Салгыы
Өймөкөөн оройуонугар халаан кэмигэр дьиэтэ суох хаалбыт дьиэ кэргэттэр саҥа дьиэ ылыахтара

Өймөкөөн оройуонугар халаан кэмигэр дьиэтэ суох хаалбыт дьиэ кэргэттэр саҥа дьиэ ылыахтара

04.08.2025, 13:00
Мария Васильева, ЯСИА
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн оройуонугар халаан кэмигэр дьиэлэрин олоччу сүтэрбит биэс ыал саҥа дьиэ ылыахтара. Бу туһунан телеграм-каналыгар Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

“Олорор дьиэни-уоту сыаналааһын түмүгэ: эмсэҕэлээбиттэргэ өрөмүөҥҥэ 200 тыһ. солк. төлөнүөҕэ. Дьиэтэ суох хаалбыт биэс ыал саҥа дьиэ ылыаҕа – үс кыбартыыра уонна икки кэтэх дьиэ”, — диэн суруйда Садовников телеграм-канаалыгар.

Уопсайа Госөҥө нөҥүө халаантан эмсэҕэлээбит дьонтон 2232 сайабылыанньа киирдэ: 1633 – биир кэмнээх көмөҕө, 598 – сүтэрбит баайдарын-дуолларын толуйтарыыга. Сайаапка 60 быр. көрүү түмүгүнэн 830 киһиэхэ бигэргэттилэр, 586 аккаас ылла (докумуона ситэтэ суох), 594 киһи төлөбүр ылла.

Бары сонуннар
Салгыы
20 декабря
  • -46°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 65% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: