Өймөкөөн сааһа — талааннаах фотограф хараҕынан
Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын култуураҕа салаатыгар исписэлииһинэн үлэлиир. Хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыгырбыта быйыл лоп курдук 10 сыл буолла. Үксүн айылҕа кэрэ көстүүлэрин, дьыл кэмин уратыларын сөбүлээн түһэрэр.
- Хаартыска: С.Сивцев.
Худуоһунньук идэлээх буолан, ураты кэрэни булан көрөр. Күн тахсыытын-киириитин, сиик түһүүтүн, кыыллар-көтөрдөр хамсаныыларын таба көрөн, сонордоһон, сыралаһан, күлүм түгэни хаартыскаҕа хатыырын сатыыр. Туһугар туспа умсулҕаннаах да, сыралаах да идэ буоллаҕа. Кини учуутала – Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Александра Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма.
Төрөөбүт-үөскээбит сирэ Өймөкөөн — бэйэтэ да ураты кэрэ айылҕалаах, баай бултаах-алтаах дойду. Хаардаах төбөлөөх, хачыр таастаах хайалар, кылыгырас ыраас уулаах өрүстэр, нарын-намчы күөх ньургуһун тэлгэнэ үүнэр көнө-налыы хонуулара, кыһыннары тоҥмот, сир анныттан тахсар сылаас уулаах үрэхтэр – бу барыта Өймөкөөн.
Өймөкөөҥҥө саас кэлиитэ ураты алыптаах. Ол ону талааннаах худуоһунньук, фотограф Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэрбит хаартыскаларыгар кэрэхсээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: