарын тутууларын анаан чинчийэн үөрэппит сатабыллаах мас ууһа Владислав Малгин үлэлииллэр.

Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ кэпсииринэн, Ньукулай оҕонньор Тарыҥтан Өймөкөөҥҥө көһөн кэлэн олохсуйарын саҕана, бу маннык балаҕаны дьиэтин кытта тэҥҥэ сыһыары туппут эбит.

Ол гынан баран, 60-с сылларга балаҕаны көтүрэн, дьиэтин эрэ хаалларбыттар.

Өһүөтүн быһа эрбээбит суоллара хаалбыт эбит. Тутааччылар бастаан сирин буорун көннөрө сылдьан, балаҕан бэйэтин акылаатын булан ылбыттар. Баҕана төрдө, оһох холумтанын онно, киирии аан омооно тахсан кэлбиттэр.

Акылаатын түһэрэн баран, сыста турбут истиэнэҕэ балаҕан былыргы ойуутун таба өйдөөн көрөн, Владислав Малгин: “Көр, Оҕонньор бу балаҕан тутулларын кэтэспит курдук, көҥүллээтэ, анаан ыйан көрдөрдө дии”, — диэбит.

Онон Ньукулай Оҕонньор көҥүлүн ылбыттыы сананан, тутааччылар бу күннэргэ балаҕаннарын бүтэрэн, Олоҥхо ыһыаҕар үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: