Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын чэрчитинэн үгүс тутуу барда, араас олус наадалаах тиэхиньикэ саҥардылынна.
Аҥардас Сордоҥноох нэһилиэгэр үгүс тутуу баран, киһи билбэт гына тубуста. Быйыл сордоҥноохтор бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын иитинэн туох былааннахтарын туһунан баһылык Альберт Вензель маннык иһитиннэрдэ:
— ППМИ бырагыраамата олоххо киириэҕиттэн ыла нэһилиэкпит тас көстүүэ биллэ тубуста. Сордоҥнооххо кэлбит эрэ киһи олохтоох дьаһалта турар киин уулуссатыттан саҕалаан, нэһилиэк туһунан иһитиннэриини барытын билэр-көрөр. Ол курдук, дьаһалта иннигэр Тымныы полюһа буоларбытын бигэргэтэр сыыппара кыраадыстан саҕалаан, нэһилиэкпит ытыктанар биллэр-көстөр дьонун туһунан истиэндэлэри көрөн билсэххэ сөп.
Улуу Кыайыыга анаммыт искибиэрбит — нэһилиэк биир киэн туттар сирэ. Быйылгы бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) икки бырайыагы олоххо киллэрэр соруктаахпыт. Аныгы олох хаамыытынан Улуу Кыайыы искибиэрин саҥардар былааннаахпыт. Онно байыаннай дьайыыга кытта сылдьан, олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбытыгар анаммыт мраморынан мэҥэ өйдөбүнньүктэри оҥорторуохпут. Биир өттүгэр — сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр анаммыт эмиэ мрамор-истиэндэ оҥоһуллуоҕа.
Маны тэҥэ, иккис улахан бырайыакпыт — ыһыахтыыр сирбитин саҥардыы. Улуус салалтатын үбүнэн өйөөһүнүнэн күрүөнү-хаһааны саҥардыахпыт, дьон олорор ыскаамыйаларын, ураһалары сөргүтүөхпүт.
Ити курдук, улуус биир ыраах, кыра эрээри, олус тупсаҕай көстүүлээх Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторо нэһилиэктэрин туһугар олус кыһаллар дьон үгүс сонун сүүрээни олоххо киллэрэр былааннаахтар. Онон бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) араас куонкурустарга кыттан иһэр буолан, Сордоҥноох нэһилиэгэ сылтан сыл аайы тупсан иһэр.
Бу күннэргэ муус ылыыта саҕаланна. Тыа сирин олохтоохторугар сыл тахсар мууһунан хааччыныыга былдьаһыктаах күннэр тураллар.…
ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтоох дьахтарыттан сайабылыанньа киирбит. Дьахтар биир саайтка…
Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха 12 №-дээх “Улыбка” оҕо уһуйаана “Строительнай” уокурук кырачаан иитиллээччилэригэр аанын тэлэччи…
Дьааҥы улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох ыал массыыналарын күрэппиттэрин туһунан тыллаабыттар. Силиэстийэ быһаарыытынан, эмсэҕэлээччи эр…
Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, «Оһуохай» түмсүү өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр түһүлгэтин саҕалаата. Арчы…
Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр «Пятерочка» уонна «Дикси» атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар чиэрбэлэри булбуттар. Уопсастыбаннай потребительскай көҕүлээһин салайааччыта…