Өймөкөөн олохтоохторо истиҥ махтал тылларын тиэрдэллэр

Share

Быйыл от ыйын 1-2 күннэригэр «Айыы санаа айана» өрөспүүбүлүкэтээҕи XVI Олоҥхо ыһыаҕа  төгүлүн   Өймөкөөн улууһун Томторун  «Көмүс күрүө» этнографическай комплекс  туонатыгар  үрдүк таhымнаахтык, дьон өйүгэр-санаатыгар умунуллубаттык хаалардыы тэриллэн ааста. 

Бу сүдү тэрээhини улуус 7 нэһилиэнньэлээх пуунун — Уус-Ньара, Томтор, Өймөкөөн,  Төрүт, Сордоҥноох, Үчүгэй уонна Аартык  олохтоохторун бэрэстэбиитэллэрэ 5000-тан тахса киһини көрсөн ыалдьыттаппыттара — быйылгы Олоҥхо Ыhыаҕын биир уратытынан буолла.  Томтор киин сиртэн тэйиччитэ, социальнай эбийиэгин ахсаана аҕыйаҕа кэккэ уустуктары үөскэтэ сырытта. Ол иһин биир киhи биэс киhини солбуйан, киин куораттан министиэристибэлэр, улуустартан анал тэрилтэлэр күүс-көмө буолан, тутуу, тэрээhин барыта кэмигэр оҥоhуллан, былааннаммыт үлэ барыта кэмигэр туолбута.  Маныаха улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов, Олоҥхо ыһыаҕын дириэксийэтин салайааччыта Николай Обоюков, улуустааҕы дьаһалта кылаабынай экэнэмииһэ Саргылаана Алексеева улахан тэрээһин үлэни ыыппыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Быйылгы  сааскыттан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Сергей Местников, СӨ Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн  Олоҥхо ыһыаҕын Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын  миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев суолталаах мунньах аайы бириэмэ булан сөмөлүөтүнэн көтөн кэлэн, бэйэлэринэн буола турар үлэни хонтуруоллаан, сүбэлээн, дьон санаатын көтөҕөн, сырдыкка көҕүлээн, Өймөкөөн улууһун олохтоохторо  «бэйэбит дьоммут» диэн ааттыыр убаастыыр салайааччыларынан буоллулар.

Бэс ыйын саҕаланыытыттан Томторго анаан «олохсуйа» кэлэн, суол-иис боппуруоhугар эрэ буолбакка, бары үлэҕэ тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн кыттыбыт, бэлэмнэнии үлэтин иилээбит СӨ  тыраанспарын миниистирин солбуйааччы Анатолий Потаповы томтордор билигин эмиэ бэйэлэрин киһилэринэн ааҕаллар.

«Айыы санаа айана» диэн аатынан Ыһыах кэнсэпсийэтин түстээбит  учуонай, академик Ульяна Винокурова  Өймөкөөн сирин олоҕуттан-дьаһаҕыттан, ытык өйдөбүллэриттэн таҥан 7 тутаах олугу инники күөҥҥэ туппута — ыһыах тутулугар таба тайаныы этэ.

Олоҥхо ыhыаҕын режиссера, Ил Дархан сүбэhитэ Андрей  Борисов салайар режиссерскай-туруорар бөлөҕө аҕыйах хонук иһигэр эдэри-эмэни хомуйа тардан, кинилэри кытта уопсай тылы була охсубута. Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева, сценарист Майя Власьева  бары сыраларын ууран туран үлэлээтилэр. Ол да иһин кинилэр эппиэттээх  үлэлэрин түмүгэ —  Олоҥхо Ыhыаҕын арыллыыта уонна сабыллыыта Өймөкөөн ыһыаҕын хас биирдии кыттааччытыгар кэрэ-сырдык өйдөбүл буолан хаалла.

Ыһыах култуурунай бэлэмин улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцеваны кытта биир ситиминэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията кыайа-хото тэрийэн, бэрт элбэх олоҥхоһут эдэриттэн-эмэнигэр тиийэ «тыынын таһаарда».

Махтал тылларын бастыҥа улуус нэһилиэктэрин, бөһүөлэктэрин баһылыктарыгар, Томтордооҕу култуура дьиэтин салайааччыта Татьяна Бурцеваҕа, Н. М. Заболцкай-Чысхаан аатынан орто оскуола дириэктэригэр Алена Егороваҕа ананнылар.

Аныгы олоххо сибээс ситимэ барытыгар сүҥкэн оруоллаах. Саха сирин бары олохтоохторо Өймөкөөҥҥө буола турар Олоҥхо ыhыаҕын быhа эпииргэ көрөллөрүн ситиспит «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег  Марков, тэлэбиидэнньэ дириэктэрэ Олег Колесов-Талбан, сибээс миниистирин солбуйааччы Андрей  Суслов биир ситимнээхтик үлэлээн, Өймөкөөн курдук адаар таас хайалардаах сиртэн аан дойдуга аатырар Тымныы полюһугар буола турар өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһин бу баардыы сырдатыллыбыта. Өймөкөөн улууһун олохтоохторо кинилэргэ махталлара муҥура суох.

Биллэн турар, ханнык баҕарар тэрээhиҥҥэ кыттар ыалдьыты, бастатан туран, кини  хайдах хонон-өрөөн, тугу аhаан-сиэн сылдьара долгутар.  Томтор улуус киинэ буолбатах буолан,  социальнай эбийиэк аҕыйаҕын быhыытынан хонор сир бэрт ахсааннаах этэ. Олохтоохтор дьиэлэрин туран биэрэн, араас эбийиэктэри чөлүгэр түhэрэн, элбэх дэлэгээссийэлэр түһэр сирдэрэ быһаарыллыбыттара. Ыалдьыттары олохтуурга  бэтэрээн учууталлар  Л.И.Егорова,  В.И. Сивцева,  Л.Е. Лазарева,  Л.П. Березкина,  А.В. Луковцева, Л.Н.  Бурцева күүс-көмө буоллулар. Кинилэр курдук барыга бары  көхтөөх дьоннорунан томтордор киэн тутталлар.

Оскуола, уһуйаан, успуорт уонна муусука оскуолалара, култуура дьиэтэ, бибилэтиэкэ уо.д.а. тэрилтэлэр бары ыалдьыттары көрсүбүттэрэ. Ити эбийиэктэргэ дьону олохтуурга ыhыах эрэ кэмигэр буолбакка, кулун тутарга Томторго буолбут научнай кэмпириэнсийэҕэ кытта (уhун кэмҥэ туттарга)  СӨ Өрөспүүбүлүкэтин успуордун министиэристибэтэ 900 раскладушканы биэрбитэ. Томтордооҕу олохтоох тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ маассабай успуорт уонна физическэй култуура управлениетын салалтатыгар Р.И. Оконешниковка,  күүс-көмө буолбут П.Н. Мишкҥҥэ  махталлара сүҥкэн.

Аһы-үөлү астааһыны Екатерина Окорокова салайааччылаах «Киви» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба кыайа-хото тутта. Ыhыах ыытыллыбыт күннэригэр эрэ буолбакка, бэлэмнэнии кэмигэр эмиэ элбэх ахсааннаах кыттааччылары, ыалдьыттары тото-хана аhатан дьон махталын ыллылар.

Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа Саха сирин дьоно түмсүүлээҕин, ураты сомоҕоһуулааҕын уонна  кыахтааҕын көрдөрдө. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago